25.02.2022 | 14:00

Доруобуйа декадата ыытыллар

Доруобуйа декадата ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 27 күнүттэн кулун тутар 8 күнүгэр диэри (ити күнү киллэрэн туран), регионнааҕы национальнай “Доруобуйа күнүн” чэрчитинэн, Доруобуйа декадата ыытыллар. Үгэс курдук, СӨ бэрэсидьиэнин 2000 сыл тохсунньу 17 күнүнээҕи 945 №-дээх ыйааҕынан, олунньу бүтэһик баскыһыанньатыгар национальнай Доруобуйа күнэ бэлиэтэнэр. 
Олунньу 25 күнүгэр “Туймаада” атыы-эргиэн киинигэр аахсыйа ыытыллара былааннанар. Манна ким баҕалаах терапевт-бырааска көрдөрүнэр, дабылыанньатын, сатурациятын, саахарын, холестеринын кээмэйдэтэр, В, С гепатитка, ВИЧ, Luis ыарыыларга анаалыс туттарар, сүбэ-ама ылар кыахтаах. Итиннэ уопсастыбаннай доруобуйа, ыарыыны сэрэтэр киин уонна “СПИД-киин” быраастара үлэлиэхтэрэ. Маны сэргэ медик-волонтердар “флешмоб” көрдөрүөхтэрэ. 
Декада чэрчитинэн балыыһаларга, поликлиникаларга “Ийэ доруобуйата”, “Доруобай буол!”, “ВИЧ-статускун бил”, “Көхтөөх уһун үйэлэниигэ бииргэ” аахсыйалар, диспансеризация, чинчийэн көрүүлэр ыытыллыахтара. Бары тэрээһиннэргэ санитарнай миэрэлэри кытаанахтык тутуһуу ирдэнэр. Үөрэх тэрилтэлэригэр доруобуйаҕа, быһыыны ылыыга, ыарыылары сэрэтэргэ, чөл олоҕу тутуһарга, уо.д.а. тиэмэлэргэ араас бэсиэдэлэр ыытыллыахтара. Перинатальнай кииҥҥэ, акушерскай салааларга, дьахтар консультацияларыгар диетолог-нутрициолог быраастар сөпкө аһааһын оскуолаларын үлэлэтиэхтэрэ, лекциялары ааҕыахтара, углеводтан тутулуктаах буолууттан аккаастанарга маастар-кылаастары ыытыахтара. Маны сэргэ, биир ыйы быһа чөл олоххо, сөпкө аһыырга үөрүйэхтэри үөскэтэр марафон ыытыллан дьоҥҥо туһалыыра саарбаҕа суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....