18.10.2020 | 14:32

Дьоруойдарбытын тоҕо билбэппитий?

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Уус Алдан улууһун I Өспөх нэһилиэгэ (билигин Уһун-Күөл нэһилиэгэ), “Кыһыл Сардаҥа” холкуос. 1942 сыл. 50-ча хаһаайыстыбалаах холкуостан 30 киһи армияҕа барбытыттан 15-һэ эргиллибэтэҕэ, 57 киһи хоргуйан өлбүтэ. Бу 57 киһи испииһэгэр мин ийэм төрөппүттэрэ, эбэм Пелагея Афанасьевна (1899 с.т.), эһэм Петр Федорович (1898 с.т.), кыыстара, ийэбит балта Елена Петровна (1933 с.т.) бааллар. Кинилэр бары хоргуйан өлбүттэрэ...

Ол ыар дьыллар, хоргуйуу, өлүү-сүтүү 1942 сыл кулун тутар ыйыттан 1943 сыл от ыйыгар диэри дьаһал мөлтөҕүттэн, сылтан ордук кэм салҕанан барбыт. Дьон сэниэтэ, күүһэ эстэн бокуонньуктары көмөр да кыахтара суоҕа. Онон халлаан сылыйыар диэри өлбүттээхтэр балаҕаннарыгар аҕалан кыстыыллара үһү.

Биир күн өлбүт дьону көмөөрү балаҕаҥҥа киирбиттэр. Арай балаҕан түгэҕэр, дьон быыһыгар оҕо ынчыктыыра иһиллибит. Тиийэн көрбүттэрэ, түөһэ сиһигэр сыстан, айаҕын сыыһын аппаҥнатар, тоҥон көҕөрбүт оҕо нэһиилэ тыына, ынчыктыы, сыккырыыр тыына эрэ буолан сытаахтыыра. Кинини син биир өлөн эрэр, тулаайах, көрөр-харайар дьоно суох диэн бу балаҕаҥҥа аҕалан сытыарбыттар (бырахпыттар диэхпин тылым тахсыбата). Бу биһиги ийэбит бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Анна Петровна этэ. Кини 1928 с.т., биһиги бары таптаан эдьиий Ааныс диэн ааттыыр наһаа күндү, ытыктыыр киһибит этэ. Кини олус дьоллоохтук, уһуннук олорон, үс оҕолонон, сиэннэрин көрсөн, бүөбэйдэһэн бу орто дойдуттан арахсыбыта.

Аччыктааһын кэмигэр эһэбит балыксыт буолан күһүн хаар анныгар балыгыттан кыралаан кистээбит. Кыра астаахтарын сыыһын, сорох балыгын да буолуо, оҕолоругар эрэ сиэтээхтиир эбиттэр. Кыһыны туораабакка эбэбиниин иккиэн өлбүттэр. Ол балыктарын таайым, ийэм, эдьиийим аах саас хаар анныттан булан сиэн абыраммыттар. Ол эһэбит барахсан оҕолорум син биир булан сиэхтэрэ, тыыннарын уһатыахтара диэн этээхтээбэтэҕэ буолуо диэн таайбыт уола, убайбыт Петр Егорович Атласов эдьиийбэр кэпсээбит этэ.

Өссө улахан хоргуйуу буолуоҕун, улуустан Мигалкин, куораттан Илья Егорович Винокуров салайааччылаах хамыыһыйа кэлэн дьон нуорматын элбэтэн,  сөптөөх дьаһал ылыллан, балык, бурдук, арыы, холбуйбут үүт биэрэн салгыы хоргуйуу тохтообута.

Илья Егорович Винокуров Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар саха омугун хоргуйан өлүүттэн быыһаабыт, сэллик ыарыыга эмтэрбитин тохтотор суолга киллэрбит, Саха сирин автономиятын 1947 сыллаахха быһаары гыммыттарын көмүскээбит өҥөлөөх  Саха сирин уһулуччулаах  салайааччыта.

Салгыы И.Е. Винокуров туһунан историк Виктор Борисов суруйуутун ааҕыҥ.

КИНИ ААТЫН САХА ДЬОНО БИЛИЭХТЭЭХ

Билэр дьоммор, арыт көрдөһүүнэн, Дьокуускай куорат устун экскурсияҕа сырытыннарар идэлээхпин. Куорат историятын кэпсиибин, пааматынньыктары, эргэ дьиэлэри көрдөрөбүн, ырытабын. Соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэбитигэр биир олус туһалаах үлэни ыытар тэрилтэ салайааччытыгар Казначейство (М.Ф.Габышев аатынан тас дойду искусствотын галереята) дьиэтин кэпсээн баран таһыгар турар пааматынньыкка тиийдибит. Саха  сирин олохтоохторун сэрии кэмигэр хоргуйан өлүүттэн быыһаабыт, Чурапчы дьонун көһөрүүттэн төнүннэрбит диэн. Ол пааматынньыгы ханнык эрэ учуутал киэнэ дии саныырым диэбитэ. Оттон бу пааматынньык Илья Егорович Винокуровка анаммыт.

Кини кимий диир эбит буоллахха, Нам улууһуттан Куһаҕан ыал нэһилиэгиттэн төрүттээх (билиҥҥитэ Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ), Саха сиригэр сэрии саҕана дьону хоргуйан өлүүттэн өрүһүйбүт улахан үтүөлээх киһи этэ. Билигин онно кини олоҕун-үлэтин кэпсиир түмэл баар, уола Дьокуускайга олорор, үтүө киһи буолан сыдьаана-аймаҕа элбэх.

Биһиги оскуола таһымыгар предмет быһыытынан үөрэппэппитинэн, өрөспүүбүлүкэбит историятын билбэппитигэр буруйбут суох. Оскуолаҕа история предметэ баар буолан биһиги аан дойду историятын билэбит, былыргы Грецияны, Египети, Холбоһуктаах штаттары, дойдубут – Арассыыйа историятын. Ол эрээри оскуолаҕа бэйэбит Сахабыт сирин историятын эрэ үөрэппэппит. Оскуолаҕа булгуччу үөрэтии суох буоллаҕына, билии бүттүүн буолар кыаҕа суох.

Хоргуйуу туһунан

Саха өрөспүүбүлүкэтигэр хоргуйуу, архыып үлэһитэ Наталья Степанова суруйарынан, сэрии инниттэн 1940 сыллаахха саҕаламмыт уонна сүрүннээн 1943 сылга диэри салҕанан барбыт. Ол курдук, сэрии саҕана Саха  сиригэр барыта 58 тыһыынча 962 киһи хоргуйан өлбүтүн архыып көрдөрөр. Бу, фронт сүтүгэр холоотоххо, төһө эмэ элбэх. Ордук элбэх өлүү тахсыбыт улуустара (1940 сылтан): Сунтаар – 5206, Ньурба – 4304, Уус Алдан – 3948, Бүлүү – 3268, Таатта – 3043, Үөһээ Бүлүү – 3278, Чурапчы – 2891. Сэрии саҕана Чурапчы 41 холкуоһун дьоно Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа көһөрүллүбүттэрэ, фроҥҥа анаан балыктата диэн. Барыта 4890 киһи, эдэрдиин-эмэнниин. Көһөрүү мөлтөх тэрээһиннээхтик ыытыллан, кинилэртэн 1900 кэриҥэ киһи хоргуйан, ыалдьан өлбүттэрэ. Ити иннигэр 2 тыһыынча кэриҥэ үлэһит илиилээх сүрүннээн Прибалтика омуктарын Булуҥҥа аҕалан балыктаппыттара улахан аҥаардара өлбүтэ. Уопсайынан, Саха сиригэр фроҥҥа анаан балыктааһынынан 1942 сыл түмүгүнэн 7 тыһыынчаттан тахса киһи хабыллыбыта, үлэ фронугар өрөспүүбүлүкэ киин сирдэриттэн 1825 киһи хабыллыбыта (ол быыһыгар мин эһэм), балартан үс биригээдэ тэриллэн хоту Булуҥҥа уонна Усуйаанаҕа ыытыллыбыта. Бу дьон олоҕо-дьаһаҕа олус мөлтөҕө, оттон үлэтин усулуобуйата олус ыарахана. Ол да буоллар барыта алта рыбзаводунан Дьокуускайга, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Кэбээйигэ, Бүлүүгэ 60 туоннаттан тахса балык 1939 сылтан 1943 сылга диэри бэлэмнэнэн туттарыллыбыт. Мас буочукаҕа туустаан туттарар эбиттэр.

Хоргуйуу сүрүн төрүөттэрэ

Биллэн турар, байыаннай кэм буолан барытын кэриэтэ фроҥҥа ыыта олорбуттара өйдөнөр, ол эрээри ахтыыларга, архыып суруктарынан дьон хоргуйар кэмигэр элбэх балык, бурдук харалла сытан буорту буоларын туһунан баар. Ону кытта дьону дьарыйар уорганнар аһара бараннар хомуллубут бааһынаттан бурдук тобоҕун итигэстээбиттэри, оннооҕор кутуйах хасааһын хасыһан илдьэ баран иһэн түбэспиттэри, байыаннай нолуогу кыайан төлөөбөтөхтөрү хаайыыга ыыталаабыттара эмиэ элбэх (50-тан тахса тыһыынча киһи хаайыллыбыта диэн баар). Ити саҕана Саха сирин салайан олорбут киһинэн Ион Лукич Степаненко буолар.  Кини Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Коммунистическай партия кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Биллэрин курдук, Компартия Сойуус саҕана өрөспүүбүлүкэ салалтатын, райсоветы салайар этэ. Хайдах баҕарар сүтүгүнэн ол гынан баран бирикээс, былаан туолуохтаах диэнинэн салайтаран үлэлээһин Ион Лукич уонна кини эргимтэтин истиилэ этэ. Ол туохха тиэрдибитин этиллибит сыыппаралар көрдөрөллөр. Ион Лукич кэлии киһи буоларын быһыытынан, олохтоохтор кыһалҕаларыгар-уратыларыгар болҕомтотун уурбата. Холобура, оройуоннарга хоргуйуу тахсан эрэр диэбиттэригэр, «тобох аһылыктарынан аһатан сибиинньэтэ ииттиннэр» диэбитэ баар. Ааспыт саас биир оскуола учуутала бассаабынан кини тезиһин тарҕата сылдьарын көрөммүн «бу киһи Саха сиригэр хоргуйуу тахсыбытыгар буруйдаах» диэбиппэр өһүргэнэн турардаах: «ол мин хантан ону билиэхпиний, ону билэргэ бириэмэм суох» эҥин диэн. Оттон учуутал буолан баран информацияны бэрэбиэркэлээн баран таһаарар куолутун сэҥээрбэт эбит дуу дии санаабытым.

Илья Егорович умнуллубат үтүөтэ

Дьаһалта маннык аһара барыыта суох, хоргуйууну таһаарбакка эрэ үчүгэй көрдөрүүлэри да биэриэххэ сөбүн  Илья Егорович бэйэтин үлэтинэн дакаастаабыта. Алдьархай тахсан эрэрин көрөн элбэхтик туруорса сатаан баран кини, оччотооҕуга Саха сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы (эмиэ кэлии киһи, бэрэссэдээтэл Муратов Степаненко ыытар политикатыттан толору өйүүр этэ),  Москваҕа Политбюроҕа сурук суруйан  Степаненконы, Совнарком бэрэссэдээтэлин Муратовы, обкомҥа тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир отдел сэбиэдиссэйин Маркеевы, земледелие наркомун Анашины, горком сэкирэтээрин Артемовы, баар кыһалҕаны кистээн суруйбатах «Социалистическая Якутия» хаһыат эрэдээктэрин Родохлебовы уонна да атыттары  уһултаран кэбиспитэ. Онтон Степаненко оннугар кэлии нуучча Г.И. Масленников олордуллубута (кини Илья Егорович ыытар үлэтин өйүүрэ), Илья Егоровиһы Совнарком (Саха сирин правительствота) бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Итинтэн ыла Саха өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү салалтатыгар Москваттан икки омугу тэҥ тэҥҥэ аныыллар: биир нуучча, биир саха. Ити иннинэ салалтаҕа нууччата баһыйар этэ. Олохтоох, Саха сиригэр улааппыт киһи, биллэн турар, дойдутун үчүгэйдик билэр буоллаҕа дии, ол иһин салалта үлэтэ балайда тупсан өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улаханнык туһалаабыта баар суол. 

Совнарком бэрэссэдээтэлэ буолаат, Илья Егорович суһаллык гуманитарнай иэдээни суох гынарга үлэ бөҕөнү ыыппыта. Ол курдук:

-  холкуостаахтарга ыал аайы тус хаһаайыстыбаларыгар биирдии ыанар ынах бэрдэрбитэ;

-  холкуостарга тус аска балыктааһыҥҥа тэрээһиннээх үлэни ыытарга кыаҕы биэрбитэ;

- сэлликтээхтэри эмтииргэ сайын аайы ыанар биэлэри биэрэри дьаһайбыта;

-  сайыҥҥы от, бурдук, атын маассабай үлэ саҕана холкуостаахтарга итии аһылык биэриини киллэрбитэ;

- туох да болдьоҕо суох араас кыылы бултуурга көҥүл биэрбитэ;

- холкуос аайы кытай, кэриэй дьонун сыһыаран оҕуруот аһын дэлэйдик үүннэрии үлэтин тэрийэргэ кыаҕы биэрбитэ (оҕуруот аһа оччолорго нолуога суоҕа, хаппыыста миинэ абыраабыта диэн ахтыы элбэх);

- холхуостаахтарга бурдугу лимитинэн түҥэтии саҕаламмыта.

Бу дьаһаллар түмүктэринэн Саха сиригэр хоргуйан өлүү аҕыйаабыта. Онон история маннык дьону хаһан да умнубатыгар биһиги кыһаллыах тустаахпыт. Интэриниэккэ баар, ааҕыҥ, оҕолоргутугар кэпсээҥ, бу ыстатыйаны көрдөрүҥ. «Илья Винокуров» диэн ааттаах кинигэтэ баар, хомуйан оҥорооччулара – П.А. Слепцов, И.З. Кривошапкин, В.К. Ефимова. Итиэннэ  кини аатынан түмэлгэ, төрөөбүт-улааппыт нэһилиэгэр сылдьыҥ, онно үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын бэртээхэйдик кэпсиэхтэрэ-көрдөрүөхтэрэ.

Виктор Борисов

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....