19.02.2021 | 08:32

ДОРУОБУЙАЛАРЫН КӨРҮНЭР ДЬОНУ ХОЛОБУР ОҤОСТУОҔУҤ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2021 сылы Ил Дархан Доруобуйа, чэбдигирии сылынан биллэрбитэ.

Бүгүн сэһэргиир дьонум, Инбэлииттэр Дьокуускай куораттааҕы уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Е.Д.Емелина этэринэн,  чөл олох пропагандистара, адаптивнай физкультура уонна спорт көхтөөх энтузиастара, киин куорат хомуур хамаандатын чилиэннэрэ.

Наталья Николаевна Никифорова 61 саастаах.  Дьокуускайдааҕы медучилищены бүтэрээт, 25 сыл Сунтаардааҕы аптекаҕа фармацевтаабыт. Үрдүкү категориялаах, «Фармация туйгуна» уонна «РФ социальнай сулууспатын 100 сыла» бэлиэлэрдээх.

2006 сылга ыалдьан инбэлииккэ тахсыбыт. Доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр баҕа санаатынан кынаттанан, 2015 сылга Дьокуускайга көһөн кэлэр. «Самородок» кииҥҥэ утумнаахтык дьарыктанан, доруобуйатын чэбдигирдэрин таһынан дуобакка, харбааһыҥҥа, волейболга, хабылыкка, хаамыскаҕа уонна керлинг күрэхтэһиилэригэр ситиһиилэрдээх. Ону элбэх мэтээллэрэ, кубоктара туоһулууллар.

Ордук үлүһүйэн саха национальнай остуол оонньууларынан –  «хаамыска», «хабылык» көрүҥнэринэн дьарыктанар. Бу көрүҥнэргэ киһиэхэ түргэн-тарҕан хамсаныы, болҕомтолоох буолуу, имигэс тарбахтар туһалыыллар, сайдаллар. Тренерэ Э.П.Николаеваҕа махтанар.

Наталья - уопсастыбанньык. Остуол оонньууларыгар Саха сирин Федерациятын чилиэнэ, уопсастыбаннай судьуйа, инструктор, методист. Маны таһынан, уус-уран көрүүлэргэ оһуохай таһаарааччы, солистка, хомоҕой хоһоонньут.

Марк Николаевич Васильев 57 саастаах. Ньурбатааҕы култуура отделыгар саха хомуһун оҥорууга маастарынан үлэлии сылдьан, үөрэммит Убайаан орто оскуолатыгар остуол тенниһигэр тренеринэн көһөр. Үөрэнээччилэрэ спортивнай ситиһиилэринэн үөрдэллэр, салгыы физругунан эмиэ үлэлээн, оҕолор доруобуйаларын бөҕөргөтүүгэ бэйэтин  сэмэй кылаатын киллэрэ сылдьан 2006 сылга инбэлииккэ тахсар.

Сэттэ сыллааҕыта Дьокуускайга көһөн кэлэр. «Самородокка» остуол тенниһигэр тренеринэн үлэлээн, бэйэтин утумнуур адаптист-спортсменнары бэлэмниир. I группалаах инбэлиит эдэрдэргэ үтүө холобур буолар. Кини – остуол тенниһигэр, чэпчэки атлетикаҕа, волейболга Саха сирин 10 төгүллээх чөмпиона. Өрөгөй ситиһиитинэн «ПараКрым-2018» диэн күрэхтэн остуол тенниһигэр III миэстэ буолан, боруонса мэтээллээх кэлбитин ааҕар.

Марк – СӨ остуол тенниһигэр Федерациятын чилиэнэ, уопсастыбаннай фотограф, пресс-сэкирэтээр.

Александра Слепцова Абый улууһуттан төрүттээх. Идэтинэн оҕо уһуйаанын иитээччитэ. Кэргэннээх, икки оҕолоох.

Дьокуускайга 2005 сыллаахха эмтэнэ кэлбит. Быраастар эмтэммэт ыарыыны булбуттар, тутатына үлэлиир бырааба суох I  группалаах инбэлиит статуһун биэрбиттэр. Сылга иккитэ чөлүгэр түһэриигэ эмтэнии кууруһун барар. Иллэҥ кэмигэр доруобуйатын көннөрүнэ «Самородокка» дьарыктанар. Адаптивнай спорт көрүҥнэригэр: дартска, волейболга, салгын саатынан ытыыга кыайан 11 мэтээллээх.

Олоххо тардыһыылара күүстээх, хайа да уустук, ыарахан түгэҥҥэ санаалара бөҕөх буолан, туруоруммут сыалларыгар иннилэрин хоту кимэн иһэр күүстээх санаалаах дьоммутугар өссө да үгүс ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабыт.

Григорий Михайлов - Дьулҕан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....