13.05.2024 | 13:06

Дьокуускайга – Ньургуһун бырааһынньыга

Дьокуускайга – Ньургуһун бырааһынньыга
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 18 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ Намнааҕы П.П. Ядрихинскай – Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин иһинэн тэриллибит түмсүү көҕүлээһининэн үгэскэ кубулуйбут Ньургуһун киэһэтигэр ыҥырар.

Бу күн Ленскэй нэһилиэк уус-уран самодеятельнаһын айар талааннаахтарын күүһүнэн «Эҥсиэлилэр ньургуһуну уруйдууллар» ырыа-үҥкүү түһүлгэтэ тэриллиэҕэ. 
Ньургуһун Сахабыт сирин кэрэ сибэккитэ. Саамай күүтүүлээх, дьон дууһата үөрэр, сүрэҕэ таптыыр, оҕо аймах дьоллонор, улахан дьон сүгүрүйэр сааскы манҥайгы сибэккибит. Ньургуһун хоһооҥҥо хоһуйуллар, ырыа буолан дьиэрэйэр, тойук буолан туойуллар, ахтылҕан буолан ахтыллар. Ньургуһун саас аайы тапталлаах Сахабыт сирин үрдүк мырааннарын, киэҥ сыһыыларын, кырдалларын кэрэнэн симиир, дьикти мүөттээх сытынан дыргытар, диэн иһитиннэрэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...