Дуума Бэрэссэдээтэлэ Федерация Сэбиэтин Сенаторын кытта көрүстэ
Көрсүһүүгэ Дьокуускай куорат маастар-былаана олоххо киириитин уонна социальнай-экономическай сайдыытын дьүүллэстилэр. Альберт Семенов Дьокуускай 2024 сыллааҕы бүддьүөтүн уонна маастар-былаан чэрчитинэн былааннаммыт эбии үбүлээһин туһунан кэпсээтэ.
«Эһиилгиттэн улахан үлэ күүтэр. Маастар-былаан олоххо киириитигэр 500 мөл. солкуобайтан тахса көрүлүннэ. Туруоруллубут соруктары толорорго Олохтоох дьаһалтаны уонна дьокутааттар куорпустарын күүстээх үлэ күүтэр. Бастакы сорукпут – эргэрбит уонна хаарбах туруктаах олорор дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү, социальнай эбийиэктэри тутуу», – диэн үллэһиннэ Альберт Семенов.
Итини сэргэ, Дуума Бэрэссэдээтэлэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна дьиэ кэргэттэрин өйүүр саҥа миэрэлэр тустарынан кэпсээтэ. «Дуума III-с уочараттаах сессиятыгар дьокутааттар 2003 сыллааҕы «Куорат уокуругар нолуок политикатын туһунан» уураахха уларытыылары киллэриигэ сыһыаннаах икки боппуруоһу өйөөтүлэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын бары категорияларыгар сир нолуогун чэпчэтиитэ уһатылынна. Байыаннай сулууспалаахтарга уонна анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар нолуок чэпчэтиитэ 50%-тан 100%-ҥа диэри улаатта. Ити өйөбүл миэрэтэ былырыыҥҥыттан үлэлиир», – диэн кэпсээтэ кини.
Альберт Семенов каадырдары бэлэмнээһин боппуруоһун туруорда уонна исписэлиистэр тиийбэттэрин быһаарыыга кэккэ этиилэри киллэрдэ. Итини таһынан, куорат киининээҕи уонна кытыытынааҕы хомунаалынай инфраструктура сайдыытын, суол өрөмүөнүн дьүүллэстилэр.
Көрсүһүү түмүгүнэн, Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов Сахамин Афанасьевка болҕомтотун иһин махтанан туран, дойду үрдүкү сокуонун оҥорор уорганын бэрэстэбиитэллэрэ, регионнардааҕы кэллиэгэлэрин кытта үлэлэһэн, Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбата үрдүүрүгэр сөптөөх механизмнары тобулалларыгар эрэнэрин биллэрдэ.