08.09.2022 | 14:00

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго үөрэнэр комплекс тутуллуоҕа

Ил Дархан Айсен Николаев информациятынан, Илиҥҥи экономическэй форумҥа өрөспүүбүлүкэ «ПроШкола» ХЭТ кытта сөбүлэҥи түһэристэ. Сөбүлэҥ чэрчитинэн Дьокуускай куоракка Арассыыйаҕа аан бастакы доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго үөрэнэр комплекс тутуллуоҕа.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго үөрэнэр комплекс тутуллуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Тутуу эһиилгиттэн саҕаланыаҕа. Комплекска 550 миэстэлээх оскуола,  200 миэстэлээх уһуйаан уонна 350 миэстэлээх интэринээт баар буолуохтара. Ити курдук, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор олорон эрэ үөрэнэллэригэр бары усулуобуйа тэриллиэҕэ», — диэтэ социальнай ситимнэргэ өрөспүүбүлүкэ Баһылыга.

Концессионнай сөбүлэҥи Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна  «ПроШкола» ХЭТ түһэристилэр, сүрүн финансовай партнер – «Сбербанк» ПАУо.

Сэргэлээхтиир суолга 1982 сыллаахха тутуллубут 34-с №-дээх (коррекциялыыр) оскуола-интэринээт дьиэтэ эргэрэн 2021 сылга көтүрүллүбүтэ. Саҥа комплекс ити миэстэҕэ тутуллуоҕа. Тутуу 2023 сылтан саҕаланан 2024 сыл бүтэһигэр үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бырайыак олоххо киириитигэр 1,3 млрд солкуобай суумалаах федеральнай субсидия көрүлүннэ.

«ПроШкола» ХЭТ кытта 2024 сыл бүтүөр диэри уопсайа 3 685 миэстэлээх 10 саҥа оскуола тутуллуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...