05.09.2022 | 17:30 | Просмотров: 622

Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспары саҥардыы салҕанар

Евгений Григорьев ВЭФ-2022 балаһааккатыгар Дьокуускай куорат маастар-былаанын билиһиннэрдэ, итиэннэ уопсастыбаннай тырааныспар систиэмэтин саҥардыыга бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥэ баттанна диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, балаҕан ыйын 5 күнүгэр, Владивосток куоракка ыытыллар Илиҥҥи экономическай форум балаһааккатыгар Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев киин куорат маастар-былаана олоххо киириитин билиһиннэрдэ.

«Регион Баһылыгын Ыйааҕынан ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар Дьокуускай бастыҥ куоратынан буолуохтаах. Итини таһынан, маастар-кылаас олоххо киириитин чэрчитинэн куорат стратегиятын чопчулааһыҥҥа улахан үлэ ыытыллыаҕа», - диэтэ Евгений Григорьев.

Форумҥа куорат баһылыга икки бырайыагы – култуура уонна сынньалаҥ пааркатын, итиэннэ Кырдьаҕас куораты уларытан оҥорууну билиһиннэрдэ.

Итини сэргэ «ВЭБ.РФ» сайдыы судаарыстыбаннай корпорациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Артем Довлатов, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускай уопсастыбаннай тырааныспарын систиэмэтин саҥардыыга туһаайыллыбыт бырайыактары олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.