Дьокуускайга саҥа хайысхалаах үөрэҕирии кэлимэ тутуллуо
Сэргэлээхтиир суол 12 км турар 34 №-дээх коррекциялыыр хайысхалаах оскуола оннугар доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах үөрэҕирии кэлимэ (комплекс) тутуллуо. Ол туһунан от ыйын 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев эттэ.
Бастакы былаанынан, муниципальнай былаастар манна 350 миэстэлээх саҥа коррекциялыыр оскуоланы уонна 120 миэстэлээх интэринээти, аттыгар 2000 миэстэлээх уопсай үөрэхтээһин оскуолатын тутуохтаахтар эбит. Ити былааны төрөппүттэр уонна педагогтар утаралларын биллэрэн өрөспүүбүлүкэ баһылыгыттан боппуруоһу быһаарарыгар көрдөспүттэр.
Ил Дархан Айсен Николаев куорат баһылыга Евгений Григорьевтыын оскуола территориятыгар тиийэн кэлэктииби уонна төрөппүттэри кытта көрсүбүттэр.
«2000 миэстэлээх оскуола тутулларын былырыын ким да эппэтэҕэ. Территория төһө да улаханын иһин икки улахан эбийиэк тутулларыгар барсыбат. Уопсай үөрэхтээһин оскуолата уонна оҕолор социальнай адаптацияны ааһар кииннэрэ бииргэ тураллара сатаммат», - дииллэр төрөппүттэр.
Айсен Николаев кинилэр этиилэрин кытта сөбүлэһэн, манна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах үөрэҕирии кэлимин тутарга этии киллэрбит.
"Мин урут манна хаста да сылдьыбытым, оҕолору кытта кэпсэппитим, кинилэр ураты оҕолор, ол иһин кинилэргэ ураты усулуобуйа наада. Бу территория кинилэр бэйэлэрин күөмчүлэммит курдук санамматтарыгар олус барсар. Манна тула күөх үүнээйи, ыраас салгын, сынньанарга барсар усулуобуйа. Ол иһин мин манна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго интэринээт уонна уһуйаан тутулларыгар этии киллэрэбин", – диэтэ Ил Дархан муниципальнай былаастарга туһаайан.
Итини сэргэ, Айсен Николаев манна икки коррекциялыыр хайысхалаах 34 уонна 22 нүөмэрдээх оскуолалар көһөн кэлэллэрин туһунан этии киллэрдэ. Ити икки оскуола дьиэлэрэ эргэрбитэ бэлиэтэннэ.
Билиҥҥи туругунан 34 №-дээх оскуолаҕа 293 доруобуйаларыгар хааччахтаах, ол иһигэр 170 инбэлиит оҕолор бааллар. Оттон 22 №-дээх оскуолаҕа – 254 доруобуйатыгар хааччахтаах уонна 94 инбэлииттээх оҕо үөрэнэр.