“Дыгын Оонньуулара”
Бэҕэһээ, бүгүн, сарсын...
Олоҥхоҕо охсуһуу төрдө баайдар наһаа киэптээн, ыһыах ыһан, онно абааһыны күрэхтэһиигэ ыҥырыыларыттан саҕаланар.
Онтон боотурдар халыҥ хахха, суон дурда буолаллар. Биир хоттордоҕуна атын күүстээҕи ыҥыраллар. Абааһыны ир суолун ирдэтэллэр. Олоҥхо мэлдьи Кыайыы ыһыаҕынан, аны киэптээбэккэ эйэлээхтик, түмсүүлээхтик олорорго уһуйуунан түмүктэнэр.
Туймаадаҕа ыһыах үһүйээнинэн үйэтитиллибитинэн сэһэргээтэххэ маннык. Эллэй эһэбит олорор түөлбэтин дьонун мунньуутуттан саҕаламмыта. Дыгын кырдьаҕас кэмигэр улуустар бэртэрин ыҥыран, кэпсэтиннэрэн, күрэхтэһиннэрэн, ким туохха дьоҕурдааҕын тургутара күүһүрбүтэ. Онно баһылык баай сүүрүү, оҕунан ытыы, тустуу түмүктэринэн бастыҥ боотурга кыыһын ойох биэрэбин диэн илдьиттээбитэ. Оччону истэн эҥин бэртэр бэртэрэ кэлбиттэрэ. Бары көрүҥҥэ Бороҕон улууһун киһиттэн эрэ ураты бөдөҥ боотура Майаҕатта Бэрт Хара тэҥнээҕин булбатаҕа.
Номоххо Эллэйтэн, Дыгынтан түстэммит Туймаада ыһыаҕа буолбакка сылдьыбыта. Биирдиилээн тэрилтэлэр, оскуоланы, үөрэҕи бүтэрбиттэрэ хас эрэ сылын бэлиэтээччилэр, төрөөбүт, үлэлээбит, аймахтарын бөһүөлэктэринэн, улуустарынан, идэлэринэн түмсээччилэр ыһыахха майгынныыры сөбүлүү көрбүт сирдэригэр салама тардан, мээнэ аһылык, күрэхтэһии оҥороллоро, спартакиадалар ыытыллаллара. Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев көҕүлээһининэн, 1991 cылга оччотооҕу Үрдүкү Сэбиэт 12-с ыҥырыытын дьокутааттара бэс ыйын 21 күнүн ыһыах күнүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырааһынньыгынан уонна өрөбүлүнэн биллэрэргэ докумуон оҥорбуппутун куоластаан ылыммыппыт. Ону оччотооҕу куорат баһылыга Илья Михальчук өйөөн, ипподромҥа Туймаада ыһыаҕын ыытарга дьаһал ылынарын кытта, бу бырааһынньык өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаммыта. Ипподромҥа бастакы ыһыахха “Үрүҥ Уоланы” быһаарыы балаһыанньата тахсыаҕыттан хас да көрүҥ түмүгүнэн саамай күүстээҕи, кыахтааҕы быһаарар түһүлгэлэр Туймаада ыһыаҕын туохтан да ордук элбэх дьону сэҥээрдибитэ. Онно бастаабыттар тута өрөспүүбүлүкэ биир саамай биллиилээх киһитэ буола түһэллэрэ. Үстэ бастаабыт Иннокентий Макаров, элбэх сыл бастакы–иккис миэстэни эрбии биитинии эрийсэн алта-сэттэ төгүллээх Дыгын дарханнара Николай Дьяконов, Иван Белолюбскай тыыннаах номох буолбуттара. Кэлин иннин биэрэ илик Егор Филиппов супер-сулуска кубулуйда. Билигин кинини кыайыахтара дуо диэн таайа сатааччы элбэх. Быһатын эттэххэ, итинник кус быһыйдарбытын, ат бөҕөлөрбүтүн көрөөрү даҕаны ыһыахха барыа да суох дьон оҕонньоруттан оҕотугар, кырдьаҕаһыттан кыыһыгар, эмээхсиниттэн эдэригэр диэри Үс Хатыҥҥа барыы-кэлии ырааҕын, элбэх транспорт мэһэйдиирэ эрэйдээҕин кэрэйбэккэ бараллар. Биирдэ түүн хойукка диэри кыайыылаах ким буоларын көрөөрү ардах анныгар олорбуппут. Тоҕуоруһааччы онно да аҕыйаабатаҕа.
Ити ыһыах киэргэлэ буолбут, норуот тапталын ылбыт оонньуулар уруккуттан туох уратыланнылар, быйыл ыытыллыа дуо? Инникитин хайдах буолуой? Ити элбэх дьон билиэхтэрин баҕарар ыйытыыларыгар Дьокуускай куорат физкультураҕа уонна спортка управлениетын салайааччыта Константин Бурцев тугу саныырын уонна туох үлэни, хайдах ыыта сылдьарын туоһуластыбыт. Сэһэргэһээччибит быйылгы дьаҥынан “Дыгын оонньууларын” хайдах ыытар туһунан кэпсэтиилэргэ сороҕун онлайн форматынан ыытарга этии киирбитин олох сөбүлээбэтэх. Хойутаан да буоллар, хайаан да көрөөччүлээх оҥорорго туруорсар.
Кырдьыга да, сорох спортсмен, дуобакка кытта, утарсааччыта хайдах тыына, бэлэмнэнэ, тутуһа-хабыһа сылдьарыттан күүһүрүөн да, мөлтүөн да сөп. Итинник дьайыыны ыалдьааччылар ыһыыларыттан-хаһыыларыттан эмиэ ылар. Ол бэйэтэ туспа кэрэхсэбиллээх. Ону онлайны кытта хайдах тэҥниэххиний? Ким астыныай? Итиннэ санаабыт биир эбит.
--Константин Семенович, эн элбэх көлөһүҥҥүн тохпут, бу эйгэҕэ элбэх билэр киһилээх, маастар буолуохха диэри боксаласпыт, сүүрүүнэн эмиэ үлүйэр киһи, бука, Дыгын оонньууларын эрдэттэн сэҥээрбит буолуохтааххын.
- Мин эрэ буолуо дуо? Киһи үксэ ону көрөөрү ыһыахха кэлэллэр диэтэххэ, омун диэбэт инилэр.
- Мин санаабар, оннук.
- Куорат ыһыахтара 90-с сыллартан ипподромҥа саҕаламмыттара. “Дыгын Оонньуулара” 1995 сылтан ыытыллыбыттара.
Мин 2008 с. куорат управлениетыгар кэлбитим. Ыытыллар көрүҥнэрбит сыл аайы уларыйа сылдьаллара. Инньэ гынан спортсменнар эрдэттэн туохха бэлэмнэнэллэрин билбэт этилэр. Ыһыах биир эрэ күн ыытылларынан алта көрүҥҥэ киирсэн сылайаллара. Ол иһин уларытарга этии киллэрбитим. Алта диэн сыыппара сахаҕа оччото суох. Онон икки күҥҥэ сэттэ көрүҥ оҥоруохха диэн буолбута.
-- Итиннэ көрүҥнэри кимнээҕи кытта хайдах талбыккытый?
- 2008 сылтан ыла бастайааннай көрүҥнэр торумнаммыттара. Сыл устатыгар кыттааччы эрчиллэрин курдук, эрдэ маннык көрүҥнэргэ күрэхтэһии буолар диэн биллэрэбит. Урут ким барыта киирэр этэ. Көрөөччүлэр эҥин кытталлар этэ. Холуочуктар да холоноору моһуоктууллара. Бастыҥ бары хаачыстыбатын, холобура, күүстээх, быһый эрэ буолбакка, имигэһин эмиэ көрдөрөрүгэр бэйэм толкуйдаан баран, 2009 сылтан тутум эргиири киллэрбитим. Икки мүнүүтэҕэ 50-тэн тахсата эргийэллэр.
Дмитрий Шарин, Илья Скрябин, Белолюбскай Уйбаан сүбэлэһиигэ кыттыбыттара. Билигин дьон үксэ сөбүлээн, ким да атыны киллэрэ сатаабат. 2010 сыллаахха түүнү быһа киирсибиттэрэ дии. Сэттэ уонтан тахса киһиттэн талыллан киирэллэр. Күрэхтэһии хаачыстыбата тубуста. Үс төгүл үскэ, тутум эргииргэ урут бастыҥ көрдөрүүлэринэн билигин ырааппаккын, онуска тэбиллиэххин сөп. Биир эрэ көрүҥ буолбатах буоллаҕа дии. Дьон күүстээх дьону көрөөрү мустар.
- Финалга талыыны урут икки күрэхтэһиинэн сүүмэрдииргит. Быйыл үс күрэхтэһиинэн быһаарыахпыт диэбиккит. Биири эрэ оҥорбуккут. Былырыыҥҥы чемпион Егор Филиппов, тутум эргиир рекордсмена Алексей Уваровскай (Кэбээйи) уонна былырыын путевка ылан баран, Бүлүүгэ баран массыынаттан маппыт Владимир Федоров (Ньурба) эрэ путевкалаахтар.
Атын финалистары хайдах, хаһан талаары гынаҕытый?
- Тоҕус путевканы былдьаһарга бэлэмнэнэ сылдьааччы төһөтүн этэр уустук, элбэх буолуо. Харантыын тохтоото да, сүүмэрдиири Иван Белолюбскай кубогар табылыннаҕына, от ыйыгар быһаара охсон, финалы балаҕан ыйыгар, Куорат күнүгэр “Туймаада” стадиоҥҥа, ардах буоллаҕына “Дохсуҥҥа” ыыппыт киһи диибит. Дьону босхо киллэрэн.
- Бэрт буолуо эбит. “Туймаадаҕа” ыга киирдэхтэринэ, 18 тыһыынча киһи батар.
- Куорат баһылыгар Сардаана Авксентьеваҕа киирэн маннык былааннаахпыт диэбиппэр, сөбүлэспитэ. Матвей Евсеев үбүлүүр баҕалаах. Бириистэри булаллар. Дыгыны хайаан да ыытабыт дии сылдьабыт. Көрөөччү баар буоллаҕына, барыта үчүгэй буолуо этэ. Суруйтарааччылар бааллар. Билиҥҥитэ икки эрэ киһи диэбиттэрэ. Кыттааччылар эрдэ кистэнэллэр. Быйыл кыттыбатым буолуо эҥин диир идэлээхтэр. Буолар диэн биллэрдибит да, тоҕо анньан кэлиэхтэрэ. Буолар дуу, буолбат дуу диэн ыйытыы элбэх. Иван Белолюбскай бөлөҕүн уолаттара бэлэмнэнэ сылдьаллар. Егор Филиппов, Николай Матаннанов туруктара үчүгэйэ иһиллэр. Саха сиэринэн бары да улаханнык саҥарбаттар. Варданян, Федоров ыйыталаһаллар. Уолаттар бэлэмнэрэ үчүгэй быһыылаах. Онон тыҥааһыннаах, сенсациялаах буолуон сөп. Үөһээ Бүлүү уола да эбиллибитэ буолуо. Ким төһө бэлэмнээҕэ биллибэт. Уопсайынан, кистээн бэлэмнэнэллэр.
Спорка дьарыктаныыга да, көрүөн баҕалаах да, коронавируска олорон хаайтаран түмсэллэрин аҕыннахтара. Онон спорт маассабаһа өссө элбиэх чинчилээх.
Ураты ыһыах кыайыылаахтара
Туймаада ыһыаҕа-2020 чэрчитинэн икки көрүҥҥэ онлайн күрэһэ буолла.
Хабылыкка кыайыылаахтарынан бары Дьокуускай олохтоохторо буоллулар:
18-гар диэри саастаахтарга
1.Айыына Ермолаева
2.Кристина Прохорова
3.Аделина Потапова
1.Богдан Журавлев
2.Марат Ляшеев
3.Афанасий Афанасьев.
18-тан 55-гэр диэри саастаахтарга
1.Ньургуйаана Данилова
2.Мария Иванова
3.Ирина Новгородова
1.Виктор Новгородов, 2.Уолан Оконешников 3.Алексей Тимофеев.
56-тан үөһээ саастаахтарга
1.Наталья Никифорова
2.Капиталина Алексеева
3.Клара Дегтярева
1.Дмитрий Иванов
2.Андрей Софронеев
3. Валерий Кириллин.
Тутум эргиир.
17-гэр диэри саастаах уолаттарга тоҕус кыттааччыттан кыайыылааҕынан икки мүнүүтэҕэ 64-тэ эргийбит 12 саастаах Сайаан Макаров (Бүлүү) таҕыста. 61-дэ эргийбит 16 саастаах Алексей Махаров (Үөһээ Бүлүү) иккис миэстэ буолла. Боруонса мэтээли 49-та эргийбит Горнайтан Айхал Васильев ылыаҕа.
Оттон эр дьоҥҥо кыайыылааҕынан Хабаровскайтан кыттыбыт биир дойдулаахпыт, Булгунньахтаах ыччата, 22 саастаах Федор Григорьев таҕыста – 44 эргиир.