Дуобат оҕо логикатын сайыннарар
Мария Константиновна Ефимова сиэнин Анжелина Дьячковскаяны кыра эрдэҕиттэн дуобакка сырытыннарар. Анжелина өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, аан дойду таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара, Дьокуускай куораттааҕы лицей 6 “а” кылааһын үөрэнээччитэ. 10 сааһыгар спорт маастарыгар кандидат нуорматын толорбута.
Сиэнин үөрэҕэр ситиһиилэрин, киһи быһыытынан дьоһун буола улаатан эрэрин эбээтэ дуобаты кытта ситимниир:
– Сиэним кыыһы олох кыратыттан, оҕо саадыттан саҕалаан, дуобакка сырытыннарбытым. Бастаан оҕо саадыгар үөрэппиттэр этэ, уһуйаанын иһигэр күрэххэ бастаан соһуппута. Уонна бэйэтэ наһаа баҕалааҕын иһин, куоракка баар куруһуоктарга киллэрэ сатаабытым. Уһуйаан оҕотун кыра диэн ылбаттар эбит. Бэйэбит оонньуур буолбуппут. Онтон дьэ, оскуолаҕа киирэн баран, тренердэргэ дьарыктанар буолбута.
Дьиэ кэргэммитигэр дуобатчыттар бааллар. Аймах оҕолорбут оонньуур этилэр, Чурапчы спортоскуолатын бүтэрбиттэрэ. Биир балтым Ирина Дьячковская (Платонова) – дуобакка спорт маастара. Онон Анжелинаны кытта дьиэ иһигэр дьарык курдук оонньооччулар.
Төрөппүттэр солото суох үлэлиир кэмнэригэр сиэннэри иитиигэ биһиги, эбээлэр-эһээлэр, оруолбут улаатан тахсар. Мин оҕобун бэйэм ДЮСШ-ҕа таһар буолбутум. Оруобуна биэнсийэҕэ барар кэмим тиийэн кэлбитэ, онон сиэммин сайыннарыыга ылсыбытым. Дьарыгар илдьэрим-аҕаларым таһынан, күрэхтэһэ барарыгар айаҥҥа тэҥҥэ сылдьарым.
Оҕо сайдыыта барыта дьиэ кэргэниттэн тутулуктаах. Биһиги күрэхтэһиилэргэ барар-кэлэр бырайыаспытын бэйэбит уйунабыт. Онон оҕону сайыннарыыга үп-харчы угуллуохтаах диэн этэбин. Барбатахха-кэлбэтэххэ оҕо ситиһиилэммэт, устунан сайдыбакка хаалыан сөп.
Дуобат оскуола бырагырааматын баһылыырга олус көмөлөһөр эбит дии санаатым. Сиэним математикатыгар үчүгэй – күрэхтэргэ, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттар. Начаалынай кылаастарга туйгун үөрэнээччи этэ, билигин хорошист. Бастакы учуутала логиката сайдыбыт оҕо диэн тута бэлиэтии көрбүтэ. Дуобат – оҕо логикатын, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар. Оҕо дуоспуруннаах, оттомноох, биир сиргэ өр олорон толкуйдуур, туруоруммут сыалын ситиһэр дьулуурдаах буолар эбит.
Спортивнай оскуолаҕа дуобакка дьарыктанарын астынар. Салҕыбат, төттөрүтүн, ылларан иһэр. Дуобатчыттар бэйэлэрэ туспа эйгэлээхтэр. Кинилэри тренердэрэ күнү быһа остуолга олордон дьарыктыыллар диэн буолбатах, оҕо-оҕо курдук сүүрэн-көтөн оонньоон ылаллар.
Бастаан утаа хотторуу аһыыта ыарахан этэ. Улахан күрэхтэһиилэргэ аччаабыта 30-40 оҕо кыттар, оттон мэтээлиҥ 3 эрэ устуука буолар. Ол иһин хотторооччута олус элбэх буолар. Биллэн турар, бастаан ытааһын-соҥооһун да баар этэ. Тренер уонна төрөппүт маннык кэмҥэ оҕону сөпкө өйүөхтэрин наада. Спортка үктэлтэн үктэлгэ тахсан истэххэ эрэ ситиһии кэлэр. Бастаан син биир хотторуулар баар буолаллар. Оҕо хотторууттан самныбат, төттөрүтүн, күүс ылар буолуон наада.
Дуобат биир баартыйата улахан күрэхтэһиилэргэ 3 чаас устата барар. Ону оҕо эрэ тулуйбат. Оҕо хараактыр өттүнэн кытаанах, күүстээх буолар эбит. Маннык умсугуйар, ис дууһатыттан ылларар дьарыктаах оҕону оҕо саас үөрүүтүттэн матарар курдук саныыр сыыһа. Оҕо оҕо курдук оонньоон-көрүлээн сылдьаллар, сынньанары эмиэ сатыыллар.
Бастакы тренербит Мария Никитична Бырдынныроваҕа, билигин ДЮСШ-5 тренербит Василий Николаевич Кычкиҥҥа махтанабыт. Тренери кытта төрөппүттэр биир санаалаах, сыаллаах-соруктаах буоллахтарына ситиһии кэлэр.