23.04.2024 | 11:08

Дьол уйата – дьиэ кэргэн

Дьол уйата – дьиэ кэргэн
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу сыл муус устар 28 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 16.00 чаастан “Дьол уйата – дьиэ кэргэн” музыка-үҥкүү шоута ыытыллар.
Бырайыакка кыттар оҕо кэлэктииптэрэ: “Бриллианты Якутии” үҥкүүтүн ансаамбыла, “Домисольки” ырыа устуудьуйата (“Колокольчиктар”, “Уолан”, “Калейдоскоп”, “Айыы кыһата”, “Сулусчаана” бөлөхтөр), 2 №-дээх оскуола, Саха Политехническэй лицей уонна “Алгыстаах доҕордоһуу” дьахтар үҥкүү кэлэктиибэ. 
Бырайыак уратытынан Саха сиригэр олорор араас норуоттар сахалыы тылынан ыллыыллара буолар. Кинилэр талааннарын нөҥүө сахабыт тылын кэрэтин, сүөгэйин-сүмэтин тиэрдиэхтэрэ. Аан бастакытын оҕолор тэҥинэн ыллыахтара уонна үҥкүүлүөхтэрэ.
Салайааччылар - РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыстара Зоя, Афанасий Соловьевтар, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Семенова, режиссер, СӨ култууратын үтүөлээх деятелэ Александр Титигиров, бырайыак ааптара СӨ култууратын туйгуна Ольга Андреева ураты бырайыактарын кэлэн көрүҥ, истиҥ, сэргээҥ, оҕолор талааннарын айхаллааҥ, өйөөҥ диэн ыҥыраллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...