12.02.2021 | 10:50

Дойду уолаттара, Алаас кыргыттара...

Дойду уолаттара, Алаас кыргыттара...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

(Сахалыы ааттаныы, ааты уларытыы туһунан)

Саха киһитэ сахалыы аата суоҕун омуктар сиилии көрөллөрө үгүс. Саха эрээри тоҕо нууччалыы ааттааххын? Нууччаҥ көстүбэт дии? Уопсайынан, хайа омуккунуй? Онтон да атын ыйытыылары элбэхтэ истэр, сирэй-харах анньыллар...

Оҕо барахсан бу дойдуга айыллан кэллэҕинэ, төрөппүттэрэ аат биэрэр сүпсүлгэҥҥэ түһэллэр. Ырааҕы-киэҥи, уһуну-киэҥи толкуйдаан баран биирдэ оҕону сүрэхтииллэр.

Саҥа төрөөбүт киһиэхэ өбүгэ үгэһин иҥэриэххин баҕарар буоллаххына, сахалыы ааттыахтааххын. Бу оҕо бэйэтин омугун, туох киһитин билэн улаатар уонна личность быһыытынан тостубат. Киһи аата олоҕор сабыдыаллыыр дииллэр.

 История тугу кэпсиирий?

Христианствоны ылыныы иннинэ: Яков Иоганн Линденау «Описание народов Сибири (первая половина XVIII века)» үлэтигэр саҥа кэлбит оҕоҕо дьиэҕэ бастакынан киирбит киһи аатын биэрэллэр диэн суруйар. Оттон Багдарыын Сүлбэ сахалар бары хаан уруу дьон диэн этэрэ. Бу саҕана өссө абааһы сиэбэтин диэн куһаҕан ааты биэрэллэрэ: Буос Оҕо, Ыт сааҕа, Саах От, Кутуйах.

Христианскай: Бу кэмҥэ сахалар сурукка киирэр туоһу буолар ааттара христианскай ааттар буолаллар. Манна даҕатан эттэххэ, сахалыы ааты эмиэ ылыналлара.

Саҥа кэм: Улуу Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн 1917 сыллаахтан араас омук уонна нууччалыы ааттар сытыытык киирэллэр. Хас иккис саха нууччалыы ааттаах эбит: Революция, Людмила, Марат...

Саха дьоно утуу-субуу оҕолоругар сахалыы ааттары биэрэн бараллар. Холобур, Саргылаана, Сардаана. Биллэр саха тылын сөргүтээччи Гаврил Васильевич Баишев–Алтан Сарын  сахалыы аат бырайыагын оҥорбута. 1928 с. «Баhылай уола Алтан Сарын» диэнинэн  бэчээттэнэн барар. Сыллар ааһаллар, Сталин кэлэр. Саха саарыннарын националистар уонна дьоппуон үспүйүөннэрэ диэн хаайталыыллар. Боростуой да киһи националист аатырымаары, тыыннаах хаалар суолтан нууччалыы аакка төннөр.

Билиҥҥи кэм: Оччоттон хас да кэм-кэрдии кэлэн ааста. Билигин дьон-сэргэ оҕотун сахалыы, уус-уран айымньыга баар ааттарынан ааттыы сатыыр. Аны нууччалыы ааттаахтар, араспаанньалаахтар сахалыыга көһөрөр буоллулар. Ордук киэҥник тарҕаммыттар: Эллэй, Манчаары, Туйаара, Ньургун, Күннэй, Мичил...

Ааппын уларытыахпын баҕарабын... Тугу гынабын?

Бу ыйытыкка хоруй ылаары, РФ СӨ  Бырабыыталыстыбатын иһинэн Гражданнар туруктарын аактатын суруйар управление Дьокуускай куораттааҕы отделын салайааччыта Римма Алексееваны көрсөн, Дьокуускай куорат дааннайдарын тула кэпсэттим:

— “Об актах гражданского состояния” Федеральнай сокуон үлэлиир, бу сокуон 58, 59 ыстатыйаларыгар олоҕуран, аат уларыйыан сөп. Аатын уларытыан баҕарар киһи  эрдэттэн 506-467 нүөмэргэ эрийэн приемҥа суруйтарар уонна болдьоммут күн туох баар докумуоннарын илдьэ Киров уулуссатын 5 нүөмэрдээх дьиэтигэр, 9-с кабинекка кэлэр. Сокуоҥҥа олоҕуран,  аат уларытыыта биир ый иһигэр оҥоһуллар, ханнык эмит докумуона итэҕэс буоллаҕына уһуон сөп.

Судаарыстыбаннай пошлина сыаната төһөнүй?

— Аат уларытыы – 1600 солк. уонна хас уларыйар докумуон ахсын 350 солк. төлүүр.

Дьон аатын тоҕо уларытарый?

— Сорохтор төрүттэрин аатын эргитэллэр. Эбэлэрин,  эһэлэрин ааттарын, араспаанньаларын сөргүтэллэр. Иккиһинэн, төрүттэрэ олорбут сирдэринэн буолар. Үсүһүнэн, нумеролог сүбэтинэн уларыталлар. Төрдүһүнэн, дьылҕаларын уларытаары. Маны тэҥэ, ыал арахсарыттан, чуолаан дьахталлар бэйэлэрин араспаанньаларын төннөрөллөр.

Ааты, араспаанньаны уларытыы хас саастан көҥүллэнэрий?

— Оҕо аатын, араспаанньатын 14 сааһыттан уларытыан сөп. Онуоха икки төрөппүтүттэн сөбүлэҥ булгуччу ирдэнэр. 14 сааһыгар диэри уларытыан баҕардаҕына, эпиэкэ уонна попечительство отдела быһаарар.

Орто кылаас оҕото аатын тоҕо уларытарый?

— Төрөппүттэр оҕо ыалдьар, улахан оһолго, эчэйиигэ түбэспит буоллаҕына уларыттара сатыыллар.

Статистика тугу кэпсиирий?

— Кэнники сылларга саҥа төрөөбүт оҕолорго сахалыы ааты биэрии  элбээтэ. Уолаттарга Дархан, Айсыан, Уйусхаан, Сулустаан. Кыргыттарга Күннэй, Ай-Куо, Кэрэли, Кэскилээнэ диэн ааттар сыл аайы элбээн иһэллэр.

Дьылҕаны уларытар дуо?

Надежда Идэлги:

– Мин 2017 с. араспаанньабын уларыппытым. Кэргэммиттэн арахсан баран, кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньабын төттөрүтүн төнүннэрэр санаам суоҕа. Төрүччүбүн үөрэтэн баран, халыҥ аймахпытын төрүттээбит өбүгэлэрбэр махтанаммын кичэллээхтик, үрдүктүк, кинилэр сырдык ааттарын илдьэ сылдьыам диэн үрдүк эппиэтинэһи сүгэн туран Идэлги диэн араспаанньаны ылынарга санаммытым. Олоҕум ончу уларыйда. Мин курдук араспаанньалаах киһи аан дойдуга соҕотох. Киһини ураты оҥорор эбит. Өбүгэлэрим сырдык ааттарын илдьэ сылдьарым өссө улахан эппиэтинэс буолар. Миигинэн сирэйдэнэн, мин быһыыбын көрөн биһиги ийэ ууспут хайдах хааннааҕа, ханнык дьоннооҕо илэ көстөн тахсар. Онон хас да бүк эппиэтинэс сүгэ сылдьабын уонна хайдах да түһэн биэрэр, сырдык ааттарын быртахтыыр быраабым суоҕун чопчу билэбин. Онон саха киһитэ, дэлэйдик сахалыы аат, араспаанньа ыларгыттан куттаныма, толлума.

Кырыарба Түмэн-Эрилик Филипп уола:

– Урукку аатым Максим Филиппович Егоров  этэ. Уларыппытым икки сыл буолла. Бэйэм Өймөкөөн улууһун Орто Балаҕаныттан сылдьабын. Биһиги азиат, түүр омуктар буоларбыт быһыытынан ааппыт барыбыт киэнэ сымыйа аат. Омук барыта бэйэтин омугун аатынан сылдьар. Биир Пак Чжун Цок диэн ааттаах африканеһы көрө иликпин эбэтэр арабтыы ааттаах кытай киһитин, биитэр кытайдыы ааттаах европееһы. Биһиги бэйэбит ааппыт суох буолан, атын түүр омуктар туората саныыллар, ханна да бардахха биһигини ытыктаммат омук дииллэр.

Кырыарба – араспаанньам. Төрдүбүт Кырыарба аҕа ууһуттан силистэммит, архыыптан булбутум. Түмэн диэн ааппын өбүгэлэрим кэлэннэр түүлбэр эппиттэрэ, Эрилик диэни бэйэм талбытым,  Филипп уола – Филиппович диэнтэн тахсыбыта. Икки хос аатым былыргы саха боотурдарыгар сирдииллэр, былыр саастарын сиппит дьон икки ааттаахтар эбит. Ааппын өр көрдөөбүтүм.

Олоҕум уларыйда диибин. Холобура, үп-харчы өттүгэр, бэйэм турфирмалаахпын уонна өссө да уларыйыылар иннибэр тураллар.

Аат уларытыыта диэн киһи ис кыаҕын арыйыы. Сыалгын ситиһиигэ, талааҥҥын арыйарга,  туохха ананан төрөөбүккэр кытта дьайар.

Оҕом сахалыы ааттаах

Марина Спиридонова, төрөппүт:

Сахалыы ааттаах оҕо саха тыыннанан улаатар дии саныыбын. Аат хайаан да туох эмит суолталаах буолар. Ол иһин оҕону ааттыырга  үчүгэйдик толкуйдуур ордук. Мин кыыһым Сайаана диэн, таптаан Сайаана Куо диибит. Бу аат былыргы ааттан төрүттээх эбит. «Сайыы» диэнтэн. Ол аата үтүөнү, кэрэни илдьэ сылдьааччы, сайаҕас санаалаах кыыс. Сайаана диэн истэргэ даҕаны биһиэхэ олус минньигэс этэ уонна кырачаан кыыспытыгар бэйэтигэр барсыбыта. Оҕобутугар аат биэрэрбитигэр Багдарыын Сүлбэ «Аатта тал» диэн кинигэтин аахпыппыт олус туһалаабыта. 

Иккис хос аат муода дуо?

Үгүс ыал оҕону иккис хос ааттыыр эбит. Ол курдук,Диана-Кэрэл, София-Куо, Алгыстаана-Куо. Оҕону маннык ааттыыр туһунан айылҕалаах киһи Сардаана Юрьевна Петрова-Санаайа санаатын истиэх:

— Мин көрүүбэр, төрөппүттэр биэрбит ааттара олох устун харысхал быһыытынан сылдьар. Ханнык баҕарар төрөппүт оҕотугар таптыыр аатын биэрэр. Ол эрээри, оҕо төрөөбүтүн кэннэ тута сахалыы ааттыыр ордук. Нууччалыы ааты кытта сахалыы ааты эбэллэрин сөпсөспөппүн, бу маннык икки ааттаах оҕолор муна-тэнэ сылдьар буолаллар, туох да үчүгэйэ суох, харысхал диэхтэрин барсыбат.  Ол кэриэтин киэҥ эйгэҕэ үлэлииргэ иккис ааттаныыны утарбаппын, дьону кытта үлэлиир киһиэхэ  иккис аата туох да куһаҕаннааҕа көстүбэт.

Нумерологтар өҥөлөрө туспа

Үөрбүтүм иһин, хомойбутум иһин, социальнай ситимнэргэ 3-4 аат булааччыны булан, ааты ааҕан биэрии сыанатын ыйыппыппар 250-900 солк.  диэтилэр.

Тыый! Тоҕо чэпчэкитэй дии санаатым. Онтон 22 сыл уопуттаах саха маҥнайгы нумеролога Мариана Тимофееваҕа эрийдим:

Мариана, ааты талан биэрии 250 солк. дииллэр, сахалыы ааты аахтарар буоллаххына 700-800 дииллэр… Маны туох дии саныыгын?

— Киһиэхэ аат булан биэрии сүрдээх улахан эппиэтинэс, ону сорох нумерологтар өйдүү иликтэр. Хайдах  итинник сыанаҕа үлэлииллэрин билбэтим, дьиҥинэн, мин сорох дьоҥҥо 6-7 сыл көрдөөн биэрэбин. Онуоха итинник сыанаҕа хайдах өр үлэлиэмий?

Мин дьоҥҥо үчүгэй дьылҕаны биэрэр ааттары талан биэрэбин. Дьылҕанан үлэлиибин. Холобура, бу аакка баһылык эбэтэр дьокутаат буолан хаалыаххын эмиэ сөп диэн этэн туран. Оччотугар баҕаларынан сөптөөх дьылҕаны биэрэр ааты ылаллар. Сорохтор артыыс эбэтэр биллэр-көстөр, ситиһиилээх, үчүгэй үлэһит киһи буолуохпун баҕарабын диэн ааттаан-суоллаан кэлэллэр. Оччоҕо оннук аакка үлэлэһэбин.

Атын нумерологтан аат ыллым диэн миэхэ аахтаран көрдөрөөччүлэр. Онуоха хайдах баарынан этэр буоллаҕым.  Ол түмүгэр мин ааҕарбар сөп түбэспэт диэммин соһутааччыбын. Дьиктитэ диэн, маннык дьылҕаны олоруоҥ диэн ыйан биэрбэккэ, барсар диэн биир тылынан ааты биэрэллэр эбит. Мин хас да ааты бүүс-бүтүннүү маннык аакка маннык дьылҕаланаҕын диэн ыйан биэрэбин, ылбыт дьон бары билэллэр.

Манна туһаайан эттэхпинэ, дойду уонна сир аатын иҥэрии улахан аньыы буолар, ону сорох киһи өйдүү илик.  Дойду аата дойдуга буолар, дойду аатын ылбыт киһи, олоҕо түргэнник уостар, сир ийэ дойдуттан күрэнэргэ ыксыыры билгэлиир. Бу орто дойдуга туох барыта туспа бэйэтигэр оруннаах ааттаах буолар. Киһи, сүөһү, ыт, ууга устар суудуналар, тэрилтэ, сир-дойду аата адьас ураты буолуохтаахтар. Өбүгэ саҕаттан оннук этэ да, билигин кэлэн бүтүннүү булкуйаары гынныбыт.

Дойду кыыһа, уола диэн буолар түгэҥҥэр санаан да көрдөххө, төрөппүт аҕаҥ сир ийэ дойдуҥ буолан хаалар түгэнигэр, ыраах олоро бараары гыммыт оҕотун сир ийэ дойду бэйэтигэр иҥэринэр. Оннук олоххо буолбут түгэн баарын элбэх дьон билэ сылдьаҕыт.

Японияҕа дьон олоҕун тухары аатын  мээнэҕэ үстэ уларыппатаҕа буолуо, билэн эрдэхтэрэ аат суолтатын. Дьоллоох буолуҥ, олоххутун оҥостуҥ...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...