Дьокуускайга «Саха сирин амтана» үбүлүөйдээх бэстибээл ыытыллыаҕа
Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиҥҥэ ресторатордар, ол курдук, 12 уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэтэ – «Kitchen», «Крыша», «CHUKCHA», «Аврора», «Кантри Стейк», «Кабинет», «Орто Дойду», «Муус Хайа», «Зелёный город», «Тыгын Дархан» рестораннар, «Махтал» саха аһын киинэ уонна «Атласовтар уһаайбалара» этнокомплекс кыттыахтара.
Бэстибээл үөрүүлээх аһыллыыта сэтинньи 27 күнүгэр, «Муус Хайа» рестораҥҥа гастрономическай тыйаатыр көрүҥүнэн, «Саха сирин амтана» бэстибээл урукку сыллардааҕы Гран-при хаһаайыттара уонна Саха сирин биллиилээх шеф-повардара кыттыылаах буолуоҕа.
Бырагыраамаҕа гастрономическай тыйаатырдар, маастар-кылаастар, куонкурустар, презентациялар уо.д.а. киирдилэр. Бэстибээл чэрчитинэн, сэтинньи 29 күнүгэр, Ю.А. Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы технологическэй техникум повар-устудьуоннарын ортотугар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх ыытыллыаҕа. Ахсынньы 1 күнүгэр «Питание и биотехнологии для здоровья сбережения населения Арктической зоны Российской Федерации» VII-с научнай-практическай конференция буолуоҕа.
Бэстибээлгэ уопут атастаһа Мурманскайтан, Заполярнайтан, Владивостоктан, Кемероваттан биллиилээх шеф-повардар кэлэллэрэ күүтүллэр.