ДЬОКУУСКАЙГА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ БАСТЫҤ ЫЧЧАТА
Бу күннэргэ Дьокуускайга «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр Сомоҕолоһуу уонна Иллээх ыаллаһыы сылын түмүктүүр «Ыччат бириэмэтэ” диэн ааттаах бэстибээл буолла. Манна ыччат бэлиитикэтигэр бастыҥ үлэлээх дьону, улууһу, түмсүүнү быһаардылар, сыл түмүгүн таһаардылар. Санатан эттэххэ, быйылгыттан саҕалаан үгэскэ кубулуйбут «Ыччат баала” ыытыллыбат.
ААҺАН ЭРЭР СЫЛЫ САБА БАТТААТАХХА
2019 с. саха ыччатыгар ситиһиилээхтик ааста. Ол курдук, Хаҥалас улууһун «Орто дойду» этнокомплексыгар «ТАБЫС» («Таптаа, алҕаа, байыт ытык сиргин») бэстибээл буолбута. Ыччаты көҕүлүүр патриотическай «Юнармия» бэстибээл ыытылынна. Сыл ахсын ыытыллар «Синергия Севера» үөрэх туура тиһигин быйыл да быспата. Аан маҥнайгытын федеральнай таһымнаах уонна ыччат дьыалатыгар төһүү күүс буолар (РОСМОЛОДЕЖЬ) улахан семинары ыытта. Кыайыы 75 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэтээҕи «Знамя Победы» диэн эстафета олохтонно. Бу эстафета сыл устата улуустары кэрийиэхтээх, Кыайыы күнүн көрсө эргиллиэхтээх.
ЫЧЧАТ БИРИЭМЭТЭ
«Арассыыйа – мин историям» история мультимедийнэй пааркатыгар «Ыччат бириэмэтэ» бэстибээл ыытыллынна. СӨ ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникациятын миниистирин бастакы солбуйааччы Александр Сусоев быйылгыттан саҕалаан министиэристибэҕэ араас хабааннаах тэрээһиннэр, саҥа киллэриилэр ыытыллыбыттарын эттэ. Ол курдук, “Ыччат баалын” оннугар өрөспүүбүлүкэ көхтөөх ыччатыгар үөрэтэр куурустары тэрийэр буолбуттар.
Аан маҥнайгытын өрөспүүбүлүкэтээҕи «Министр» дьыалабыай оонньуу кыттыылаахтарын билиһиннэрдибит. Маны таһынан РОСМОЛОДЕЖЬ исписэлииһэ Екатерина Гераскина ыччаты иитиигэ, үөрэтиигэ, сайыннарыыга араас лиэксийэлэри, трениннэри кэлэн аахта. Бу маннык быһыылаах үлэ инникилээх буолуон сөп диэн санааҕа кэллилэр. «Бириэмэ уларыйа турар, саҥа саҕахтар арылла тураллар, ону кытта өрөспүүбүлүкэ ыччата тэҥҥэ хаамыахтаах», — диир Сусоев.
«Буола турар быһыыны-майгыны ыччат бэйэтэ ырытан, анааран көрүөхтээх, эппиэтинэһи бэйэтин илиитигэр ылыахтаах. Билиҥҥи ыччат сытыы стратегическэй өйдөөх, айымньылаах, креативнай толкуйдаах, түргэн-тарҕан туттуулаах, аныгы технологиялары дэбигис баһылаан иһэр», — диэн эбэн эттэ СӨ ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистири солбуйааччы Александр Сусоев.
Бу күн мустубут ыччаттар хамаанданан арахсан, өрөспүүбүлүкэ олоҕун 22 саамай сытыы салаатын ырытан көдүэр. Ол курдук, инфраструктура хаарчахтара уһулуннахтарына, өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илиҥҥэ уонна дойдуга бүттүүнүгэр экономикаҕа баһылыыр-көһүлүүр оруолун бөҕөргөтүөн сөбүн, Өлүөнэ муостата олохтоох нэһилиэнньэҕэ туох көдьүүстээҕин ырыттылар, тимир суолу тутууну түмүктээһин, национальнай бырайыактары олоххо киллэрии кыһалҕаларын дьүүллэстилэр.
“Саха сиригэр сомоҕолоһуу сыла» салааны салайбыт Николай Мартынов этэринэн, 2020 сылга уопсастыбаннай хамсааһыннарга элбэх болҕомто ууруллар кэриҥнээх. Кэммиэрчэскэйэ суох хамсааһыннар федеральнай кэрдиискэ тахсарын ситиһиэхтээхтэр эбит.
КӨХТӨӨХ ЫЧЧАТ СИТИҺИИТЭ
«Ыччат бириэмэтэ” бэстибээл номинацияларын кыайыылаахтара:
1. “Сыл лидера” – Виктор Климовскай, СӨ тутар этэрээттэрин салайааччыта. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннарын тутар этэрээттэрин хамандыыра;
2. «Сыл доброволеһа» - Розалия Данилова, «Полюс Добра» СДУ салайааччыта;
3. «Сыл наставнига» – Спартак Колесов, учуутал, «Беркут» байыаннай-патриотическай кулууп салайааччыта;
4. «Ыччаты кытта үлэлиир бастыҥ структура» – «Ылдьаа ыччаттара» Нам улууһун «Хатыҥ-Арыы» нэһилиэгэ;
5. «Бастыҥ уопсастыбаннай тэриллии» - Горнай улууһа;
7. «Бастыҥ устудьуоннар структуралара” – Чурапчытааҕы физкультура институтун идэлээх сойууһа;
Урукку сылларга баал хоруолун уонна королеватын талаллар этэ, билигин оннук суох буолбут.
СӨ ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистирэ Степан Саргыдаев: «Биһиги ыччаппыт Саха сирин сайыннарар кыахтаах. Бүгүн манна өрөспүүбүлүкэ саамай көхтөөх уонна бастыҥ ыччата муһунна. Бу сыл устата үгүскүт араас таһымнаах куонкурустарга, форумнарга, тэрээһиннэргэ кытынныгыт. Эһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар төһүү күүс буолаҕыт. Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан барыгытын эҕэрдэлиибин! Биир санаа, биир күүс буолан Сахабыт сирин сарсыҥҥытын түстүөҕүҥ! — диэн баҕа санаатын ыччакка анаата.
Өрөспүүбүлүкэ инники кэскилэ Арассыыйа атын регионнарын лидердэриттэн туох да уратыта суох буолуохтаах.