Дьокуускайга мобильнай кванториум үлэлээтэ
Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар “Кванториум” мобильнай технопарк аһыллыытын сиэрэ-туома буолан ааста.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко, Үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев, Дьокуускай баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев кытыннылар. “Кванториум” мобильнай технопарк – элбэх хайысханы түмэ сылдьан айанныыр массыына. Манна виртуальнай ньыманан үлэлиир усулуобуйа, 3д принтердар, лазернай гравер, хомуйар уонна силимниир зона, 3д моделирование бырагырааманан хааччыллыы, ГИС-технологиялар о.д.а. бааллар.
Тэрээһин кэмигэр настаабынньыктар оҕолорго онлайн маастар-кылаастары ыыттылар, хамаанданан үлэлииргэ, бырайыактары олоххо киллэрэргэ туох наадатын быһаардылар.
“Кванториум” мобильнай технопарк Саха сирин ыраах улуустарыгар эбии үөрэхтээһин бырагыраамаларын тиэрдэргэ көмөлөһүөхтээх. Ыччат ортотугар техническэй идэлэри билиһиннэрэргэ, наукаҕа интэриэһи үөскэтэргэ төһүү күүс буолар аналлаах.
Бу бырайыак “Үөрэхтээһин” бырайыак “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” федеральнай таһымнаах куонкуруһун түмүгүнэн олоххо киирдэ. Мобильнай технопаркаҕа 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ «Промышленнай дизайн», «Промышленнай робототехника», «Информационнай технологиялар», «Разработка VR/AR приложений», «Аэротехнологиялар», «Геоинформационнай технологиялар» уонна «Хайтек» хайысхаларынан дьарыктаныахтара. Үөрэх дьылын түмүгэр оҕолор бэйэлэрин айымньыларын научнай чинчийии быһыытынан таһаарыахтара.
Быйылгы үөрэх дьылыгар мобильнай технопарк Уус Алдаҥҥа, Намҥа, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Дьокуускайга үлэлиэҕэ. Сыллата түөрт көлөһөлөөх “Кванториумҥа” 3000-тан тахса оҕо дьарыктаныаҕа.