«ДОМ.РФ» баан «Спортивнай» дьоҕус оройуон тутуутун үбүлүөҕэ
Туһааннаах докумуоҥҥа «РИА Альфа» генеральнай дириэктэрэ Владимир Трегубов уонна «Банк ДОМ.РФ» АУо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Кирилл Гришанов илии баттаатылар.
Сөбүлэһии чэрчитинэн 46 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуута ыытыллыаҕа, ол иһигэр хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүгэ. «Банк ДОМ.РФ» АУо 11 тыһыынча киһи олороругар анаммыт 328 тыһ. кв. м. иэннээх дьиэ тутуутугар 37,8 млрд солкуобай суумалаах кредитнэй үбүлээһини оҥоруоҕа.
Билиҥҥи туругунан «Спортивнай» дьоҕус оройуон территориятыгар көтүрүллүөхтээх 161 элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар, итинтэн 155-һэ – хаарбах туруктааҕынан билиниллибит.
Бу иннинэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга эргэ дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын 2030 сылга диэри түмүктүүр сорудаҕы биэрбитэ. Саҥа дьоҕус оройуоҥҥа олорор дьиэлэри сэргэ 2 оҕо уһуйаана, 2 оскуола, элбэх функциялаах спортивнай комплекс, гостиница, элбэх таһымнаах парковка уонна воркаут-балаһаакка тутуллуохтара.