Дубайга олохсуйбут саха кыыһа
Саха кыргыттара сайдыылаах омук сирдэригэр олохсуйаллара, үлэлии-хамсыы сылдьаллара олус кэрэхсэбиллээх. Хаһыаппытыгар дөрүн-дөрүн да буоллар, аан дойду араас муннугар олохсуйбут эдэр дьону сырдатабыт.
Дубай – холбоһуктаах Арабскай Эмираттар саамай улахан куората уонна аан дойду үрдүнэн үбү-харчыны эргитэр киин. Оксана Степанова онно олохсуйан олорбута быйыл бэһис сыла буолар.
– Үтүө күнүнэн, күндү “Киин куорат” хаһыат ааҕааччылара. Миигин кэпсэтиигэ ыҥырбыккытыгар сүрдээҕин үөрдүм уонна долгуйдум.
Мин Ньурба Антоновкатыттан төрүттээхпин. 2001 сыллахха Антоновка орто оскуолатын бүтэрэн, Саха судаарыстыбаннай университетыгар английскай тыл учууталын идэтин баһылаабытым. Ол кэннэ, дойдубар кэлэммин учууталынан үлэлээбитим. Салгыы бэйэбин сайыннарар сыалтан уонна атын идэни баһылаары, СГУ-га үп-экономика институтугар киирэн үөрэммитим. Онтон федеральнай налоговай сулууспаҕа инспекторынан түөрт сыл үлэлээбитим. Бу кэннэ олохпор саҥа уларыйыылары киллэрээри, көһөргө санаммытым.
2015 сыллаахха Нью-Йорк куоракка сынньана тиийэн бараммын санаам тосту уларыйбыта. Америка улахан куоратын көрөн, хараҕым аһыллыбыт курдук буолбута. Биирдэ бэриллибит олохпор атын дойду олоҕун-дьаһаҕын, култууратын үөрэтэр санаа киирбитэ.
– Дубай курдук ыраах сиргэ олохтоохтук көһөн тиийэргэ хайдах быһаарынныҥ?
– Көһөн кэлиэм иннинэ биир сылы быһа бэлэмнэммитим. Харчы мунньунан, атын олоххо-дьаһахха бэлэмнэнэн, өй-санаа өттүнэн бэйэбин бэлэмнээн, туох баар ымпыгы-чымпыгы учуоттаан, интэриниэт куйаарын нөҥүө бу дойду олоҕун барытын үөрэппитим.
Эрдэ Дубай туһунан соччо-бачча аахайбат этим, көһөн кэлиэм эрэ дии санаабатаҕым. Ол эрээри Дьылҕа Хаан суолунан ыйдаран уонна бииргэ үөрэммит дьүөгэм сүбэлээн-амалаан кэлбитим. Аан бастаан биир ый уоппуска ыламмын, миэхэ төһө табыгастааҕын кэтээн көрбүтүм.
– Итиннэ тугу үлэлиигиний? Олох-дьаһах хайдаҕый?
– Авиацияҕа сыһыаннаах Falcon International Fze чааһынай хампаанньаҕа, атыыга менеджеринэн үлэлиибин. Тэрилтэбит сүрүннээн бөртөлүөттэргэ, улахан сөмөлүөттэргэ саппаас чаастары атыылыыр, техническэй өрөмүөннээһин өҥөтүн оҥорор.
Манна дьон үксэ английскайдыы саҥарар. Бизнес салаата барыта бу тылынан үлэлии олорор. Бэйэм төрөөбүт сахам тылынан, нууччалыы уонна английскайдыы холкутук саҥарабын.
Дубай – 50 сыл иһигэр өҥүрүк куйааска, кумах куйаарга бэйэтин сайдыытын, кыаҕын таһыччы сайыннарбыт дойду. Үрдүк мэндиэмэннээх дьиэлэрдээх, баараҕай тутуулардаах, олус кыраһыабай, сайдыылаах, аан дойдуга бастакы кэрдиискэ турар. Атын дойдуттан үлэлии кэлээччилэр, көһөн кэлээччилэр элбэхтэр. Бастатан туран, манна киһи олороругар усулуобуйа барыта баар. Иккиһинэн, киһи куттаммака эрэ олорор кыахтаах, сарсыҥҥы күҥҥэр эрэллээххин. Үсүһүнэн, олох сайдыыта, тэтимэ барыта Эмираттан тахсар.
– Ити дойдуга үлэ чааһын бириэмэтэ арыый уратылаһар этэ дии...
– Үлэ чааһа манна нэдиэлэҕэ биэс күн. Өрөбүлтэн чэппиэргэ диэри үлэ күнэ, уһун өрөбүллэр манна суохтар.
– Дубайга сахалар бааллар дуо?
– Сахалар манна төрдүөбүт. Барыларын кытта сибээһи тутабын, билсэбин. Сорохторо ыаллар, сорохтор үлэлииллэр. Манна олохсуйбут сахалар тус олохторугар да, үлэлэригэр да ситиһиилээхтэр. Бэйэ-бэйэбитин өйөһөбүт, төрөөбүт сирбитин-уоппутун умнубаппыт, өрүү киэн тутта кэпсиибит. Быыс баар буоллаҕына биир дойдулаахтар көрсө сатыыбыт. Дубайга кэлин элбэх киһи сынньана, күүлэйдии кэлэр. Бэйэм доҕотторбор-атастарбар бэлиэ миэстэлэри, Эмираты төһө кыалларынан көрдөрө сатыыбын.
– Дойдугар кэлэн бараҕын дуо?
– Сылын ахсын дойдубар, төрөппүттэрбэр тиийэ сатыыбын, ордук Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар. Барбатаҕым ырааппыт буолан, быйыл сайын Сахам сиригэр тиийэ сылдьыбытым. Бачча интэриниэт, сибээс олохтоммут үйэтигэр олороммун күн ахсын дьоммун, доҕотторбун кытта сибээһи тута олоробун.
– Ас-таҥас, медицина туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Медицина бары салаата манна ботуччу соҕус сыаналаах. Мин үлэлиир тэрилтэм медицинскэй страховканы төлүүр. Ол иһин киһи быраастан сүбэ-ама ылыан сөп.
Дубай аан дойду саамай ыарахан сыаналаах куораттарын ахсааныгар киирсэр. Олоххо сыһыан атын, ас-таҥас сыаналаах. Холобура, дьиэ куортамнаан олороргор биир сыл инниттэн төлүүргүн ирдииллэр. Биир хостоох кыбартыыра 55 тыһ. дирхамҥа тэҥнэһэр. Биһиги харчыбытынан 1 мөл. 100 тыһ. солк. тэҥнэһэр.
– Эн курдук көһөн барааччыларга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Эдэр-сэнэх эрдэххэ сири-дойдуну көрөн хаалыахха наада дии саныыбын. Билиҥҥитэ төннөр санаам суох. Баҕар, хаһан эрэ атын дойдуга, сиргэ-уокка олорон көрүөххэ сөп. Мин санаабар, кыах баарыгар сылдьыахха, кэрийиэххэ наада, кэлин сааһыран баран кэмсинэ олорбот туһуттан. Тас дойдуга тахсар киһи омук тылын хайаан да билиэхтээх. Тылы билэр эрэ буоллаххына үлэлиэҥ, айыаҥ-тутуоҥ уонна аан дойду аана барыта аһаҕас буолар. Сокуону уонна көһөн тиийэр дойдугут усулуобуйатын эрдэттэн үөрэтиҥ диэн сүбэлиибин. Уурунуу харчыны кырата биир-икки сыл инниттэн мунньунар ордук.
– Хаһыаппыт ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ.
– Олоҕу чаҕылхайдык, туһалаахтык олоро сатааҥ. Кылаабынайа, доруобай буолуҥ, чөл олоҕу тутуһуҥ, улахан билиилээх-көрүүлээх, киэҥ көҕүстээх уонна сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буоларгытыгар баҕарабын.