Дьокуускайга Юрий Трутнев кэллэ
РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочунай бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха сирин Бырабыыталыстыбатын кытта сүбэ мунньах ыытыаҕа.
Саха сирин баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Юрий Трутнев олохтоох былааһы кытта өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын ырытыһыаҕа.
Юрий Трутнев социальнай-экономическай сайдыы өттүнэн инникилээн иһэр территориялар тустарынан, ону сэргэ сиртэн хостонор баайы уонна геологическай чинчийиини туһалаахтык туһаныы тула кэпсэтиэҕэ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьиэ тутуутун хаамыытын, итиэннэ Дьокуускай аэропордугар сөмөлүөт көтөр-түһэр балаһатын саҥалыы уларытан оҥорууну кытта билсиэҕэ.
Боломуочунай бэрэстэбиитэл сайтыгар этиллэринэн, бу иннинэ Юрий Трутнев Владивостокка биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар киэҥ сүбэ мунньаҕы ыыппыт. Ону РФ Уһук Илини сайыннарар министиэристибэтэ уонна Генеральнай прокуратурата тэрийбит. Мунньахха социальнай-экономическай сайдыы өттүнэн инникилээн иһэр территориялар тустарынан, дьаһалта өттүттэн бизнеһи баттааһыны намтатыы уонна коррупцияны кытта охсуһуу тула кэпсэппиттэр.
Сүбэ мунньахха Юрий Трутнев РФ тырааныспарга министиэристибэтин Уһук Илиҥҥэ сөмөлүөтүнэн көтүүгэ тиксэр субсидиялары тыырааһынын иһин кириитикэлээбит.
«Тырааныспар министиэристибэтин сыыһатынан субсидиялары тэҥэ суохтук түҥэппитэ буолар. Кинилэри кытта кэпсэттибит, көннөрүүлэри киллэриэхтэрэ», - диэбит Трутнев.