Дьокуускайга суолу аспааллааһын түмүктэнэн эрэр
Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, киин куоракка «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн былааннаммыт 48,25 км-тэн 46 км суол оҥоһулунна, ол эбэтэр үлэ 95 %-на бүттэ. Ол туһунан сакаасчык «Главстрой» МКТ иһитиннэрдэ.
Аспааллааһыҥҥа быйыл киириэхтээх 36 эбийиэктэн 35-гэр үлэ түмүктэммит. Иван Кульбертинов уулуссатыгар бэдэрээччик «РИК Автодор» АУо аспаал иккис балаһатын уура сылдьар. Итиннэ тупсаран оҥоруу, суол кытыытынааҕы таастары, сатыы уонна бэлисипиэттэх дьон сылдьар суолун бэлэмнээһин ыытыллар.
Билиҥҥи туругунан, суол кытыытыгар хааччахтары, суол бэлиэлэрин, сырдатыы ситимин, светофордары, дьоҕус архитектура пуормаларын туруоруу уонна көҕөрдүү үлэтэ Халтурин, Клара Цеткин, Кутузов, Рыдзинскай, Жуковскай, Авиатордар, Пилоттар, Покрышкин, Тэкки Одулок, Христофор Максимов, Широких-Полянскай, Шевченко, Студенческай уулуссаларга, Птицефабрика дьоҕус оройуонугар Нагорнай, Тулагы сэлиэнньэтигэр Николаев, Мархаҕа Советскай, Заводской, Интернациональнай уонна Олег Кошевой, итини сэргэ Хатас сэлиэнньэтигэр Сидор Алексеев уулуссаларыгар ыытыллар. Окружной шоссеҕа массыына суолун тупсаран оҥоруу бара турар.
Буор оҥоһуулаах суол тутуута уонна өрөмүөнэ 6 эбийиэккэ – Табаҕа уонна Тулагы сэлиэнньэлэригэр баар элбэх оҕолоох ыаллар кыбартаалларыгар тиийэр суол, Хатас сэлиэнньэтигэр Ойуунускай уонна Сидор Алексеев уулуссаларыгар, Кангалаас сэлиэнньэтигэр Объездной суол уонна Тускул дьоҕус оройуоҥҥа Иосиф Николаев уулуссатыгар үлэ түмүктэннэ. Дьокуускай куорат территориятыгар тутуллубут буор оҥоһуулаах суол уопсай уһуна – 10,694 км.
Киин куорат уокуругун бэдэрээччиктэрэ – «РИК Автодор» АУо, «Дорстрой» ХЭТ, «Инвестдорстрой» ХЭТ, «Туймаада» ХЭТ, «Сельдорстрой» ХЭТ, «Альянс 2005» ХЭТ, ДРСУ «Сэттэ» ХЭТ, «Дорисс» ПАУо.
Быйыл, 2021 сылга, Дьокуускай куорат территорияларыгар баар суоллары тутуу, саҥардан оҥоруу, капитальнай өрөмүөн уонна өрөмүөн рекордка тиийэр таһымҥа чугаһаабыт. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга суол-уулусса ситимин сайыннарыыга 2,2 млрд солк былааннаммыт. Бырайыак чэрчитинэн 2019-2024 сылларга, биэс сыл иһигэр, барыта суол 85 %-на тутуллан нуормаҕа эппиэттиир турукка киириэхтээх.