Дыгын боотурдара
“Өрөгөй” спорка бэлэмнэнии киинигэр “Дыгын оонньууларын” иккис сүүмэрдиир күрэхтэһиитэ түмүктэннэ.
Манна лидердэр маҥнайгы күнтэн эрбии биитин курдук эристилэр. Бүлүүттэн төрүттээх Дмитрий Петров 50 очукуоланан бастакы миэстэҕэ таҕыста. 20 саастаах Уус Алдан Дүпсүнүттэн төрүттээх Никита Новгородов иккис (51 очукуо), киниттэн биир сыл балыс куорат боотура Айсен Елисеев үһүс (52 очукуо) буоллулар.
Эдэрдэр үүнүүлэрин урукку бастыҥнар Петр Старостин, Айсен Семенов, Иннокентий Борисов ортоку миэстэлэргэ олоруулара көрдөрдө. Миэстэлэспит уолаттар аны сайын “Туймаада ыһыаҕар” Леонид Филипповы, Вячеслав Дьяконовы, Дьулустаан Ноговицыны, Николай Матаннановы, Егор Филипповы, Тимофей Большакову, Артем Варданяны, Владимир Федоровы, Павел Друзьяновы кытта сүрүн сыаналаах бириистэри былдьаһыахтара. Бастаабыт спортсмеҥҥа “Прогресс” тэрилтэ дириэктэрэ Алексей Пинигин былырыыҥҥытын курдук сүрүн спонсор буолан биир мөлүйүөн солкуобайы туттарарга мэктиэтин биэрдэ.