Дьокуускайга саҥа сквердэр тутуллуохтара
СӨ үбүн министиэристибэтэ Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама чэрчитинэн куораты тупсарыыга 10 бастыҥ бырайыакка 3 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ субсидия көрүөҕэ. Маныаха барыта 26 мөлүйүөн солкуобай тыырыллыаҕа. Автодорожнай, Киин уокуруктар уонна Табаҕа сэлиэнньэтин сайаапкалара сүүмэрдээһини ситиһиилээхтик аастылар.
“МЭР-2020” дьыалабыай оонньуу кыайыылаахтара Автодорожнай уокурукка ыччат скверин тутуутун көҕүлүүр бырайыактара куорат салалтатын үрдүк сыанабылын ылбыта.
«Сквер тутуллар сирин быһаардыбыт, дизайнын бырайыагын бэлэмнээтибит. Көхтөөх ыччат Автодорожнай уокуругу кытта сайаапкалары бэркэ табан оҥорбуттар. Онон саҕаламмыт бырайыагы олоххо киллэрии – уопсай сорукпут», – диэн иһитиннэрдэ Дьокуускай куорат Архитектураҕа уонна куораты тутууга политикатын управлениетын сүрүн архитектора Семен Сергеев.
Автодорожнай уокурукка өссө биир бырайыак сайаапката биһирэннэ. Ол курдук, сотору кэминэн Теплай күөлгэ “Алгыстаах аартык” диэн выпускниктар сквердэрэ олоххо киириэҕэ.
Оттон Табаҕаҕа Искусство уонна Билии сквердэрэ баар буолуохтара.
Маны таһынан Залог историческай оройуона тупсарыллыаҕа, “Тускул” микрооройуон суоллара кутуллуохтара уонна грейдеринэн тэҥнэниллиэхтэрэ. 10 нүөмэрдээх оҕо уһуйаанын спортивнай балаһааккатын эрэһиинэнэн бүрүйүү, Табаҕаҕа Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Улуу Кыайыы пааматынньыга, “128-с кыбаарталга сынньалаҥ зоната” уопсастыбаннай эйгэ, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын киириитин өрөмүөнүн бырайыактара сүүмэрдээһини аастылар.
«Сыл устата бырайыактар бары олоххо киирэллэрин ситиһиэхтээхпит. Үгүс сайаапка сүүмэрдээһини кыайан ааспата, эһиил бэлэмнэниэхтэрин, туох табыллыбатаҕын учуоттуохтарын наада», – диэтэ Семен Сергеев.