Дьокуускайга саататар кииннэртэн аппаратураны былдьаатылар
Куорат икки саататар кииннэриттэн РФ КоАП 27.10 ыстатыйатыгар олоҕуран сокуону административнай кэһии иһин муусука аппаратурата былдьанна. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Административнай хамыыһыйа информациятынан, атырдьах ыйын 28 уонна 30 күннэринээҕи эриэйдэлэр түмүктэринэн коронавирус инфекциятын тарҕаппат сыаллаах хааччахтыыр миэрэлэри киллэрии туһунан СӨ Баһылыгын Ыйааҕын кэһии иһин «H.a.j.i.m.e» кулууптан уонна «GЕОГРАФИЯ» караоке-бартан муусука аппаратурата былдьаммыт.
Административнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов бэлиэтээбитинэн, СӨ Баһылыгын 1294 №-дээх Ыйааҕар олоҕуран, рестораннар, кафелар, остолобуойдар, буфеттар, бардар, закусочнайдар үлэлииллэрэ көҥүллэнэр, ол эрэн дискотекалары уонна да атын саататар тэрээһиннэри – кэнсиэртэри, караоке, танцпол, кальян өҥөлөрүн оҥоруу бобуллар.
«Үөһээ этиллибит тэрилтэлэр бобуллубутун билэн туран дискотекалары уонна караокены тэрийбиттэр. Ити ирдэбиллэри тутуспат буолуу сокуону административнай кэһии буолар. РФ КоАП 27.10 ыстатыйатыгар олоҕуран, боротокуолу толорор дуоһунастаах сирэй буруйу оҥорууга туттуллубут тэрили былдьыыр бырааптаах. Салҕыы былдьаммыт тэриллэр боротокуолу кытта суукка бараллар», – диэн быһаарбыт Феликс Антонов.
Атырдьах ыйын 27-28 күннэригэр санитарнай нуормалары тутуһууну бэрэбиэркэлээн 21 түүҥҥү саататар кииннэргэ эриэйдэ ыытыллыбыт. «Корона» караоке-барга (Ленин проспега, 10/1), социальнай дистанцияны тутуһар бэлиэлэр суохтарын туһунан акт толоруллубут. Итини таһынан, кальян өҥөлөрө оҥоһуллара уонна үлэ эрэсиимэ кэһиллэрэ биллибит. Көҥүлэ суох үлэлиир «ПивХаус» барга (Ильменскай уул., 72/2) үлэ эрэсиимин кэһии туһунан акт толоруллубут.