Дьокуускайга улуу убайдар ааттарынан уулуссалар, сквердэр уонна пааматынньыктар
Муус устар 27 күнэ Сахабыт сирин историятыгар бэлиэ суолталаах. Бу күн 1922 сыллаахха РСФСР иһинэн Саха АССР тэриллибитэ. 70 сыл ааспытын кэннэ, 1992 сыллаахха, бу дьоһун даатаны бэлиэтээн, муус устар 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн бэлиэтиир туһунан дьаһал ылыллыбыта. Икки сыллааҕыта, 2022 сыллаахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бүттүүнэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээбитэ.
Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар судаарыстыбаннаһы олохтоспут улуу убайдарбыт М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов, С.М. Аржаков о.д.а. ааттарын уулуссалары, сквердэри, пааматынньыктары үйэтитэллэр.
Платон Ойуунускай пааматынньыга Орджоникидзе болуоссатыгар турар, олуга сыыр моһуоннааҕын иһин кыһыннары-сайыннары кырачааннар сөбүлээн мусталлар. Өйдөбүнньүк кэннигэр “П” быһыылаах ааркаҕа суруйааччы айымньыларыттан быһа тардыылар чочуллубуттар. Пааматынньыгы 2003 сыллаахха туруорбуттара, скульптора Петр Захаров.
2019 сыллаахха Ойуунускай аата «Туймаада» аэропорка иҥэриллибитэ. Маны таһынан куорат биир киин уулуссата Ойуунускай аатын сүгэр.
Исидор Барахов пааматынньыга Поярков уонна Киров уулуссаларын быһа охсуһууларыгар «Туймаада» ырыа судаарыстыбаннай ансаамбылын кэнсиэртиир саалатын иннигэр турар.
Пааматынньыгы 2017 сыллаахха туруорбуттара, скульптора Семен Прокопьев.
Барахов аатынан уулусса Гагарин уокуругар баар.
Степан Аржаков аатынан уулусса Кырдьаҕас куоракка Преображенскай таҥара дьиэтин аттынан ааһар. Манна киниэхэ аналлаах пааматынньык, сквер бааллар. Пааматынньыгы 2019 сыллаахха скульптор Афанасий Романов оҥорбута.
Максим Аммосов аатынан сквер Белинскэй уонна Кулаковскай уулуссаларын быһа охсуһуутугар Устудьуон куоратын аттыгар 2005 сыллаахха тутуллубута. Сквер ортотугар турар М.К. Аммосов пааматынньыгын ааптара Николай Белолюбскай.
Аммосов аатын сүгэр уулусса Орджоникидзе уулуссатыттан саҕаланан, Ленин проспегын быһа охсон, Кырдьаҕас куоракка түмүктэнэр.