01.02.2024 | 14:00

Доруобуйаларыгар хааччахтаах ыччакка — бигэ тирэҕи!

«ART СИТИМ» мастарыскыайга доруобуйаларыгар хааччаахтаах эдэр дьон олус туһалаах дьарыктаахтар – кинилэр пастила, фрипсы оҥороллор, утуйар таҥаһы тигэллэр.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах ыччакка — бигэ тирэҕи!
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо үлэ миэстэтин тэрийии судаарыстыбаннай былаас бары таһымын соруга диэн мэлдьи бэлиэтиир. Ити Арассыыйа Федерациятын Конституциятыгар көннөрүүнү киллэрэр Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа бигэргэтиллибитэ.

«Ситим» – «Единство» кэмиэрсийэтэ суох автономнай тэрилтэ Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна ВЭБ.РФ Арассыыйа сайдыытын судаарыстыбаннай корпорациятын өйөбүллэринэн 2021 сыллаахтан доруобуйаларынан хааччахтаах дьон олохторун арыаллыыр уонна уопсастыбаҕа адаптацияны ааһалларыгар көмөлөһөр социальнай бырайыагы олоххо киллэрэр.

Бырайыак биир бэлиэ түгэнинэн 2023 сыл алтынньы 10 күнүгэр Дьокуускайга Пушкин уулуссатын 31 нүөмэрдээх дьиэтигэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ кыттыылаах «ART СИТИМ»  мастарыскыай арыллыбыта буолар. Уопсайа 55,9 кв. миэтэрэ иэннээх мастарыскыай төлөбүрэ суох бэриллибит, өрөмүөн ыытыллыбыт.

Мастарыскыайы арыйыы сүрүн сыала – доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону үлэнэн хааччыйыы.

Лена Денисова, «Ситим» – «Единство» кэмиэрсийэтэ суох автономнай тэрилтэ дириэктэрэ:

Санкт-Петербургтааҕы инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр уопсастыбаннай холбоһуктарын ассоциациятын (ГАООРДИ) өр сыллаах уопутугар тирэҕирэн, биһиги, «Ситим» тэрилтэ, 2021 сылтан саҕалаан ВЭБ.РФ Арассыыйа сайдыытын судаарыстыбаннай корпорацията оҥорбут уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааһа көҕүлээбит ментальнай кэһиллиилээх дьону арыаллыыр бырайыактарын олоххо киллэрэбит.

Бырайыакка 37 киһи кыттар, итинтэн 12-тэ биһиэхэ психоневрологическай интэринээттэн көһөн кэллэ. Оттон сорохторо, 25 киһи, – бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин кытта олороллор, отделениебытыгар күнүскү уонна түүҥҥү өттүгэр сылдьаллар.

Үлэбит сүрүн соруга – социальнай-бытовой үөрүйэхтэри иҥэрии, бэйэлэрин сөпкө дьаһаналларыгар уонна социализацияҕа үөрэтии, үлэ булалларыгар көмөлөһүү, үлэлиир кыахтарын сайыннарыы. Билиҥҥи туругунан интэринээттэн кэлбит 11 оҕо үлэ аһаҕас ырыынагар үлэнэн хааччылынна. Уоннааҕылар доруобуйаларын туругунан итинник үлэҕэ киирэр кыахтара суох, ол иһин кинилэргэ анаан 2023 сыл алтынньы ыйыгар «АРТ – Ситим» диэн үлэ мастарыскыайын арыйдыбыт. Итиннэ үс хайысханан үлэлииллэр: иистэнэллэр, гончарнай дьыала диэн баар уонна  пастила, фрипсы оҥороллор. Бастакы хамнастарын Дьарыктаах буолуу киинин «Организация сопровождения»  уонна «Организация временного трудоустройства» бырагыраамаларын көмөлөрүнэн ыллылар.

Мастарыскыай бастакы үлэлэрин ситиһиилээхтик батаран, оҕолор киллэрбит үптэринэн былааннаабыт оҥоһуктарын матырыйаалын атыыластылар. Былырыын сыл бүтэһигэр, ахсынньы ыйга, ВЭБ.РФ корпорация ыҥырыытынан оҥоһуктарын илдьэ Москва куоракка тиийэн саҥа дьыллааҕы аһымал дьаарбаҥкаҕа кыттан кэллилэр.

Быйыл «Золото Селигдара» курдук бөдөҥ хампаанньалары кытта сөбүлэҥ түһэрсиитин күүтэбит, кинилэр биһиэхэ инбэлииттэри хамнастыырга квота биэриэхтэрин сөп.

Үлэҕэ киирбит оҕолор бэйэлэрин үчүгэй өттүттэн көрдөрдүлэр, дьаныардаахтар, кыһамньылаахтар уонна баҕаран туран үлэлииллэр. Маннык практика доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо үлэ миэстэтин тэрийии сатанарын уонна туһалааҕын көрдөрөр. Бастакы түмүктэрэ олус үчүгэйдэр, ситиһиилээхтэр.

Мастарыскыай үс хайысханан үлэлиир: манна иистэнэллэр, туой оҥоһуктары, пастиланы уонна араас отонтон, фруктаттан фрипсы оҥороллор.  Үс киһи иистэнэр, уон киһи туойунан үлэлиир, үс – пастиланы, фрипсылары оҥорон таһаарар. «ART СИТИМ» мастарыскыайга барыта 16 киһи үлэлиир.

Иистэнэр мастарыскыай наадалаах тэриллэринэн уонна матырыйаалынан толору хааччыллыбыт. Кыргыттар нэдиэлэҕэ биэстэ күҥҥэ түөртүү чаас иистэнэллэр.

Ирина Уварова, иис кистэлэҥнэригэр уһуйар маастар:

Мастарыскыайбытыгар доруобуйаларынан хааччахтаах кыргыттар үлэлииллэр. Хаһан да иискэ сыстыбатах, ити өттүгэр тугу да сатаабат оҕолор кэлбиттэрэ. Ол иһин бастаан иистэнэр массыынаны кытта билиһиннэрбитим. Бэйэм идэбинэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор педагогтарабын, уһуйааҥҥа уонна оҕо дьиэтигэр үлэлээбитим.

Биһиэхэ «стартовай» үбүлээһин көрүллэн, бастатан туран элбэх эпэрээссийэни оҥорбот судургу гынан баран, хаачыстыбалаах японскай иистэнэр массыыналары, наадалаах туттар тэрили, матырыйааллары атыыласпыппыт. Дьиҥэр, үлэбитин эрдэттэн, былырыын бэс ыйын 20 күнүттэн, саҕалаабыппыт. Официальнайдык мастарыскыайбыт алтынньы 10 күнүгэр аһыллыбыта. Урут иистэнэр массыынаҕа олоруохтарын да куттанар, оверлокка отой да чугаһаабат дьон диэтэххэ, кыргыттарым сыл аҥаарын иһигэр номнуо иистэнэр буоллуллар диэн үөрэбин. Иистэнэрбитин утуйар таҥас кэмпилиэгиттэн саҕалаабыппыт. Бастаан наар бэйэм быһар этим, кэнники кыргыттар эмиэ үөрэннилэр. Саҥа саҕалыырга, биллэн турар, куһаҕаннык тигэллэр этэ. Ону көтүттэрэн, саҥаттан тиктэрээччибин. Күҥҥэ түөртүү чаас кэриҥэ сынньана-сынньана үлэлиибит, баччаны тигиэхтээххит диэн былаан суох.

Таҥас сыыһа ордон хааллаҕына, прихватка эҥин тигэбит. Ахсынньы ыйга биир кыыспыт Москва куоракка ыытыллыбыт аһымал дьаарбаҥка-быыстапкаҕа баран кыттыбыта. Онно анаан саҥа дьыллааҕы ойуулаах рогожаны атыылаһан, сүүрбэ кэмпилиэк  прихваткалаах иһит сотторун, остуол «дорожкаларын», сабыыларын, салфеткалары уо.д.а. тикпиппит. Кыргыттар наһаа үчүгэйдик үлэлээбиттэрэ, бары сүрдээҕин астыммыттара, үөрбүттэрэ. Аны туран, Москваҕа ыыппыт оҥоһуктарбыт бары атыыга бараннар, биир да төннүбэккэ, үөрүүбүт өссө үксээбитэ. Атыыттан киирбит харчыбытынан сатин атыылаһан, билигин «двухспалкары» тигэн саҕалаатыбыт.

Мэлдьи утуйар таҥаһы тигэр, биллэн турар, сылаалаах. Онон сыыйа кырадаһын ииһин киллэриэхпин баҕарабын. Таҥас сыыһыттан көбүөр, сымнаҕас оонньуур, харыйа да киэргэлин, панно да тигиэххэ сөп. Сайын ыһыах саҕана кыбытык иискэ үөрэтэр былаан баар. Ханнык баҕарар хаһаайкаҕа наадалаах, куукунаҕа кэтэр фартугу тигиэхпит диэн эмиэ толкуйдуубун. Онон былаан элбэх, бииртэн биир саҥа идиэйэ тахсан иһэр. Ыйдарынан тугу гыныахтаахпытын барытын торумнаан иһэбит. Саамай сүрүнэ – кыргыттарым үлэлэрин сөбүлүүллэр, үөрэ-көтө кэлэллэр, кыһаллан туран үөрэнэллэр. 

Мастарыскыай бастакы оҥоһуктарын социальнай ситим көмөтүнэн атыылаабыттар. Итинтэн кынаттанан салгыы үлэ күөстүү оргуйбут. Ити курдук, «ART СИТИМ» мастарыскыай доруобуйаларыгар хааччахтаах ыччат кимтэн да итэҕэһэ суох үлэлиир-хамсыыр кыахтааҕын дакаастыыр, кинилэргэ олоххо тирэҕи, эрэли үөскэтэр. Саҥа саҕалааһыҥҥа ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...