24.10.2020 | 14:52

ДОО, КЫБАРТЫЫРА СЫАНАТА КУОРАККА «ЖОСКА” ЫАРАХАН... ХАМНАҺЫМ ЭППИЭТТЭЭБЭТ!

ДОО, КЫБАРТЫЫРА СЫАНАТА КУОРАККА «ЖОСКА” ЫАРАХАН... ХАМНАҺЫМ ЭППИЭТТЭЭБЭТ!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу этиини кэнники кэмҥэ элбэх эдэр киһиттэн, исписэлиистэн, саҥа ыал буолбут дьонтон истэр буоллум.

Саха сирэ баайынан аатырар да, олорорго сөптөөх усулуобуйа суох, олох хаачыстыбатын таһыма намыһах курдук. Иһиттэххэ, аахтахха билигин орто хамнас 74 тыһ. солк. үһү! Дьиҥэр, маннык хамнаһы ылар киһи ахсааннаах. Биир үтүө күн хаһыаппыт эрэллээх ааҕааччытыттан сурук туттубут:

Дорооболоруҥ! Мин сааһым 29, кэргэннээхпин уонна биир оҕолоохпун. Билиҥҥитэ хамнаһым 40 тыһ. курдук. Ол эрэн бу кып-кыра, туохха да тиийбэт. Үрдүк үөрэхтээхпин, судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ идэбинэн үлэлиибин. Билиҥҥитэ куорат кытыы оройуонугар дьиэ куортамнаан олоробут –  ыйга 25 тыһ. солк. Кэргэним оҕобутун көрөн олорор, мин үлэлиибин. Оҕобут ыалдьар буолан, куруутун кэтэбилгэ, манабылга сылдьар. Аска-үөлгэ ый аайы 10 тыһ. курдук барар. Аны туран, кирэдьииккэ киирэн туран, кыра массыына ылбытым да, туһата суох эбит, таах өрөмүөнтэн өрөмүөнү эрэйэр. Ол иһин чугас дэриэбинэҕэ таһааран тоҥордум, ыал олбуорун иһигэр туруордум. Хата, босхо, табаарыһым дьоно буолан.

Санаан көрүҥ, биһиги эдэр ыалбыт, ол эрээри тапталбыт уота уостан бүттэ, кэргэним куруук мин хамнаһым кыратыттан айдаарар, ытыыр, күн аайы этиһэр этиһиибит бу эрэ. Ыал аатыттан ааһан эрэбит, хамнаһым туохха да тиийбэт. Харчы кэлэр да, сонно бүтэр.

Биһиги тоҕо наһаа ыарахан усулуобуйаҕа олоробут? Тоҕо кыра хамнастаах эдэр дьон сатаан ипотека ылбаттарый? Тоҕо сымыйанан орто хамнас 70-75 тыһ.  дииллэрий? Киин куоракка дьиэ сыаната тоҕо “жоска” ыараханый? Саҥа ыал этиһэр этиһиилэрэ дьиэ буолла дуо? Олох, харчы, таптал, дьиэ-уот, хамнас маннык буоларын билбитим буоллар, автовокзалга бомжтуу барбытым ордук...  - диэн суругун түмүктээбит.

СЫАНА БАС БАТТАХ БАРБЫТ

Дьокуускайга 2 %-наах ипотека киириэҕиттэн дьиэ сыаната бас баттах баран турар. Быһа холоон, сыана 5 эбэтэр 6 мөл. буолан турар. Орто биитэр кыра хамнастаах киһи санаммат да суумата. Өл да төрөө, ытаа да ыллаа – эдэр исписэлиис, саҥа үөрэххин бүтэрбит, 30 тыһ. хамнастаах буоллаххына кыайан уйуммаккын.

Ааспыт сыл күһүнүгэр саҥа таас дьиэ 1 кв. миэтэрэтэ 90-95 тыһ. солк. этэ, билигин 108-110 солк. тиийбит. Иирбит сыана буолбатах дуо? Онтон үс эбэтэр түөрт сылынан киириэхтээх дьиэ сыаната кв.м ортотунан 100 тыһ. тэҥнэһэн турар. Дьиэ атыылааччылар уонна атыылаһааччылар ырыынак хайа диэки хамсыыр да, ол диэки умса түспүтүнэн барабыт. Дьэ, дьаабы.

КОРОНАВИРУС ОХСУУЛААХ БУОЛЛА

Бу туһунан Дьокуускайга, Арассыыйа атын куораттарыгар дьиэ атыылыыр исписэлииһи кытта кэпсэттим.  Аркадий Назаров – «ХОУМ» хас да тэрилтэ холбоһон үлэлиир салайааччыта:

-30-40 тыһ. хамнастаах киһи ипотека ылар кыахтаах. Кини 4 мөл. суумаҕа тиийэ баантан «одобрение” ылыан сөп. Билиҥҥи ырыынакка бу суумаҕа 1 хостоох дьиэ кэлэр. Оттон КПД дьиэлэр 3,5 мөл. тэҥнэһэн тураллар. Саҥа тутуллубут дьиэлэр сыаналара лаппа үрдээтэ, ону киһи мэлдьэспэт. Быйыл олус ыарахан сыл ааһан эрэр. Дойдубут экономиката коронавирустан сылтаан сүрдээҕин оҕустарда. Ол курдук, хамсаабат баай-дуол сыаната экономикаттан тутулуктаах. Холобура, Саҥа дьыл кэннэ сыана 1  кв. м 90-95 тыһ. солк. буоллаҕына, билигин 110 тыһ.солк. тиийдэ.

УҺУК ИЛИҤҤИ БЫРАГЫРААМА ТУҺАЛААХ ДУУ, СУОХ ДУУ?

-Бырагыраамаҕа хапсар билиҥҥитэ барыстаах. Саҥа тутулла турар 4 мөл. суумалаах кыбартыыраҥ 20 сылга бэриллэр, ыйдааҕы төлөбүрүҥ 18 тыһ. солк. буолар. Өскөтүн Уһук Илиҥҥи бырагыраамаҕа хапсан ыллаххытына, хос төлөөһүҥҥүт баара-суоҕа 721 тыһ. солк. эрэ буолар.

-Кэргэнэ, оҕото суох сулумах сылдьар эдэр дьон онно хапсыбаттара чахчы, кинилэр оччоҕо төһөнү хос төлүүллэр? Көннөрү ипотекаҕа киирсэллэр дуо?

-Бу сууматтан лаппа улахан буолан тахсар. Быһа холоон 3 мөл. 600 тыһ. эбии төлүүллэр. Ол эбэтэр биир хостоох кыбартыыраны 7 мөл. 600 тыһ. ылар. Бу өссө саамай кыра, 7,3%-ҥа  суоттаан көрдүм.

-Наһаа ыарахан дии! Манна хапсар киһи аҕыйаҕа буолуо... Оттон саҥа тутуллубут дьиэ сыаната өссө үрдүө дуо?

-Бастакы уонна иккис ырыынак дьиэлэрэ ыараан тураллар. Мин санаабар, мантан ордук үрдүө суоҕа. Билигин дьиэ сыаната саамай ыараан турар кэмэ. Дьон уоппускатыттан саҥа тахсан, дьиэ-уот туһунан толкуйдаан эрэр буолуохтаахтар. Туох да диэбиккит иһин нэһилиэнньэ, эдэр дьон дьиэҕэ олус наадыйаллар, ол иһин “спрос” син биир баар. Эһиил сааскыттан саҥа дьиэҕэ сыана мантан ордук үрдээн бүтүөн сөп дии саныыбын.

-4,5%-наах ипотека больдоҕо уһаата дуо?

-Субсидированнай ипотеканы эһиилгэ диэри уһаттылар, онон ким хамнаһа эппиэттиир – дьиэтэ ыла охсуҥ.

КУОРАТТАН ТЫАҔА КӨҺҮӨХХЭ СӨП

Эдэр ыччат билигин киин сиргэ талаһа сатыыр. Хайдах баарынан эттэхпитинэ, чугас улуустар бары исписэлиистэринэн толору хааччыллан олороллор. Оннугун оннук эрээри, киһи тыаҕа да тахсан олохсуйуон, сүөһү, сылгы иитиэн сөп. Холобурдаан аҕаллахпытына, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ саҥа саҕалаан эрэр фермердэргэ, эдэр фермердэргэ диэн граннары олохтообута ыраатта.

-Аркадий, тыа сиригэр эдэр ыал ипотека ыларыгар судаарыстыба көмөлөһөр дуо?

-Олохпут күн-түүн уларыйа турдаҕына үгүс киһи тыа диэки тардыһыа турдаҕа. Бырагыраама билигин үлэлиир. Онон түгэни куоттарымыахха наада. Эдэр ыаллар 1,7%-наах  ипотека ылыахтарын сөп. Холобур, 1,5-2 мөл. суумалаах  дьиэ ыллаххытына, ыйдааҕы төлөбүргүт 15 тыһыынча эрэ буолар.

-Усулуобуйатын кэпсээ эрэ...

-36 саастарын туола илик эдэр дьон, официальнай дохуоттара 20-25 тыһ. кыра буолуо суохтаах уонна саамай үчүгэйэ диэн маҥнайгы төлөбүр ирдэниллибэт. Өскөтүн бу ааттаабыт усулуобуйаҕа сөп түбэһэр буоллаххытына, бэлэм чааһынай дьиэни эбэтэр кыбартыыраны ылыаххытын уонна бэйэҕит эмиэ туттуоххутун сөп.

-Уһук Илиҥҥи ипотека болдьоҕо оччотугар 20 сылга диэри диэн дуо?

-Оннук! 20 сылга диэри аа-дьуо төлүүгүт. Бырагыраамаҕа хапсан ыллаххытына, 6 мөл. тиийэ биэрэллэр, бырыһыаннара саамай аччаабыта 1,7 % тэҥнэһэр.

-Эрдэ төлөөн бүтэриэххэ сөп дуо?

-Хамнастаах киһи уһата-кэҥэтэ барыа суоҕа. Дьон оннооҕор буолуоҕу эрдэ төлөөн бүтэрэллэр.

БААН  АККААСТЫЫР...

-Бастакытынан, ханнык баҕарар баан кирэдьиит историятын ирдиир. Өскөтүн, эһиги кирэдьиит ылан бараҥҥыт биир-икки күн төлөбүр болдьоҕун аһардан баран түһэрбит буоллаххытына, ол историяҕытыгар  охсуулаах. Ол эбэтэр ипотекаҕытын «одобри» гымматтар. Сорох-сорох бааннарга «кредитный доктор” диэн үлэлиир, онтон эһиги кирэдьиит ылан саҥа история оҥостоҕут. Барытын кэмигэр, болдьоҕун аһарбакка төлөөн бүтэрдэххитинэ историяҕыт тупсар.

Иккиһинэн, билигин наһаа элбэх киһи социальнай төлөбүрэ суох, наймыга үлэлиир. Кинилэргэ официальнай үлэ киниискэтэ көрүллүбэт, 2-НДФЛ ыспыраапка диэн суох, бу маннык дьон ипотека ылаары гыннаҕына, баан тута аккаастыыр. Ол иһин үлэ киниискэтэ хайаан да баар буолуохтаах. Биири өйдүөххэ наада: официальнай үлэлээх эрэ киһи ипотека ылар кыахтаах!

Cурук ааптарыгар Уһук Илиҥҥи ипотеканан туһанарыгар сүбэлиибин. Холобура, «Прометей” оройуонугар ылыаххын сөп. Саҥа кыбаарталга оҕо уһуйаана баар, оскуола тутулла турар, киинэ театра чугас, салгына ыраас, кууһунан атыылыыр маҕаһыын элбэх, оннооҕор суолу кытта кэҥэттилэр. Куорат киинигэр үлэлиир буоллаххына, ханнык баҕарар оптуобуһунан кэлэр кыахтааххын. Биири өйдөө: билигин ылбыт дьиэҕин кэлин син биир атыылаан кэҥэттиэҥ. Санааҕын түһэримэ, эдэр киһи бу олоххо охтон биэриэ суохтаах! Олох уустуктарын этэҥҥэ туоруургар баҕарабын, – диэн Аркадий Назаров кэпсээнин түмүктүүр.

ЭДЭР ЫЧЧАТ САНААТА:

-Кистэл буолбатах, Саха сиригэр хамнас кып-кыра! Биһиги дьонноох буолан олоробут, үлэлиибит.

Пандемияттан сылтаан сыана барыта ыараата, дьиэ туһунан этэ да барбаккын. Ол иһин эһиил Саха сириттэн атын сиргэ көһөр, онно тиийэн үлэлиир былааннаахпын. Манна сайдыы суох, төттөрүтүн таҥнары түһэр суолга сылдьаҕын. Дойдубуттан бардахпына таҥнарыахсыт аатын ылбат инибин?

-Мин ипотекалаахпын, ол иһин икки сиргэ сүүрэ сылдьан үлэлиибин. Олох оҥостор, ыал буолар иккис былааҥҥа хаалла. Ый аайы 40-тыһ. солк. тахса сууманы ипотекаҕа угабын. Биир өттүнэн үчүгэй, бэйэм бас билэр дьиэлээхпин, кимиэхэ даҕаны сигэммэппин.

-Дьонуҥ дьиэлээх биитэр «курутуой” аймахтардаах эрэ буоллаххына үрдүк хамнастанаҕын, үлэ, дьиэ тэриниэххин сөп. Билиҥҥитэ куортамҥа олоробут, харчы онно ааһар турар.

-Ипотека аахтара сылдьыбытым да, мэлигир. Хамнаһым 40 тыһ. солк., оччоҕо үйэм тухары куортамҥа олоробун дуо? Уопсайынан, ыарахан олох кэллэ. “Олох оонньуута” дииллэрэ бу буоллаҕа дуу...

-Ханнык даҕаны хамсаабат баайа-дуола, хапытаала суох буоллаххына, аҥаардас кыра хамнаскынан баантан харчы иэс ыларыҥ уустук. Ыал буола охсон, сотору кэминэн ипотекаҕа анньыһан көрбүт киһи. Хапсарым саарбах, олоҕум онто да суох «выживание» курдук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...