Дьокуускайга Ыччат дьаһалтата тэрилиннэ
Алтынньы 28 күнүгэр Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа куорат баһылыгын иһинэн тэриллибит Ыччат дьаһалтатын бастакы мунньаҕа ыытылынна. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат политикатыгар Управлениета иһитиннэрдэ.
Мунньахха уокуруктар уонна куорат кытыытынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар ыччат сүбэлэрин бэрэссэдээтэллэрэ, уопсастыбаннай деятеллэрэ, көхтөөх кыттааччылара уонна куорат ыччатын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Куораттааҕы Ыччат дьаһалтатын састаабыгар 27 киһи киирдэ.
Куорат баһылыгын солбуйааччы, Уокуруктааҕы дьаһалта салайааччыта Руслан Тимофеев эҕэрдэ тылыгар бэлиэтээбитинэн, уопсастыбаннас института ураты суолталаах. Кини ыччакка көхтөөх, эппиэтинэстээх буолууну уонна киин куорат сайдыытыгар сыһыаннаах идиэйэлэрин олоххо киллэрэн иһэллэригэр баҕарда.
Көрсүһүү модератора – Уокуруктааҕы дьаһалта уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат политикатыгар Управлениетын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Ирина Атласова.
Мунньахха Управление уопсастыбаннай сибээстэргэ салаатын бэрэстэбиитэллэрэ «Норуот бүддьүөтэ-2022» бырайыак туһунан кэпсээтилэр.
«Норуот бүддьүөтэ» – киин куорат тупсарыытыгар, култуурунай, социальнай, спорт уонна аһымал тэрээһиннэригэр, ону сэргэ социальнай суолталаах эбийиэктэри саҥардан оҥорууга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ туһуламмыт бырайыактары кыттыһан үбүлээһин. Бырайыакка кыттар сайаапкалары сэтинньи 12 күнүгэр диэри туталлар (ити күнү киллэрэн туран).
Мунньах түмүгүнэн Ыччат дьаһалтатын салайар састааба талылынна:
· Ыччат дьаһалтатын баһылыга – Ефремов Нюргун Васильевич;
· бастакы солбуйааччы – Петров Гаврил Валерьевич;
· солбуйааччылар – Иванова Екатерина Сергеевна уонна Угапьева Матрёна Владимировна.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга «За вклад в развитие молодежной политики города Якутска» бэлиэлэри көхтөөх кыттааччыларга туттардылар:
1. Дьокуускайдааҕы ГРЭС «Якутскэнерго» ПАУо производственнай-техническэй салаатын начаалынньыга Григорьев Дмитрий Семеновичка;
2. Дьокуускайдааҕы ГРЭС «Якутскэнерго» ПАУо былаанныыр уонна өрөмүөнү бэлэмниир салаатын начаалынньыга Евмененко Сергей Федоровичка;
3. Уокуруктааҕы дьаһалта уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат политикатыгар Управлениетын волонтера Коротова Галина Владимировнаҕа;
4. ХИФУ первичнай профсоюзнай тэриллиилэрин бэрэссэдээтэлэ Попов Василий Анатольевичка;
Уокуруктааҕы дьаһалта Махтал суруктарын Ким Татьяна Николаевнаҕа уонна Флегонтова Лена Ивановнаҕа туттардылар.