Дьокуускайга оҕону ыт ытырда
Быһылаан атырдьах ыйын 6 күнүгэр Крупская уулуссатын 37 №-дээх дьиэтин тиэргэнигэр буолбут. Ытырыллан баран оҕо дьонугар тута кэпсээбэтэх, онон медицинскэй тэрилтэҕэ хойутаан көрдөрбүт.
«Полиция быһылаан докумуоннарын, оҕо аҕатын сайабылыанньатынан, ыт хаһаайыттарын административнай эппиэтинэскэ тардар курдук СӨ Ветеринариятын департаменыгар тиксэрдэ», - диэтэ «Автодорожнай уокурук управата» МХТ салайааччыта Николай Обоюков.
«Кыылга эппиэтинэстээх сыһыан» диэн 498 №-дээх РФ Федеральнай Сокуонугар олоҕуран, дьиэ кыылларын көрүүтэ-истиитэ суох босхо ыытар көҥүллэммэт. Мэччитэ таһаарыы гражданнарга, атын кыылларга, физическэй уонна юридическай сирэйдэргэ кутталы үөскэтиэ суохтаах.
Дьиэ кыылын хонтуруола суох массыына суолугар, элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэнигэр, оҕо уонна спорт балаһааккаларыгар ыытар бобуулаах.