Дьокуускайга ыччат скверэ арылынна
Автодорожнай уокурук Крупскай уулуссатыгар, «Теплай» күөл кытылыгар Ыччат скверэ баар буолла. Саҥа уопсастыбаннай миэстэ бэлэсипиэт парковкалаах, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо анаан пандустаах.
Арт-эбийиэк – тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыан бэлиэтэ. Сквер тутуутун идиэйэтин «МЭР-2020» куораттааҕы дьыалабыай оонньуу бырайыактарын көмүскээһин кэмигэр хамаандалартан биирдэстэрэ киллэрбит. Сквер архитектор-дизайнера – Виктория Минаева.
Тутуу туһунан этии Автодорожнай уокурук Управлениетыгар киирбит. Ол кэнниттэн олохтоох көҕүлээччилэри өйүүр Бырагыраама өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар сайаапка бэриллибит.
«Олохтоох көҕүлээччилэри өйүүр Бырагыраама чэрчитинэн хас биирдии киһи куораты тупсарыыга туһуламмыт этиитин киллэриэн сөп. Ыччат скверин тутуу туһунан этиини архитектор уонна инженер устудьуоннар эмиэ киллэрбиттэрэ. Ол иһин күүспүтүн холбоон бииргэ үлэлииргэ быһаарыммыппыт. Өссө үлэ кэмигэр ыччат сквергэ кэлэр идэлэммитэ», – диэн кэпсээтэ көҕүлүүр бөлөх бэрэстэбиитэлэ Дарья Филиппова.
Сквер сүрэхтэниитигэр Дьокуускай куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев, СӨ үпкэ Министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ, бырайыак көҕүлээччилэрэ уонна олоххо киллэрээччилэрэ кытыннылар.