17.08.2022 | 14:00

«Дьокуускайы кытта төрөөбүт күн» аахсыйа биллэрилиннэ

Олохтоох дьаһалта, Куорат күнүн көрсө, «Дьокуускайы кытта төрөөбүт күн» аахсыйа ыытылларын туһунан биллэрдэ. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Дьокуускайы кытта төрөөбүт күн» аахсыйа биллэрилиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Итиннэ сыһыаннаах дьаһалга куорат баһылыга Евгений Григорьев илии баттаата.

2022 сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр Дьокуускай куорат төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр.

«Дьокуускайы кытта төрөөбүт күн» аахсыйаҕа куорат уокуругун территориятыгар балаҕан ыйын 11 күнүгэр төрөөбүт олохтоохтор кытталлар.

Куораты кытта биир күн төрөөбүт дьон суругунан сөбүлэҥнэрин биэрдэхтэринэ, биографиялара yakutskcity.ru Олохтоох дьаһалта сайтыгар тахсыаҕа.

Аахсыйа 2022 сыл атырдьах ыйын 15 күнүттэн балаҕан ыйын 2 күнүгэр диэри ыытыллар, кыттааччы РФ пааспарын, эбэтэр сокуоннай сааһын ситэ илик буоллаҕына төрөөбүтүн туһунан туоһу суругу көрдөрөр.

Аахсыйаҕа кыттарга суругунан сайаапкалары, хаартыскалары уонна видеоматырыйааллары 2022 сыл атырдьах ыйын 15 күнүттэн балаҕан ыйын ыйын 2 күнүгэр диэри Олохтоох дьаһалтаҕа тиксэриллэр, аадырыһа: 677000, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Дьокуускай куорат, Ленин уул.15 №-рэ, 111-с кэбиниэт. Электроннай  аадырыс: yakutsk390@bk.ru.

Түмүк 2022 сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр тахсыаҕа. Кыттааччыларга Куорат күнүгэр өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....