04.06.2024 | 13:46

Дьокуускайга ойуур баһаарыттан муҥутуур сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтонно

Дьокуускайга ойуур баһаарыттан муҥутуур сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтонно
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥүттэн, бэс ыйын 4 күнүн 09.00 ч., от ыйын 1 күнүн 09.00 ч. диэри Дьокуускай куорат территориятыгар ойуур баһаарыттан муҥутуур сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ үлэлиир. 
Ойуур баһаарыттан муҥутуур сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ олохтоммут кэмигэр бобуллар:
- ойуур үлэтигэр туттуллар уонна ойуур баһаарын сэрэтиигэ уонна умуорууга үлэлиир тырааныспартан ураты тиэхиньикэнэн ойуурга тахсыы;
- ойуурга үлэлиир дьонтон ураты нэһилиэнньэ ойуурга, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр, саппаас сирдэргэ тахсыыта;
- аһаҕас уокка мангалы о.д.а. тэрили туттан ас буһарар. Уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ (эрэстэрээн, кафе, бар, остолобуой, пиццерия, кофейня, бэлимиэн, блинынан эргинэр тэрилтэлэр) аһылыгы аһаҕас уокка мангалы уо.д.а. тэрили туттан анал быһыллыбыт сиргэ баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатынан чоҕунан буһараллара көҥүллэнэр;
Уокуруктар управалара, нэһилиэктэр дьаһалталара, салайар хампаанньалар уонна ТСЖлар тиэргэн бөҕүн ыраастааһыны күүһүрдэллэр. Саадынан, оҕуруотунан дьарыктанар табаарыстыбалар баһаартан сэрэхтээх буолууга аналлаах мунньах ыытарга рекомендация ыллылар. Патруллуур уонна патруль-манёвр бөлөхтөрө муҥутуур бэлэм буолуу эрэсиимигэр көһөрүлүннүлэр.
Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии иһин эппиэтинэс туһунан:
«Ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии» 8.32. ыстатыйатынан ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии иһин административнай эппиэтинэс:
- гражданнарга 15 тыһыынчаттан 30 тыһыынча солкуобайга диэри;
- дуоһунастаах сирэйдэргэ – 30 тыһыынчаттан 50 тыһыынчаҕа диэри;
- юридическай сирэйдэргэ – 100 тыһыынчаттан 400 тыһыынчаҕа диэри.
Ойуур ыксатыгар турар сир учаастактарыгар, ойуурга, 0.5 м итэҕэһэ суох кэтиттээх минерализованнай балаһанан быһыллыбатах сирдэргэ хаппыт оту, маһы, онтон да атын түргэнник умайар ойуур матырыйаалын баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһэн уматыы иһин административнай ыстараап:
- биирдиилээн дьоҥҥо 30 тыһыынчаттан 40 тыһыынча солкуобайга диэри;
- дуоһунастаах дьоҥҥо – 40 тыһыынчаттан 60 тыһыынча солкуобайга диэри;
- юридическэй сирэйдэргэ – 300 тыһыынчаттан 500 тыһыынча солкуобайга диэри.
Бу ыстатыйа 1, 2 чаастарын кэһии иһин административнай ыстараап кээмэйэ 40 тыһыынчаттан 50 тыһыынча солкуобайга диэри; дуоһугастаах сирэйдэргэ – 50 тыһыынчаттан 80 тыһыынча солкуобайга диэри; юридическай сирэйдэргэ – 500 тыһыынчаттан 1 мөл. сокуобайга диэри.
Ойуур баһаарыттан муҥутуур сэрэхтээх буолуу эрэсиимигэр баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһии иһин административнай накаастабыл:
- биирдиилээн дьоҥҥо 40 тыһыынчаттан 50 тыһыынча солкуобайга диэри;
- тэрилтэ салайааччыларыгар – 60 тыһыынчаттан 90 тыһыынча солкуобайга диэри;
- тэрилтэлэргэ – 600 тыһыычаттан 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри.
Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии түмүгэр уоту ыытан киһи доруобуйатыгар эчэйиини оҥоруу иһин, өскөтүн ити дьайыылар (дьаһаллары ылыммат буолуу) холуобунай буруйга тэҥнэммэт буоллахтарына, административнай ыстараап кээмэйэ:
- гражданнарга 50 тыһыынчаттан 60 тыһыынча солкуобайга диэри;
- тэрилтэ салайааччыларыгар – 100 тыһыынчаттан 110 тыһыынча солкуобайга диэри;
- тэрилтэлэргэ – 1 мөлүйүөнтэн 2 мөлүйүөн солкуобайга диэри.
Быһаарыы: бу ыстатыйанан административнай буруй иһин юридическай сирэй буолбатах урбаанньыттар административнай эппиэтинэһи юридическэй сирэй курдук сүгэллэр.
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах-быһыыга-майгыга управлениета

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...