Дьокуускайга саҥа кыбаартал бастакы сыбаайата түстэ
Өрүс пуордугар «Өлүөнэ үрдэллэрэ» туспа инфраструктуралаах уонна дьаарбайар кытыллаах олорор дьиэ кыбаарталын тутуу – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка биир бөдөҥ бырайыак. Олохтоохтор бары өттүнэн табыгастаах куорат эйгэтигэр хаачыстыбалаах дьиэлэниэхтэрэ. Бырайыакка 350 миэстэлээх түөрт оҕо уһуйаанын уонна 1100 миэстэлээх икки оскуола тутуута көрүлүннэ. Тутуу «Дьокуускай» өрүс пуордун анал тутааччыта» ХЭТ уонна Олохтоох дьаһалта түһэрсибит территориялар биир кэлим сайдыыларын туһунан сөбүлэҥҥэ олоҕурар.
«Дьокуускайга баччааҥҥа диэри Өлүөнэ өрүс таһыгар тутуллубут, кэрэ көстүүлээх кытыллаах уонна куорат туоналаах кыбаартал суох этэ. Ол иһин тута саҥа кыбаартал тутуутун туһунан идиэйэни өйөөбүтүм. Бүгүн, дойдубутугар ДОМ.РФ курдук сайдыы институттара баар буоланнар, толкуйбут олоххо киирэн эрэр. Сыалбыт – мөлүйүөн квадратнай миэтэрэлээх олорор дьиэҕэ тахсыы, саҥа кыбаартал туруоруммут сорукпутугар улахан кылаатынан буолар. Үлэ саҕаламмытынан барыгытыгар махтанабын», – диэтэ Айсен Николаев.
Саҥа кыбаартал урукку таһаҕас тиэйэр кытылга турар, иэнэ –33.7 га. Территорияҕа араас кылаастаах олорор дьиэ тутуллуоҕа. Кыбартыыралар уопсай иэннэрэ 363 тыһ. кв. м тэҥнэһэр, коммерческай инфраструктура – 16 тыһ. кв. м.
Бырайыак Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук олохтоохторун дьиэнэн хааччыйыыга судаарыстыба өйүүр бырагырааматыгар киирэр. Тутууну уһун болдьохтоох бырайыагынан ДОМ.РФ баан үбүлүүр, кээмэйэ – 50.3 млрд. солкуобай.