14.09.2021 | 10:00

Дьокуускайга сонун экспедицияны кытта көрсүһүү буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Байкал-Аляска: путь сибирских купцов» экспедиция бырайыагын ааптара уонна капитана Анатолий Казакевичтыын уонна экспедиция чилиэннэрэ Виктория   Волковалыын, Артем Богославскайдыын көрсүһүү буолла. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Кэлбит ыалдьыттар суруналыыстарга Байкал-Аляска бырайыак презентациятын, «Байкал-Аляска: от Иркутска до Шантарских островов по пути первопроходцев» айан каартатын көрдөрдүлэр. 
Анатолий Казакевич иһитиннэрбитинэн, экспедиция бастакы сири арыйааччылар ааспыт территорияларыгар билигин хайдах олороллорун көрөр баҕаттан, историктарга анаан матырыйаал хомуйар сыалтан саҕаламмыт уонна улахан бырайыак буола үүммүт, сүүһүнэн дьону түмпүт. 
«Иркутскайтан сылдьар предпринимательбын. 2007 сылтан мин хампаанньам Байкалга туризмы сайыннарыынан дьарыктанар. Мин 2013 сылга  Иркутскай губерния историятын сэдэх матырыйаалларын кытта билсибитим.   Онно икки үйэ анараа өттүгэр Сибиир предпринимателлэрин бырайыактара Енисейтэн Аляскаҕа диэри киэҥ сири хабан олорбуттарын билбитим. 800 атыыһыт Иркутскайга мустан, Иркутскайтан Аляскаҕа диэри атыы суолун арыйан Арассыыйа-Америка хампаанньатын тэрийбиттэр, онтулара ол саҕана аан дойдуга баар бөдөҥ атыы хампаанньаларыттан биирдэстэринэн буолбут», – диэн кэпсээбит экспедиция салайааччыта. 
Анатолий Казакевич хамаандата 150 сыл буолан баран атыыһыттар баарыстаах катамарынан айаннарын хатылаабыттар. Нуучча географическай обществотын өйөбүлүнэн «Байкал-Аляска: путь сибирских купцов» экспедиция Иркутскайтан Ситкаҕа диэри 15 000 км сири барбыттар. 
Экспедиция салайааччыта этэринэн, билигин Иркутскай губерния историятын, атыыһыттар тэрийбит экспедицияларын туһунан дааннайдары чөлүгэр түһэриигэ үлэ барар.  Ол курдук, Арассыыйа-Америка хампаанньатын урукку дьиэтигэр Нуучча Америкатын музейын тэрийии, сибиир атыыһыттарын скверин, паарка-отели оҥоруу былааннанар. 
Инники өттүгэр ити сэдэх айан суола туризм сайдар хайысхатанынан буолуон сөп диэн этилиннэ. Билигин экспедиция туристарга кэрэхсэбиллээх буолар матырыйааллары хомуйар. Экспедиция кыттыылааҕа,  «Байкал-Аляска” документальнай киинэ режиссера Артем Богославскай иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа илиҥҥи өттүн туһунан документальнай киинэ уһуллар, итин сэргэ кинигэ тахсыбыт эбит.
Пресс-конференцияҕа СӨ предпринимательствоҕа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирин бастакы солбуйааччы Максим Карбушев кытынна. 
«Экспедиция кыттыылаахтара айанньыттарга сэдэх сирдьити уонна айан суолун оҥорбуттар, Иркутскай уобалаһыттан Уһук Илиҥҥэ диэри Арассыыйа сэттэ регионнарыгар айаны тэрийэргэ көмөлөспүттэр», – диэн бэлиэтээтэ миниистир солбуйааччыта.
Бырайыак сэттэ сылын тухары сэттэ илиҥҥи регионнарынан – Иркутскай уобалаһынан, Бурятиянан, Саха сиринэн, Хабаровскай кыраайынан, Магаданскай уобалаһынан, Камчатканан уонна Чукотканан сылдьыбыттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...