24.08.2022 | 14:00 | Просмотров: 634

Дьокуускайга үөрэҕирии үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтара ыытыллыаҕа

Атырдьах ыйын 26 күнүгэр Дьокуускайга куорат уокуругун педагогическай үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтара ыытыллыаҕа диэн иһитиннэрдэ Үөрэҕирии управлениета.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка сайыҥҥы чэбдигирдэр хампаанньа түмүктэнэрэ чугаһаата. Сайын устата 38 күнүскү чэбдигирдэр, 5 куорат таһынааҕы, икки үлэ уонна сынньалаҥ, 1 палаатканан сытар лааҕырдар, итиэннэ 3 оҕо уһуйааннарын сайыҥҥы даачалара үлэлээтилэр. Итини таһынан, үөрэҕирии тэрилтэлэрэ лааҕырынан хабыллыбатах уонна кризиснэй турукка сылдьар оҕолорго социальнай бырагыраамаларынан үлэни тэрийдилэр. Куорат уокуругун 20 тыһыынча кэриҥэ оҕото сайыҥҥы сынньалаҥынан, чэбдигирдиинэн уонна дьарыктаах буолуунан хабылынна.

Кэлэр 2022-2023 үөрэх дьылыгар куорат уокуругун оскуолаларын 1-гы кылаастарыгар 6000 кэриҥэ оҕо барар. Оҕо уһуйааннарын боруогун аан бастаан 5400 тахса оҕо атыллыаҕа.

Үөрэх саҕаланыан иннинэ федеральнай бырагырааманан куорат уокуругун 11 оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн түмүктэнэр (Д.Г. Новопашин аатынан 10-с №-дээх, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К.Попов аатынан 20-с №-дээх,  21-с №-дээх, В.И. Малышкин аатынан 23-с №-дээх, 27-с №-дээх, 31-с №-дээх, Л. А. Колосова аатынан 33-с №-дээх, 36-с №-дээх оскуолалар, Саха политехническэй лицей, А.Г. уонна Н.К.Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия уонна 1-гы №-дээх Марха оскуолата).

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр, «Цифровой үөрэхтээһин эйгэтэ-2022» туонатын Биир кэлим аһыллыытын күнүгэр, 3 муниципальнай үөрэҕирии тэрилтэлэрэ – «Глобальнай үөрэхтээһин киинэ» гимназия», «Надежда» 36-с №-дээх алын сүһүөх оскуолата уонна Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа үөрэнээччилэргэ бэлэмнээбит саҥа кыахтарын көрдөрүөхтэрэ уонна бырайыагы саҕалыахтара.  

2022-2023 үөрэх дьылыгар педагогтары уонна үөрэнээччилэри кэккэ уларыйыылар күүтэллэр: саҥардыллыбыт ФГОС-ка көһүү; оскуолаларга электроннай докумуоннары оҥоруу, оскуола иһинээҕи олимпиадалары ыытыы саҥа бэрээдэгэ уо.д.а.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.