13.12.2023 | 17:00

Дьокуускайга «үрүҥ көмүс» волонтердар көрүстүлэр

Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинигэр, Арассыыйа доброволецтарын күнүн көрсө, «үрүҥ көмүс» волонтердар көрсүһүү киэһэлэрэ үрдүк таһымнаахтык тэрилиннэ.
Дьокуускайга «үрүҥ көмүс» волонтердар көрүстүлэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ  12 улууһуттан, 14 нэһилиэгиттэн 130 «үрүҥ көмүс» волонтер кытынна.

Волонтердары Арассыыйа доброволецтарын күнүнэн Саха сиринээҕи Доброволецтар ресурснай кииннэрин салайааччыта Айыллаан Винокуров эҕэрдэлээтэ уонна өйдөбүнньүк бэлиэлэри туттартаата.

Бу күн, Катакова Евдокия Петровна салалтатынан үлэлиир «Үтүө санаа кустуга» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн, Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьааччыларга 44 000 солкуобайы хомуйан уонна сылгы сиэлиттэн угунньулары оҥорон бэлэмнээтилэр. Маны таһынан, кинилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы «Торопыжкам с любовью» аһымал аахсыйаҕа кытталлар. Ол курдук, итэҕэс төрөөбүт оҕолорго анаан  бэйэлэрэ баайбыт пинеткаларын, наскыларын уонна массаастыыр пеленкалары бэлэмнээтилэр.

Көрсүһүү киэһэтэ олус сэргэхтик ааста. Тэрээһин саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри «үрүҥ көмүс» волонтердар толорууларыгар ырыа-тойук дьиэрэйдэ, үҥкүү-битии да тохтообото. Ю.А. Гагарин аатынан култуура уонна аныгы искусство киинигэр «Космос» айар туона иккис сылын босхо бырааһынньык эйгэтин олус үчүгэйдик тэрийэр. Айар кэлэктиипкэ уонна дириэктэр Евдокия Петровна Винокуроваҕа өрөспүүбүлүкэ «үрүҥ көмүс» волонтердара «Көрсүһүү биэчэрин» истиҥник, үрдүк таһымнаахтык тэрийбиттэрин иһин махталларын тиэртилэр.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...