30.01.2021 | 11:52

Дойду уҥуор-маҥаар өттүлэриттэн

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ киэҥ державабыт араас куораттарыгар Чуумпу акыйаантан  киин Арассыыйаҕа, Хайалаах Кавказка тиийэ спорт хас да көрүҥэр сахалар ааттара балайда элбэхтик наҕараадаҕа ыҥырыллан дуораһыйда.

 

Орелга – Арассыыйа Кубогар

  Орел куоракка Арассыыйа Кубогар саха оҕунан бэргэн ытааччылара сыл сезонун улахан түһүлгэнэн бэркэ саҕалаатылар. Бу үгэс буолбут көрүҥҥэ дойду күүстээх спортсменнарын күрэстэһиилэригэр икки кыһыл көмүс уонна боруонса мэтээли ылары ситистилэр.

Дьахталларга Анна Стасова-Алексеева  финалга  Забайкальскай кыраай буряткатын  Намжилмы Дамбаеваны 6:4 кыайда.  Кинилэри кытта пьедесталга үһүс үктэлгэ Ньургустаана Сидорова таҕыста.

Эр дьоҥҥо Саха сирин чиэһин көмүскүүр бурят хааннаах Балдар Балданов күрэхтэһиини чаҕылхайдык түмүктээтэ. Финалга Владимир Жаргаловтан (Забайкальскай кыраай). Бүтэһик ытыытыгар оҕун сыалын хабыллар хаба ортотугар түһэрдэ!

Хамаандабыт салайааччылара, Петр Бурцев, Борис Олесов былырыын маннык күрэхтэһииттэн биир эрэ боруонса мэтээллээх эргиллибит буоллаҕына, быйыл үс: биир боруонса  уонна кылаабынай икки кыһыл көмүс мэтээллэри эрэллээхтик кэттилэр.

Владивостокка –Уһук Илин уокуругар  

 Биһиги тустууктарбытыгар уонна кинилэрдиин үлэлээччилэргэ, ыалдьааччыларга ороскуота аҕыйаҕынан чугас күрэхтэһии буолара ордук этэ. Ол гынан көрөөччүтэ суох буоларыгар ордук олохтоохторго хобдохсуйар. Билиэт атыыламматаҕына, ону таһынан гостиницаҕа, аһыыр сирдэргэ, эргиэҥҥэ, сувенирга харчы эргийбэтэҕинэ,  ороскуоттарын сабаллара ыарыыр. Улан-Удэҕа былырыын көҥүл тустууга Арассыыйа чемпионатыгар бэлэмнэнии бөҕө буолбута. Сордоох ыарыы тэнийэн, бастаан Владикавказка, онтон Наро-Фоминскайга көһөрүллэн көрөөччүтэ суох курустук ааспыта. Быйыл эмиэ кулун тутарга хайаан да ыытабыт диэбиттэрэ да, балаһыанньалара эмиэ уустугурда. Бурятия ыччакка уонна спорка  миниистирэ Вячеслав Дамдинцуруновы бу күннэргэ  Москваҕа Арассыыйа спорка уонна тустууга салалтатын кытта быһаарсыыга ыҥырдылар.

Кэпсэтии хайдах буолара биллибэт.  Эмиэ кыттааччыны ахсаанын аччаттахтарына, путевкалаахтар сорохторо барбат кутталга сылдьаллар. Көрөөччүлэри   саатар бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи олордорго туруорсуохпут дииллэр да, көҥүллүүллэрэ саарбахсыйда.   

 

Улан-Удэҕа – Арассыыйа чемпионатыгар

Биһиги тустууктарбытыгар уонна кинилэрдиин үлэлээччилэргэ, ыалдьааччыларга ороскуота аҕыйаҕынан чугас күрэхтэһии буолара ордук этэ. Ол гынан көрөөччүтэ суох буоларыгар ордук олохтоохторго хобдохсуйар. Билиэт атыыламматаҕына, ону таһынан гостиницаҕа, аһыыр сирдэргэ, эргиэҥҥэ, сувенирга харчы эргийбэтэҕинэ,  ороскуоттарын сабаллара ыарыыр. Улан-Удэҕа былырыын көҥүл тустууга Арассыыйа чемпионатыгар бэлэмнэнии бөҕө буолбута. Сордоох ыарыы тэнийэн, бастаан Владикавказка, онтон Наро-Фоминскайга көһөрүллэн көрөөччүтэ суох курустук ааспыта. Быйыл эмиэ кулун тутарга хайаан да ыытабыт диэбиттэрэ да, балаһыанньалара эмиэ уустугурда. Бурятия ыччакка уонна спорка  миниистирэ Вячеслав Дамдинцуруновы бу күннэргэ  Москваҕа Арассыыйа спорка уонна тустууга салалтатын кытта быһаарсыыга ыҥырдылар.

Кэпсэтии хайдах буолара биллибэт.  Эмиэ кыттааччыны ахсаанын аччаттахтарына, путевкалаахтар сорохторо барбат кутталга сылдьаллар. Көрөөччүлэри   саатар бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи олордорго туруорсуохпут дииллэр да, көҥүллүүллэрэ саарбахсыйда.   

Кавказка – сахалар 

Кэлин Хотугу Кавказ тустууга аан дойду киинэ буолла. Манна араас дойдулартан –  Индияттан, Италияттан, Кубаттан, Америкаттан  кытта хастыы да нэдиэлэ олохтоохтордуун бииргэ эрчиллэллэр, кыайыылары ситиһэллэр. Биһиэхэ сахалар итинник элбэхтик  сылдьаллара буоллар туох эмэ түмүк тахсыа этэ дэһэбит. Буолан баран саҥа консультант-тренербитинэн, аан дойду биэс төгүллээх чемпиона, олимпийскай чемпион хамаандабытыгар контрагынан үлэлииргэ сөбүлэспитинэн.

Соторутааҕыта уопсастыбаннай тренер  Виталий Жирков сүүрбэччэ оҕону илдьэ ити региоҥҥа барбытын сэргии истибиппит. Кини Чечняҕа икки нэдиэлэ эрчиллэр түмсүүгэ уолаттарын чочуйуста. Бииргэ дьарыктанан, хайдах эрчиллэллэрин эттэринэн-хааннарынан биллилэр,  мустубут оҕолордуун кросска сырсан, тутуһан-хабыһан тургутустулар. 

 Ити өрөспүүбүлүкэ кииниттэн Грознай аттынааҕы Гудермес куоракка омуктары кытта бастакы күрэхтэһиигэ холоһууларын оҥордулар.  "Легион тустуу кулууба" оҕолорго көҥүл тустууга  аһаҕас чемпионатыгар кыттыннылар.

Онно Мэҥэ Хаҥалас Павловскайын уолаттарыттан Афоня Брызгалов кыһыл көмүс, оттон Максим Федоров  үрүҥ көмүс мэтээллэри кэттилэр. Кинилэр салгыы Владикавказка тиийдилэр. Манна аатырбыт Осетия тустууга оскуолатыгар билиилэрин-көрүүлэрин өссө эбиэхтэрэ. Санаалара бөҕөргөөтөр, доҕотторугар эрэннэрэр элбэх кэпсээннээх кэлиэхтиннэр.

Дьокуускайга  – кикбоксиҥҥа улахан чемпионаттар

Кавказецтар охсуһуу араас көрүҥэр эмиэ лаппа күүстээхтэр. Ким билбэтий Хабибы? Боксаҕа олимпийскай чемпионнаахтар, профессионалларга аан дойду чемпионнаахтар. Олортон эмиэ үөрэниэх тустаахпыт. Быйыл кикбоксиҥҥа Дьокуускайга икки улахан түһүлгэ ыытыллара былааннанар. Этэҥҥэ буоллаҕына олунньу 4-7 күннэригэр  ССРС, Аан дойду чемпионун  Александр Иванов кэриэһигэр Уһук Илин федеральнай уокурук түһүлгэтин рингэтэ тардыллыа. Онно муус устарга Дьокуускайга ыытыллар дойду чемпионатыгар талыллан киирэн, Европа, аан дойду түһүлгэлэригэр тахсар суолу көрдүөхтэрэ.

Итиннэ бэлэмнэнии күүскэ бара турар. Соторутааҕыта кикбоксиҥҥа   өрөспүүбүлүкэ кылаабынай тренерэ Андрей Алексеев элбэх киһилээх делегацияны салайан,  Дагестаҥҥа эрчиллэр түмсүүгэ илдьэ сылдьыбыта. Ол түмүгүн улаханнык саҥарбаппыт, сөптөөх суолунан баран иһэр курдук.

Саха кик-боксердара «Moscow Open 2021» Бүтүн Арассыыйатааҕы аһаҕас түһүлгэҕэ кыайыы көтөллөннүлэр. К-1 диэн хабыр көрүҥҥэ 19 спортсмеммыт рингэҕэ таҕыста.  Охсуһуулар-тэбиэлэһиилэр түмүктэринэн Петр Васильев , Иван ЛеТимофей Сивцев бастаатылар. Михаил Слепцов, Сергей Иванов –иккис, Павел Попов  уонна Юлия Петрова үһүс миэстэлэннилэр.

Дьэ, онон эмиэ улахан күрэхтэһиилэри ыыталлар дуу, көрөөччүлэри киллэрэллэр дуу? –ыйытык төбөбүтүн сынньара салҕанар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...