Доруобуйаларынан хааччахтаах үөрэнээччилэр босхо аһыахтара
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Федеральнай сокуон «Арассыыйа Федерациятыгар үөрэҕирии туһунан» 79 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрии туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа илии баттаата. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, доруобуйаларынан хааччахтаах, тэрилтэ суотугар олорбот үөрэнээччилэр федеральнай, регионнааҕы уонна олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэн күҥҥэ икки төгүл босхо аһыахтара.
Итиэннэ эмиэ Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, дьиэлэригэр олорон үөрэнэр доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор босхо иккитэ аһыылларын оннугар харчынан ылыахтарын сөп.
Босхо аһатыы эбэтэр харчынан толуйуу бэрээдэгин РФ субъектарын судаарыстыбаннай былаастара уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара олохтууллар.