25.08.2021 | 14:30

Нэдиэлэ устата 2 тыһыынча куб.м тахса чалбах хачайданна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ киин куорат хомунаалынай сулууспалара күүһүрдүллүбүт эрэсииминэн суол намыһах сирдэриттэн уонна аттынааҕы территориялартан ууну хачайдыыллар.

«Жилкомсервис» МУТ иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын 25 күнүгэр куорат уулуссаларыгар күнүскү симиэнэҕэ муниципальнай тэрилтэ 6 тиэхиньикэтэ тахсыбыт. Бу күн сарсыарда 11 чаастааҕы туругунан ассенизаторскай массыыналар 310 куб. миэтэрэ чалбаҕы оборторбуттар. Ууну хачайдааһын Ленин проспегар, Лермонтов, Хабаров, Горькай, Богдан Чижик, Ярославскай, Ойуунускай, Каландаришвили, Челюскин, Очиченко, Бабушкин уонна Ильменьскай уулуссаларга ыытыллар.

«Атырдьах ыйын 16-24 күннэригэр тэрилтэбит үлэһиттэрэ барыта 2189 куб. миэтэрэ ардах уутун күнүстэри-түүннэри хачайдаатылар. Бүгүн түүҥҥү симиэнэҕэ чалбахтары хачайдыырга 6 ассенизаторскай массыына тахсыаҕа», – диэтэ «Жилкомсервис» МУТ эксплуатационнай салаатын начаалынньыга Наталья Брылева.

«Якутдорстрой» АУо иһитиннэрбитинэн, намыһах сирдэртэн ууну хачайдааһыҥҥа 6 АСМ массыына үлэлиир. Хачайдааһын Дзержинскэй, Якутскай, Богдан Чижик, Кальвица, Октябрьскай, Ойуунускай, Тимирязев, Очиченко, Чехов, Каландаришвили, Лонгинов уулуссаларыгар ыытыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...