Дьокуускайга муус устар 1-30 күннэригэр үлэ харыстабылын ыйа буола турар
Үлэ харыстабылыгар аналлаах ый Олохтоох дьаһалта дьиэтигэр «Үлэ харыстабыла. Экспо-2024» быыстапка-дискуссияттан саҕаланна.
Олохтоох дьаһалта баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова бэлиэтээбитинэн, үлэ харыстыбылыгар аналлаах ый сыл аайы Дьокуускай куорат территориятыгар үлэ усулуобайатын тупсарар, үлэ миэстэтэ куттала суох буолуутун хааччыйар, үлэни кытта сыһыаннаах ыарыы ахсаанын аҕыйатар сыалтан ыытыллар.
Быыстапка-дискуссия кыттыылаахтарыгар бу күн экспертэр «Айылҕа уларыйыыта тэрилтэ үлэһиттэрин доруобуйатыгар уонна үлэ хаачыстыбатыгар сабыдыала», «Идэни кытта сыһыаннаах ыарыылар уонна медосмотр», «Доруобай аһылык - доруоуйа төрдө», «Бастакы көмөнү оҥорууга үөрэтии», «Ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр үлэһиттэр тугу гыныахтаахтара», «Үлэһит доруобуйатын харыстыыр уонна бөҕөргөтөр бырагыраамалар» тиэмэлэргэ лиэксийэлэри аахтылар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.