Дьулуурунан уонна талаанынан
Саха төрүт оонньуутун мас тардыһыытын сиһилии көрдөрөр, дириҥ ис хоһоонун арыйар “Дьулуур” уус-уран киинэ Саха сиринэн эрэ муҥурдаммакка, бүтүн Арассыыйа киинэ тыйаатырдарыгар сүрэхтэннэ. Соторутааҕыта “Дьулуур” киинэ режиссера Валентин Макаров Ульяновскайга ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ бастыҥ режиссер аатын ылла, кыайыылаах буолла.
Оттон биһиги бүгүн киинэҕэ сүрүн дьоруой оруолун толорбут, саха киинэтин эйгэтигэр номнуо бэйэтин көрөөччүтүн булбут, Олоҥхо тыйаатырын биир тарбахха баттанар талааннаах артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Гаврил Менкяровы кытары истиҥник сэһэргэстибит.
Хас биирдии оруолбун аймаҕыргыыбын
– Гаврил, эн аатыҥ тыйаатыр сыанатыгар, ордук саха киинэтин эйгэтигэр киэҥник биллэр, иһиллэр. Хаһааҥҥыттан киинэҕэ уһуллан саҕалаабыккыный? Бастакы оруолуҥ? Барыта хас киинэҕэ уһулуннуҥ?
– Аан бастаан 2010 сыллаахха “DETSAT” айар бөлөххө сылдьан “Көҥүл Боотурдар” диэн киинэҕэ Дуораан Боотур оруолун оонньообутум. Ол иннинэ “Кыһын тымныы эрээри” уонна “Снайпер саха” диэн киинэлэргэ маассабай сыанаҕа уһулла сылдьыбытым. Киинэ эйгэтин кытары аан маҥнай онно билсибитим.
2010 сылтан саҕалаан быстах даҕаны, сүрүн даҕаны оруолларга оонньообут киинэлэрим ахсааннара син мунньуллубут эбит. Барыта 15 киинэҕэ уһулуннум уонна 12 киинэҕэ бэйэм суохпун эрээри куолаһым баар – дьоруойу саҥардарга үлэлэспитим.
– Саамай өйдөөн хаалбыт, бэйэҕэр чугастык ылыммыт оруолуҥ ханныгый?
– Саамай өйдөөн хаалбыт дуу, өйдөөн хаалбатах дуу диэн оруолум суох. Хас биирдии оруолбар бэйэбиттэн тугу эрэ биэрэн, саҥа тугу эрэ арыйан үлэлииргэ кыһаллабын. Ол иһин оруолларым бары миэхэ тэҥ сыанабылы ылаллар. Хас биирдии оонньообут дьоруойбун бэйэбэр чугастык уруурҕуу-аймаҕыргыы көрөр идэлээхпин. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр син биир тугунан эрэ чугастар, тугу эрэ санаталлар уонна туохха эрэ үөрэтэллэр, онон оруолларбын, оҥорбут уобарастарбын барыларын күндүтүк саныыбын.
– Киинэҕэ бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаабат, араас оруоллары итэҕэтиилээхтик оонньуугун. Ол иһигэр олоххо баар буола сылдьыбыт дьоруойдары эмиэ. Оруолга хайдах киирэҕин?
– Артыыс идэтигэр үөрэппиттэрин курдук уонна бэйэм өйдөбүлбүнэн оонньуур оруолум хайдах буолуохтааҕый диэн санаанан салайтарабын. Оонньуохтаах оруолбун хайдах тутта-хапта сылдьарыттан саҕалаан майгытыгар-сигилитигэр, туох үөрүйэхтээҕэр диэри барытын сиһилии үөрэтэбин. Онтон ырытан, ыйааһыннаан көрөн баран, ханнык эрэ хаачыстыбатын хаалларан, ханнык эрэ сөп түбэспэт диэбиппин сыыйан, күннээҕи олохпор киллэрэн, сыыйа бэлэмнэнэн барабын. Холобур, оонньуохтаах дьоруойум үөрүйэҕэ (привычката) бэйэбэр суох буоллаҕына, ону наар туттан, кырдьыкка майгыннатан эбэтэр бэйэбэр баары, буола сылдьыбыты хостоон таһааран көрдөрөргө кыһаллабын.
Туох хайа иннинэ оонньуохтаах персонажпын бэйэбин кытары тэҥнээн көрөбүн, ханнык өрүттэрбит майгыннаһалларын булабын. Холобур, Далан айымньытынан уһуллубут “Дьикти саас” киинэҕэ Гассан оруолун толкуйдуурбар майгыннаһар өрүттэрбитин сурунан, маннык чахчылары булбутум: Гассан – тыа уола, мин эмиэ – тыа уолабын, кини оскуоланы бүтэрээри сылдьар, мин эмиэ оскуолаҕа үөрэммитим. Оттон «Айыы Уола» киинэҕэ эмиэ майгыннаһар өрүттэрбит бааллар этэ: иккиэн Кытай гороскобунан Ат сылыгар күн сирин көрбүппүт, кини тохсунньу 7 күнүгэр төрөөбүт, мин – тохсунньу 4 күнүгэр, иккиэн гитараҕа оонньуур эбиппит. Ол кэннэ майгыннаспат өрүттэрбитин булан, уобараһы толору оҥорон таһаарабын.
Чугас дьонум өйөбүллэринэн
– Эн сүрүннээн үтүө, көнө майгылаах уобарастары арыйаҕын. Оттон омсолоох дьоруой ол эбэтэр антогонист оруолун толоро сылдьыбытыҥ дуо?
– Киинэ көстөрүн тухары куһаҕаны оҥоро сылдьар киһи буолбатах эрээри, биир түгэҥҥэ көстөн ааһар омсолоох дьоруойу оонньообутум. Ол киинэ улахан экраҥҥа өссө даҕаны тахса илик, таҕыстаҕына көрүөхпүт. Олоҥхо тыйаатырын сыанатыгар Абааһы Уолун оруолун үс испэктээккэ толорбутум.
– Киинэҕэ араас түгэннэри итэҕэтиилээхтик көрдөрөҕүн. Интимнэй сыаналар эмиэ көстөөччүлэр. Олоҕуҥ аргыһа, чугас дьонуҥ, дьиэ кэргэниҥ ону хайдах ылыналларый?
– Артыыс буоларым быһыытынан, киинэҕэ уһулларбар ким эрэ оруолун толоробун, дьиҥ бэйэбинэн сылдьыбаппын. Киинэ – олоххо буолбут эбэтэр толкуйдаммыт сценарийынан суруллубут көстүү, онон киһи ылынарыгар ыарахан өлүү, ыалдьыы о.д.а. араас сыаналарга оонньонор оруоллар баар буолаллар. “Маннык оруолу толоруоҥ дуо диэтилэр, ону хайдах дии саныыгыт?” – диэн кэргэммин, төрөппүттэрбин кытары сүбэлэһэбин. Кинилэри кытары тугун-хайдаҕын кэпсэтэн, сүбэлэһэн баран ылсабын. Ол иһин чугас дьонум өттүттэн уһуллубут киинэбин көрөн баран сыыһа өйдөөһүннэр, өйдөспөт буолуулар тахсыбатахтара, барытын сөпкө ылыналлар.
2-с кылаастан артыыс буолуохпун баҕарар этим
– Артыыс идэтин хайдах талбыккыный уонна онно туох төрүөт буолбутай?
– Урут Саҥа дьыл тэрээһинигэр Эһээ Дьылы арыаллыыр Саҥа Дьыл диэн персонаж баара, кини оруолун кыра оҕо толороро. Кыра сылдьан Саҥа Дьыл оруолун толорор чиэскэ тикссибитим. Онтон аҕыс саастаахпар, иккис кылааска үөрэнэ сылдьан, артыыс буолар эбиппин диэн инники идэбин номнуо талбытым. Онно Чочу оскуолатын иһинэн үлэлиир драмкуруһуок сабыдыаллаабыта. Драмкуруһуокка иккис кылааска киирбитим, Суорун Омоллоон “Күкүр Уус” пьесатын туруорбуппут, мин Күкүр Уус оруолун толорбутум. Сыанаҕа аан маҥнай тахсыбыппар ураты тыыннаах дьикти иэйии киирбитэ, ол курдук бэйэбэр саҥа эйгэни арыйан, оҕолуу санаабар олус сэргээн, сөбүлээн, артыыс буолар эбиппин диэн булгуруйбат санааҕа кэлбитим.
Инники олохпун тыйаатыры кытары ситимниир баҕа санаа үөскээбитэ. Ол санаабыттан халбарыйбакка, артыыс идэтигэр үөрэнэн, билигин Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиибин, киинэлэргэ уһуллан, сөбүлүүр идэбинэн дьарыгыра сылдьабын.
– Тыйаатыр уонна киинэ майгыннаһар эрээри тус-туспа эйгэлэр. Искусство бу икки хайысхатыгар тэҥинэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар киһи бу эйгэлэр уратыларын, майгыннаһар өрүттэрин туһунан тугу кэпсиэҥ этэй?
– Киинэ уонна тыйаатыр ини-бии курдук биир силистээх-мутуктаах эйгэлэр. Киинэ тыйаатыртан төрөөн-үөскээн тарҕаммыт искусство. Тыйаатырга кыайан кэлбэт дьоҥҥо анаан, маркетинг уонна прокат өйдөбүлүгэр олоҕуран, испэктээги элбэх көрөөччүнү хабар сыаллаах уус-уран оонньонор киинэ жанрын үөскэттэхтэрэ дии. Онон сүрүн өрүттэрэ майгыннаһаллар эрээри, тыйаатыр уонна киинэ оонньонор албастара уратылаһаллар. Холобур, тыйаатырга сыанаҕа тахсан куоласкын улаатыннаран, араастаан илиигинэн-атаххынан киэҥник хамсанан оонньуохтааххын. Оттон киинэҕэ камера иһигэр батан оонньуур дьоруойуҥ уобараһын уйулҕа көмөтүнэн тиэрдиэхтээххин, үөрүүнү-хомолтону хараххынан оонньоон тириэрдэҕин.
Дьулуур оруолун толороору, 15 киилэни бырахтым
– “Дьулуур” киинэҕэ сүрүн оруолу толороҕун. Бу оруолуҥ туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Дьулуур тулаайах буолан, олох араас кыһалҕатын оҕо эрдэҕиттэн билэн улааппыт. Дьылҕа эриирдээх тургутуутун дьоһуннук ааһан, ханнык баҕарар түгэнтэн кыайыылаах тахсарга дьулуһар эр киһилии быһаарыныылаах уол.
Бу киинэ биир уратыта – мас тардыһыытын туһунан маҥнайгы киинэ буолар. Ону таһынан, бу киинэни Москватааҕы продюсерскай киини кытары бииргэ үлэлээн, кыттыгас бырайыак буоларын быһыытынан, бэс ыйын 2 күнүттэн Арассыыйа үгүс киинэ тыйаатырдарыгар улахан экраҥҥа көстө турар.
– Киинэ дьоруойа спортсмен, оттон бэйэҥ спортка сыһыаннааххын дуо?
– “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларыгар кыратык сэгэтэ түстэххэ, бэйэм оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан драмкуруһуок таһынан, спорт секцияларыгар боксанан уонна тустуунан дьарыктанан көрбүтүм. Ол эрээри наһаа дьаныардаахтык буолбакка, тус бэйэбэр диэн дьарыктаммытым, онон спорка наһаа чугаспын дэммэппин.
Бу киинэҕэ бэлэмнэнэрбэр, “Дьулуур” киинэ продюсера, режиссера Валентин Макаров ирдэбиллээх дьаһалынан, киинэҕэ уһуллуохтаах уолаттары кытары Григорий Мочкин диэн тренергэ дьарыктанан саҕалаабыппыт. Салгыы “Модун” спорткомплекса Василий Протопоповка мас тардыһыытыгар дьарыктаммыппыт.
“Дьулуур” киинэ бырайыагын кэнниттэн спорка сыһыаным биллэ уларыйда, спорт мин олохпор уратытык киирдэ. Оҕо сааспар дьаныардаахтык дьарыктамматах буоллахпына, билигин спорда суох этим-сииним ыалдьыах курдук буолар. Бириэмэ көһүннэ даҕаны, саалаҕа сылдьа сатыыбын.
– Дьулуур уобараһын арыйаргар туох ыарахаттары көрүстүҥ?
– Киинэҕэ уһуллаары спордунан дьарыктаныам иннинэ 80 киилэ ыйааһыннааҕым. Спортсмен оруолун толорор буоламмын, былчыҥа көстөр киһиэхэ майгынныахтааҕым. Ол иһин аҕыс уон киилэттэн ыйааһын түһэринэр сыал-сорук турбута, маҥнай төһө кыалларынан этим-сииним кууруохтаах-хатыахтаах этэ, уубун-сыабын суох гынарга кыһаллыахтааҕым. Онно сөп түбэһэр диетаны тутуһан аһыыр уонна дьарыктанар бырагыраама суруйан биэрбиттэрэ. Ону барытын тутуһан, тренер ирдэбиллээх дьарыгын көмөтүнэн биир ый иһигэр 12 киилэни бырахпытым.
Күннээҕи аһыы үөрэммит аспыттан аккаастанар, онно эбии күүстээх эт-хаан дьарыга ыарахан этэ. Киинэҕэ уһулларбар номнуо 65 киилэ буолбутум.
Москвалары кытта үлэлээтибит
– Киинэни хамаанда устар. «Дьулуур: мас-рестлинг” хамаандатын туһунан кэпсээ эрэ. Кимнээх баалларый? Устуу хаһан саҕаламмытай?
– Киинэ идеятын уонна сценарийын ааптарынан туруорааччы режиссер, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыһа Валентин Макаров буолар. Бу бырайыак кини көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Ону таһынан продюсерынан уонна сүрүн оруоллартан биирдэстэрин толорооччунан Иннокентий Луковцев буолла. Туруорааччы операторынан Семен Аманатов үлэлээтэ. Кинини кытта эрдэ “Айыы Уола” уонна “Бөртөлүөт” киинэлэргэ үлэлээбиппит.
Сценарийга Валентин Макаровы таһынан Мария Находкина уонна Москваттан исписэлиистэр үлэлээтилэр. Ону тэҥэ туруорааччы худуоһуннуктар, тыас-уус оператордара, гримердар, артыыстар о.д.а. бары биир санаанан тапсан үлэлээтибит.
Саха киинэтигэр маннык халыҥ хамаандалаах киинэ устуулара үлэлээн эрэллэрэ сүрдээх үчүгэй, сайдыы баран иһэрэ харахха быраҕыллар.