27.04.2021 | 22:34

Дьокуускайга умнуллубат күн

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Саха Автономнай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэнэригэр олук уурбут чулуу дьоммутуттан биирдэстэрэ Платон Алексеевич Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ кылаабынай федеральнай иниспиэктэрэ Евгений Корнеев, Саха сириттэн РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов кыттыыны ыллылар.

«99 сыл анараа өттүгэр биһиги чулуу убайдарбыт сыралаах үлэлэрин түмүгэр Саха сирэ автономнай буоларын ситиспиттэринэн, Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэбит киин куората буолбутунан киэн туттабын. Өрөспүүбүлүкэбитин уонна тапталлаах куораппытын сайыннарыы – биһиги бүгүҥҥү сорукпут, өбүгэлэрбит иннигэр ытык иэспит»,  – диэтэ Евгений Григорьев.

Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна уопсастыбаннаһа, салайааччылара автономияны төрүттэспит суударыстыбаннай, уопсастыбаннай деятеллэрбит Максим Аммосов, Исидор Барахов, Василий Никифоров, Өксөкүлээх Өлөксөй, Степан Васильев пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, үтүө тылынан ахтан-санаан аастылар.  

Бу күн уокуруктарга уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр буолан аастылар. Коронавирус тарҕанарын бопсор сыалтан онлайн форматынан ыытылыннылар. Ол курдук, Сайсары уокуругар «Аҕа дойду туохтан саҕаланарый» интерактивнай викторина ыытылынна. Губинскай уокурукка араас омук көстүүмнэринэн хаартысканан күрэх буолла, оттон Октябрьскай уокурукка Саха сирин туһунан хоһооннору аахтылар. Киин уокурук библиотека ааҕааччыларыгар кыраайы үөрэтиигэ аналлаах  видеоконференция ыытта. Промышленнай уокурук оҕо уруһуйдарын күрэҕин тэрийдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...