Дуунньа дьулаан кэпсээннэрэ
Арыт, саҥардаҕына, тохтообот, сорох кэмҥэ ууну омурдубуттуу иһийэр дьикти-дьиибэ майгылаах билэр дьахтарым баара. Манна аатын уларытан, Дуунньа диэтим.
Кини дьиибэтэ диэн: киһи итэҕэйимиэн курдук күннээҕи олоххо дьүөрэтэ суох сэһэннээҕэ. Ол иһин сорохтор күлүү гынар эбит буоллахтарына, сорохтор кини кэпсээнин итэҕэйэр, аһаҕас харахтааҕынан ааҕар этилэр. Соторутааҕыта бу Дуунньаны бэркэ билэр, кинилиин өр кэмҥэ алтыспыт билэр дьахтарбын көрсөн, бука диэн “Дуунньа абааһыларын” туһунан кэпсииригэр көрдөстүм.
Кылабыыһа аттыгар
Биирдэ, эмиэ биирдэ, Дуунньа биир ыала дьахтардыын күрүөһүлээн куоппут торбосторун көрдүү халдьаайынан хаампыттар. Бу – дэриэбинэттэн чугас баар киһи уҥуохтаах халдьаайы. Былыргы да, хойукку да бокуонньуктары бөһүөлэк дьоно манна кистииллэр эбит. Бу диэки ынах сүөһү бэркэ таптаан мэччийэр үгэстээҕэ үһү. Онон бөһүөлэк дьоно ынах киирэн сүргэйбэтин диэн кылабыыһаны таһынан аҕыраадалаан кэбиспиттэр. Дьэ, Дуунньалаах бу сир эргин торбосторун көрдүү сатаабыттар да, мэлийбиттэр. Тиһэҕэр, «күрүө иһин киирэн көрүөххэ, кыра торбостор курдары-хардары төһө баҕарар киириэхтэрин сөп» диэн ааттаан, кылабыыһа иһигэр киирбиттэр. Торбосторун ааттарынан ыҥыра-ыҥыра, киһи уҥуохтаах сиринэн өр хаампыттар. Онтон Дуунньа “ол былыргы уҥуох кэннигэр туохтар эрэ хаамсаллар, баран көрүөх” диэн дьахтарын ыҥырбыт. Сүөһүлэрин булбут саҕа сананан, ол диэки тиэтэйэ-саарайа хаампыттар. Онтон Дуунньа соһуччу тохтуу биэрбит да: “Атын күтүр!” – диэн кыламмыт. Аргыһа ол хаһыыттан куйахата күүрбүт, этэ саласпыт. Ол кэннэ, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, сүбэлэспит курдук бууттара быстарынан бөһүөлэк диэки тэптэрбиттэр. Сотору кэминэн сылайан-быстан тохтообуттар. Уоскуйа түһэн баран анараа дьахтар Дуунньаттан: “Бээрэ, ити биһиги туохтан куоттубут? Тугу көрдүҥ?”– диэн сураһааччы буолбут. Дуунньа чочумча тохтуу түһэн баран: “Ити хамсааччылары чахчы торбостор сылдьаллар дии санаабытым. Онтум баара кып-кыра муостаах дьоннор дьон уҥуоҕуттан тугу эрэ ылҕыы-ылҕыы ньамалаһа сылдьаллар эбит. Биирдэстэрин сирэйэ сиикэй эттии кып-кыһыл. Ону көрөн соһуйбут омуммар хаһыытаабыппын да билбэккэ хааллым”, – диэн кэпсээннээх буолбут. Аргыһа дьахтар туох да диэн хоруйдуон дуу, буойуон дуу билбэтэх. Кэлин кэпсииринэн, кини эмиэ ити сир диэки тиийэн иһэн кута-сүрэ бэрт дьиктитик өрүкүйбүт, чахчы, ким эрэ баар сибикитин сэрэйэ испит үһү. Дьэ ол иһин даҕаны, хаһыыны истээт, куотарга таласпыт.
Аттаах абааһылар
Биирдэ Дуунньа дьону кытта отоннуу барсыбыт. Айылҕаҕа тахсыбыт дьон үөрүү-көтүү аргыстаах отонноох сирдэригэр сатыы айаннаабыттар. Биир уһун унньугур алааһы, быһалаары, ортотунан быспыттар. Ситэн кэнчээрилии илик охсуллубут алаас хаамарга бэрт да бэрт үһү. Хаамтахха, сир, мэктиэтигэр, сурдурҕаан олорор эбит. Дуунньа сири билэрин аанньа инникилээбит. Суол тухары идэтинэн айаҕа хам буолбакка, ону-маны кэпсии-ипсии испит. Ол иһэн алааһы ортолуулларын саҕана сирдьиттэрэ эмискэ саҥатыттан маппыт. Алаас саҕатыгар баар суол диэки чарапчылана-чарапчылана одуулаһан барбыт. Аргыстара “Тугу көрөҕүн?” диэбиттэригэр: “Ээ, ойуур быыһыгар аттаах дьон бааллар, кимнээх буоллахтарай диэн көрөбүн”, – диэн хоруйдаабыт. Дьахталлар тугу этэрэ буолла диэн бары кыҥастаһа-кыҥастаһа ойуур диэки көрө сатаабыттар да, дьөрү киһитээҕэр буолуох ыты да көрбөтөхтөр. Билэр өттүлэрэ “Дуунньабыт эмиэ ыарыыта киирээри гыммыт” диэн өрө тыыммыттар. Ол курдук быһалаан тутуһуохтаах суолларыгар тахсыбыттар. Бу баран иһэн Дуунньалара: “Оо, түҥнэри көтөөрү гынна”, “Бай, бу эмиэ иһэр”, “Аргыый айаннат, доҕор” дии-дии суол икки өттүнэн сүүрэ сылдьыбыт. Чахчы ким эрэ баарыныы кэннин хайыһан көрөр эҥин эбит. Онтон биирдэ тохтоон: “Һуу, ахсым айаннаах аармыйа доҕор, Сибиэтээ (чугас дьүөгэтэ), эйигин чуут түҥнэри көтө сыстылар дии, хаҥас өттүгүнэн таарыйар таарыйбат аастылар”, – диэннээх буолбут. Ол этииттэн Сибиэтэтэ улаханнык кыыһырбыт. “Ону-маны туойума”, – диэн күргүйдээн кэбиспит. Бэрт үчүгэйдик саҕаламмыт күннэрэ ити түгэнтэн сылтаан күлүгүрэн хаалбыт. Иллээх баҕайытык кэпсэтэ сылдьыбыт дьон саҥата-иҥэтэ суох барбыттар. Ол курдук кэри-куру отонноон, киэһэтин дьиэлэрин булбуттар.
Кэлин, ити түгэн кэннэ ый эҥин буолан баран, Сибиэтэ дубук туттан оттулла турар оһох билиитэтигэр хаҥас илиитин улаханнык сиэппит этэ. Ол кэннэ, сураҕа, Дуунньаттан били аттаах дьону сураспыт үһү. Анарааҥҥыта: “Ээ, ол дьон диэн. Өссө ынырык дьүһүннээх абааһылар бааллар ээ. Олор киһи-киһи курдук этилэр. Туохха эрэ олус тиэтэйэллэрэ”, – диэн баардылаабакка сапсыйан кэбиспит.
Ити курдук Сибиэтэ эчэйиитигэр аттаах абааһылар кыттыгастаахтара-суохтара биллибэккэ хаалбыта.
Оптуобуска
Дуунньа оҕо сылдьан тастыҥ эдьиийин кытта куоракка киирсибит. Ол-бу быстах наадаларынан куораты биир гына кэрийбиттэр. Киэһэлик күнү быһа сылайыахтарыгар диэри хаамсыбыт дьон автовокзалга тиийээри оптуобуска олорбуттар. Оптуобус иһигэр, үөрүөхтэрин быатыгар, киһи аҕыйах буолан биэрбит. Дуунньалаах түгэх сидиэнньэҕэ олорунан кэбиспиттэр. Балачча айаннаабыттарын кэннэ ханнык эрэ тохтобултан түөрт омук дьоно олорсубуттар. Дуунньа ол дьон киирээттэрин кытта дьик-дьах туттубут. Тутан олорор маллаах суумкатынан бүөлэнэн, саһан ньыкыйбыт. Эдьиийэ туора омугу көрбөтөх кыыс тэһииркээтэ быһыылаах диэн сонньуйа саныы испит. Ол курдук айаннаан испиттэр. Эмискэ уочараттаах тохтобулга оптуобус тохтоотун кытта Дуунньа хаһыытаан бытарыппыт да, тутан олорор суумкатын быраҕан кыыраппыт. Ол кэннэ ойон туран тохтоон турар оптуобус аһаҕас аанынан таһырдьаны былдьаспыт. Эдьиийэ, хайыай, таһаҕаһын соспутунан балтын кэнниттэн эккирэппит. Тахсан баран тохтобул кэннигэр тыын быһаҕаһынан тыына турар кыыһын булан, туох буолбутун туоһуласпыт. Анарааҥҥыта тыына бобулла-бобулла маннык диэн кэпсээннээх буолбут. Били түөрт омук дьоно киирэллэригэр кэннилэриттэн биир дьикти бэһис киһи батыһан киирбит. Уһун хомуһуол сонноох эбит. Атыттартан уратыта диэн дьүһүнэ-бодото, били, кутталлаах киинэлэргэ баар зомби курдук эбит. Ол баҕайы иччитэ суох харахтарынан тула баар дьону сыымайдыы одуулаабыт. Чочумча буолаат хараҕа кинини тонолуппакка одуулаһа олорор Дуунньаҕа хатаммыт. Дьикти харамай, көрдөөбүппүн буллум ээ диэбиттии, сарбайбыт тарбахтарын адаарыппытынан түгэх сидиэнньэ диэки хаампыт. Нэксиэҕэ эҥин отой кыһаллыбакка уунан устардыы хамсанара үһү. Ол курдук айаннаан бу аттыларыгар тиийэн кэлбит. Тыынан хаахыныыра отой бу үрдүлэринэн буолбут. Онтон ыксаан Дуунньа сарылаабытынан куоппут эбит.
Дэлби уолуйбут, куттаммыт Дуунньа ити курдук кэпсээннээх буолбут. Эдьиийэ биир да киһи суох этэ дии сатыырын Дуунньа баар этэ дииртэн атыны билбэтэх. Хайыахтарай, хаалбыт үс тохтобулларын сатыы айаннаан, үлэхтээх массыыналарын булан, дойдуларын диэки этэҥҥэ айаннаабыттар.
Ыт абааһыта
Мин кыра сылдьан Дуунньа дьулаан кэпсээннэрин туора дьонтон истэрим. Онтон төһөтө кырдьыктааҕын, төһөтө тупсарыллыбытын билбэппин. Биирдэ бииргэ оонньуур кыыһым маннык түбэлтэни кэпсээбиттээх. Киниэхэ ону Дуунньа аймаҕа кыыс кэпсээбит үһү. Дьэ ол курдук аһаҕас харахтаах Дуунньа маннык диир эбит: “Киһи эрэ абааһылаах буолбатах эбит. Кыыллар эмиэ абааһы буолан сылдьыахтарын сөп. Уопсайынан, абааһылар айыы харамайдарыттан атыттара диэн дьүһүннэрэ сүрдээҕин айгыраабыт, бодолоро буорайбыт буолаллар. Үкчү ити ужаска баар курдук харамайдары кытта көрөн турардаахпын”. Ол кэннэ дьиэтин эргин сылдьар ыт абааһытын туһунан кэпсээбит. Ол ыт оонньуута суох уонча сыл тухары кини дьиэтин аттыгар көстүтэлиир эбит. Биир үксүн сарсыарда тыҥ хатыыта таһырдьа таҕыстахха биллэн ааһара үһү. Кимиэхэ да туох да куһаҕаны оҥорор былаана суох дьаалытынан дьаарбайа сылдьар буолар эбит. Дуунньа маҥнай көрөрүгэр көрүөхтэн ынырык дьүһүннээх харамай күүлэтин кирилиэһин анныттан ойон тахсан куттаабыт. Саллайбыт улахан төбөтүн кыҥначчы туттан, кыһыл уһун тылын туора уобан, ханньайан-нүксүйэн, чахчы, көрүөххэ сүрдээх дьулаан эбит. Тииһэ бараммыт айаҕар тугу эрэ ньулук-ньалык ыстаан онньоҥолото сылдьар, сыта-сымара ыраатта сытыйбыт-ымыйбыт өлүктүҥү буолара үһү. Дуунньа хаһыс да күнүн бу харамайын көрө үөрэнэн, кэлин, кэргэннэһэн, хата, сүттэҕинэ сүтүктүүр эҥин буолан барбыт. Кэлин ол ыттыҥы харамай халлааннаан көппүтэ, сирдээн тимирбитэ биллибэккэ таһы-быһа сүтэн хаалбыт. Дуунньа сылыктыырынан, кэмэ кэлэн барыахтаах сиригэр барбыт буолуон сөп үһү. Инньэ гынан ыттарбыт-кустарбыт эмиэ өллөхтөрүнэ абааһы буолуохтарын сөп курдук.
Дьэ ити курдук хабааннаах Дуунньа дьулаан кэпсээннэрэ үгүс. Кини чахчы аһаҕас харахтааҕын дуу, эбэтэр кыратык, сорох этэринии, “бырахтарар” ыарыылааҕын дуу билбит суох. Ол эрээри абааһы баар диэни итэҕэйэр дьон сиэринэн, кырдьыктаныах санаам баһыйар. Биллибэт-көстүбэт эйгэни бүтэй эттээхпитинэн, билбэппитинэн саба быраҕан сымыйа диирбит сыыһа буолуон сөп курдук. Ол эрээри аттыбыт барыта барыҥнас абааһы диэн дьик-дьах туттарбыт эмиэ сатамньыта суохха дылы. Онон, ааҕааччы, истибиппин-сэргээбиппин суруйбуппун куттуу сатаабыкка холуйбакка, ырааһынан ылыммакка, баалаабакка, баарынан ааҕаргар баҕарабын.