11.01.2024 | 12:00

Доруобуйа харыстабылын сайдыытын тосхоллуур Ыйаах ылылынна

Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕун тупсарар сыаллаах «Саха өрөспүүбүлүкэтигэр уопсастыба доруобуйатын тупсарыы уонна доруобуйа харыстабылын систиэмэтин сайыннарыы туһунан» Ыйаахха илии баттаата.
Доруобуйа харыстабылын сайдыытын тосхоллуур Ыйаах ылылынна
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уопсастыба доруобуйатын тупсарыы уонна доруобуйа харыстабылын систиэмэтин сайыннарыы туһунан» ыйааҕы олоххо киллэрэр туһугар Бырабыыталыстыба 2029 сылга диэри нэһилиэнньэҕэ чөл олох сыаннастарын тарҕатар тэрээһиннэри күүскэ ыытыахтаах; Саха сирин олохтоохторо физкултууранан маассабайдык дьарыктаналларын, оҕолор чэбдигирэр, сынньанар уонна эт-хаан өттүнэн дьарыктаах буолар усулуобуйаларын тэрийиини ситиһиэхтээх.

Бу Ыйаахха эти-хааны эрчийиигэ, чэбдигирдиигэ төһүү буолар сылы эргиччи үлэлиир инфраструктура оҥоһуллуохтаах диэн сурулла сылдьар. Маны таһынан, киһи уйулҕатын туругун кэтиир бырагыраама баар буолуохтаах. Ону тэҥэ территориялары былааннааһыҥҥа, сайыннарыыга физкултууранан уонна спордунан дьарыктанар усулуобуйалар хайаан да оҥоһуллуохтаахтар.

Олоххо киириэхтээх ыйаахха санаторнай-курортнай эмтэниинэн хабыллар нэһилиэнньэ араҥатын элбэтэр былаан баарын биһириэххэ эрэ сөп.

 

Чөл олох инфраструктурата тэриллиэҕэ

Маны таһынан, чуолаан Дьокуускай куоракка чөл олох инфраструктуратын тэрийиини мэктиэлиир Пилотнай бырайыак үлэлиэхтээх.

Саха сирин  Бырабыыталыстыбата сөптөөх дьаһаллары ылынан, доруобуйаҕа туһалаах аһылыгы оҥорон таһаарыыны, тарҕатыыны өйүөхтээх. Маннык сөптөөх аһылыгы атыылаһааччыны өйүүр, доруобай олоххо угуйар оскуолалары, доруобуйа менеджердэрин айымньылаах үлэлэрин өйүөхтэрэ.

Арыгылааһыны уонна табахтааһыны утары үлэ салҕыы күүскэ ыытыллыаҕа диэн Ыйаахха киирэн сылдьар.

Доруобуйа харыстабылын систиэмэтин бөҕөргөтөр сыалтан Ил Дархан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар ордук тарҕаммыт ыарыылары сэрэтиигэ, эрдэ булууга, скрининг чинчийиилэри ыытарга, ол иһигэр ыраах сытар нэһилиэктэри хайаан да хабан туран, үлэни тэрийэргэ соруйда.

Бастакы суһал көмө сулууспатын бөҕөргөтүү, ыраах сытар сирдэри кытта үлэлэһии атын ньымаларын тобулуу – медицина өҥөтүн киһи ханна олороруттан тутулуга суох тэҥник ылыахтааҕа Ыйаахха тиһилиннэ. Оҕону барытын сүүс бырыһыан медицинскэй чинчийиилэринэн хабыахтаахпыт туһунан эмиэ бу Ыйаахха суруллан киирдэ.

Саха сиригэр генетиканы сайыннарыыга ураты болҕомто ууруллуоҕа, анал үөрэхтээх үрдүк билиилээх каадырдарынан хааччыйыы, медицина наукатын сайыннарыы, доруобуйа харыстабылыгар сыыппара технологияларын киллэрии туһунан эмиэ этилиннэ.

 

Саҥа былааһалар тутуллуохтара

Саҥа Ыйаахха 2028 сылга Дьокуускайга 245 куойка-миэстэлээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи инфекционнай-клиническэй балыыһа тутуута былааннанна.

2027 сылга 620 миэстэлээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи психо-неврологическай диспансер дьиэтэ тутуллуоҕа.

2027 сылга 2-ис нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа салҕааһын тутуллан, суһал көмө отделениета кэҥиэҕэ, 50 миэстэлээх ожоговай киин баар буолуоҕа.

2029 сылга Дьокуускайдааҕы 1-кы нүөмэрдээх поликлиника саҥа куорпуһа тутуллуоҕа.

М.Е.Николаев аатын сүгэр Медицина Национальнай киинин техническэй сэбилэниитин саҥардыахтара.

2024 сыл түмүктэниэр диэри СӨ Бырабыыталыстыбата Доруобуйа харыстабылын 2030 сыллаахха диэри сайдыытын торумнуур Стратегияны оҥоруохтаах.

 

Национальнай бырайыак өҥөтө

Саха сиригэр кэлиҥҥи биэс сылга доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр муҥутуур элбэх эбийиэк тутулунна. Сотору кэминэн Уһук Илин региоҥҥа саамай бөдөҥ тутуу буолар Онкология диспансера үлэҕэ киириэхтээх.

Саҥа аныгылыы эбийиэктэр тутуулара «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан үбүлэнэллэр. «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр элбэх киин тутулунна. Биэс сылга икки бөдөҥ балыыһа комплекса үлэҕэ киирдэ. Дьокуускайга аныгылыы сүрэх-тымыр киинэ арылынна. Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа икки улууска киин балыыһа, 65 амбулатория уонна фельдшер-акушер пууна арылыннылар.

2023 сыл бүтүүтэ Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр саҥа поликлиника үлэлээтэ. Манна биир симиэнэҕэ 200 киһи сылдьар кыахтаах, «кыһамньылаах поликлиника» тосхолунан тутулунна.

Бу бырагырааманан Саха сиригэр 13 бөдөҥ балыыһа комплексын, ол иһигэр улуустааҕы поликлиникалары уонна тыа сирин балыыһаларын тутуу былааннанар. Сотору Муомаҕа, Чурапчыга Уус Майаҕа доруобуйа харыстабылын саҥа эбийиэктэрэ үлэҕэ киириэхтэрэ.

2024 сылга өссө 7 саҥа эбийиэги тутуу салҕанар, маны таһынан 3 саҥа эбийиэк тутуута саҕаланыахтаах – Аллараа Бэстээххэ учаастактааҕы балыыһа, Үөһээ Бүлүүгэ эмтиир куорпус, Сангаар бөһүөлэгэр поликлиникалаах балыыһа куорпуһа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...