21.10.2021 | 11:30

Доруобуйа харыстабылын миниистирэ дуоһунаһын босхолообут

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова атын үлэҕэ көһөрүнэн сибээстээн дуоһунаһын босхолообут.  Миниистир эбээһинэһин толорооччунан өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансер кылаабынай бырааһа Лена Афанасьева анаммыт. 
Лена Николаевна Афанасьева 1968 сыл сэтинньи 30 күнүгэр Дьокуускайга төрөөбүт. М.К. Аммосов аатынан СГУ Мэдиссиинэ институтун 1992 с. бүтэрбит. 1993 с. Миирнэйгэ "Акушерство уонна гинекология" интернатураны ааспыт. 1996 с. Москваҕа "онкология" клиническэй ординатуратын бүтэрбит. 2004 с. Блохин киинигэр кандидатскай диссертациятын көмүскээбит. Онкодиспансеры 2017 сылтан ыла салайар.
Кэргэннээх, икки оҕолоох.
Лена Афанасьева онкодиспансеры салайар кэмигэр кэккэ уларыйыылар киллэрбит. Онкодиспансер саҥа дьиэҕэ көспүт, эпэрээссийэни оҥорор кыах улааппыт. Лаборатория, эпэрээссийэлиир блок бөдөҥсүтүллүбүт, саҥа тэрил ылыллыбыт, торокальнай абдоминальнай хирургия салаата аһыллыбыт, куойка ахсаана улааппыт.
Лена Николаевна сүрүн үлэтин таһынан науканан дьарыктанар, мэдиссиинэ наукатын кандидата, 35 научнай ыстатыйа ааптара, 3 методическэй босуобуйаны оҥорбут. Уопсастыбаннай үлэннэн көхтөөхтүк дьарыктанар, Дьокуускай Гордууматын депутата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...