30.08.2021 | 12:55

Дьокуускайтан Благовещенскайга диэри айан

(суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)
Дьокуускайтан Благовещенскайга диэри айан
Ааптар: АННА КОЗЛОВА, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын саҥатыгар атын уобалас дьоно-сэргэтэ хайдах аһаан-таҥнан, туох сиэрдээх-туомнаах, тугунан дьарыктанан олороллорун көрөөрү-билээри уонна кэрэ айылҕаны кэрэхсии, улахан уолум ааҕы кытта Амурскай уобаласка айаннаатым. Айыы сирбит аламаҕай алгыһынан аттанан, сири-дойдуну сэҥээрэ көрө олордум. Айар үлэ олуктаах киһи быһыытынан харандааспын хостоон сурукка тиһэбин. Сүүрбэ биирис үйэ бастакы чиэппэригэр олохпут сайдыыта балысханнык түргэтээн, биһиги, сааһырбыт дьон, соһуйар-өмүрэр түгэммит элбээтэр элбээн иһэр. 
"Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар" бырайыак чэрчитинэн бу айаннаан иһэр суолбут – Дьокуускайтан Благовещенскайга диэри айан аартыга 2024 сылга аспаалланан бүтүөхтээх үһү. Вахтовай бөһүөлэктэр баар буолбуттар. Онно баазаланан олорон, анал формалаах дьон дьулурҕатык үлэлииллэр. Саха литературатын төрүттээбит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сайдыыбыт үрдүк таһымҥа тахсыаҕа диэбитэ кэллэ.
Айаннаан истэххэ олус ыраас, оҥоһуулаах,  киэҥ-куоҥ тохтобуллар элбээбиттэр. Ырааһыттан тардынан, чаҕыйан айанньыттар аһаан баран астарын тобоҕун, кыра бөҕү-сыыһы кымаахтаан, тимир буочукаҕа илдьэн быраҕалларын олус махтана көрөбүн. Киэһэлик, борук-сорук буолуута, хайа анныгар тохтоон турдахпытына, кыһыл саһыл сүүрэн кэлэн, ас эрэйэрдии утары көрөн турда. Мин киниэхэ илдьэ сылдьар чуораанчыкпын тыаһаппыппар, соһуйан чөрөс гынаат, уһун кутуругунан сири-буору сиппийэн баран хаалла. Айгыр-силик айылҕабыт маанылаах кыылын көрдөрдө, эһэни эрэ хаамтарбатар диэн саныы олордум.
Чаҕыл күммүт үөһэ күөрэйэ ойон тахсыыта куораппытын буллубут, түһэр сирбитин оҥостоот, үөрүүбүтүн санныбытыгар олордон Г.С. Новиков-Даурскай аатынан Амурскай уобалас краеведческай музейыгар көтүтэн тиийдибит. Нуучча норуотун былыргы, аныгы олоҕун кытта билистибит. Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана Благовещенскай куорат олохтоохторо биэс мөлүйүөнтэн тахса харчыны хомуйан, сөмөлүөт тутуутугар ыытан, 1943 сыл муус устар 12 күнүгэр И.В. Сталинтан Махтал сурук туппуттарын аахтым. Благовещенскай куорат олус тупсубут, ырааһырбыт, үрдүк дьиэлэринэн дьэндэйбит. Утары Кытай Хэйхэ куората киэһэ хараҥарда да, араас дьиримниир уоттарынан оонньуурун көрөн тураҕын.
Хас да хонукка астына күүлэйдээн, сонун сиргэ сонуну сураһа, санааны үллэстэ, кэрэни кэрэхсии сылдьан баран, айаммыт суолун аартыгынан төттөрү айаннаан сикситтибит. «Тит гораҕа» кэлээт, уолум Александр Степанович туора суолунан үөһэ сыгынньах хайа устун көтүтэ турда. Ростелеком вышкатын аннынан тиийэн тохтоотубут. Мантан унааран олорор үрдүк туруук хайалары эргиччи көрдүбүт. Становой хребёт үрдүгэр тахсан туран, саха биллиилээх поэта Н.Е. Винокуров Урсун «Хоһоон хотоҕосторо» диэн кинигэтиттэн биир хоһоону доргуччу, дуораччы аахтым.
Биирдэ бэриллэр олохпутугар киһи сири-дойдуну кэрийиэхтээх, билиитин, көрүүтүн кэҥэтиэхтээх диэн сыаллаах, соруктаах ити сындалҕаннаах айаҥҥа баран кэллим. Аар айылҕам биэрбит күүһүнэн, Сир ийэм сэниэтинэн тирэхтэнэн бэркэ сырыттым.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...