Дьокуускайга үөрэх дьыла очнай көрүҥүнэн саҕаланыа
Билии күнүгэр аналлаах үөрүүлээх линейка, күн-дьыл туруга үчүгэй буоллаҕына, таһырдьа очнай көрүҥүнэн ыытыллар. Ол туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын Үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов иһитиннэрдэ.
«Балаҕан ыйын 1 күнүгэр төрөппүттэр кэлиэхтэрин сөп, ол эрэн оҕолортон кинилэргэ анаммыт туспа миэстэҕэ тураллар. Билии күнүн ыытыллар көрүҥэ күн-дьыл туругуттан тутулуктаах, оскуола иһигэр элбэх киһини мунньарбыт сатаммат», – диэн бэлиэтээтэ Алексей Семенов.
Куорат 52 оскуолата уонна Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа үөрэх саҕаланыытыгар толору бэлэмнэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсай үөрэхтээһин бары тэрилтэлэрэ тутар процедураны этэҥҥэ ааспыттар.
Быйыл, 2021 сылга, уопсайа 99 мөлүйүөн солкуобай суумалаах өрөмүөн үлэтэ 10 орто оскуолаҕа, 5 куорат таһынааҕы лааҕырга уонна 6 оҕо уһуйааныгар ыытыллыбыт. Итини таһынан, 5 оскуолаҕа бөҕөргөтөр, чөлүгэр түһэрэр үлэ түмүктэнэн эрэр, 6 эбийиэккэ инструментальнай чинчийии ыытылла турар.
Үөрэх управлениета иһитиннэрбитинэн, маҥнайгы кылааска киирэргэ төрөппүттэртэн 5 800 сайабылыанньа киирбит. «Сайабылыанньалары балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри ылабыт. Управление оҕо барыта оскуолаҕа киирэрин курдук ити боппуруоска болҕомтолоохтук сыһыаннаһар», – диэтэ Үөрэх управлениетын начаалынньыга.
Үөрэх кэмигэр оҕолор ортолоругар инфекционнай ыарыынан ыалдьыы түбэлтэтэ таҕыстаҕына, кылаастар биирдиилээн харантыыҥҥа барыахтара. Оттон ыарыы элбээтэҕинэ, былырыыҥҥы курдук, оскуолалар эмиэ дистанционнай көрүҥҥэ көһөллөр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ оскуолалар дезинфекциялыыр тэриллэринэн, салгыны ыраастыыр рециркулятордарынан толору хааччыллыбыттар.