12.06.2024 | 19:48

Дьокуускайга саҥа 9 №-дээх ДЮСШ баар буолла!

Дьокуускайга саҥа 9 №-дээх ДЮСШ баар буолла!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, Арассыыйа күнүгэр, Дьокуускайга өссө биир сабыс-саҥа спорт комплекса үлэҕэ киирдэ, ону кытта тохсус ДЮСШ баар буолла.
Ильменскэй уулусса, 27 аадырыска тутуллубут саҥа спорт комплекса «Демография» национальнай бырайыак «Спорт – норма жизни» бырагырааматынан баара-суоҕа 10 ый иһигэр олоххо киирдэ. Комплекс маҥнайгы этээһигэр – волейболлуур саала, иккискэ бокса, тренажёрдар саалалара, медкабинет, тренердэр хосторо бааллар. Манна VIII-с «Азия оҕолоро» волейболга күрэхтэһиилэрэ буолуоҕа.


«Азия оҕолорун» кэнниттэн манна тустуу, гимнастика, бокса, пауэрлифтинг, волейбол дьарыктара ыытыллыаҕа. Ону сэргэ сахалыы остуол оонньууларыгар дьарыктаныахха сөп буолуоҕа.
Эбийиэги үөрүүлээхтик арыйыыга бүгүн куорат баһылыга Евгений Григорьев саҥа тутуу куорат тохсус оҕо спордун оскуолата уонна уус-уран гимнастиканан дьарыктанааччылар бастакы ДЮСШлара буоларын тоһоҕолоото. «Биһиги куораппытыгар бу тохсус ДЮСШ уонна бастакы уус-уран гимнастика ДЮСШта баар буолла. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга 1000 кэриҥэ кыыс уус-уран гимнастиканан дьарыктанар, кыргыттар мантан ыла бары ирдэбилгэ эппиэттиир бэйэлэрэ туһунан саалалаах буолуохтара. Дойду баһылыга Владимир Путин өйөбүлүн ылбыт маастар-былаанынан 2030 сылга диэри биһиги куорат атын оройуоннарыгар өссө 7 спорт эбийиэгин тутуохпут»,– диэн бэлиэтээтэ Евгений Григьорьев уонна тутааччыларга – муниципальнай сакаасчыт «Главстрой» МХТ уонна бэдэрээтчит «Монтажник» ПК – махталын биллэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...