Дьокуускайга миграннары бэрэбиэркэлииллэр
Полиция сотрудниктара миграционнай сокуону кэһиини бэрэбиэркэлииргэ, омук гражданнара буруйу оҥороллорун уонна быраабы кэһэллэрин сэрэтэр үлэҕэ туһулуммыт тэрээһиннэри ыыттылар. Ол иһигэр тутуу эбийиэктэрин уонна атыы-эргиэн туочукаларын бэрэбиэркэлээтилэр.
Ол курдук, ахсынньы 12 күнүнээҕи туругунан, миграционнай полиция иммиграционнай хонтуруол эйгэтигэр тахсыбыт административнай быраабы кэһии түбэлтэлэрин буллулар, итиэннэ силиэстийэ уорганнарыгар буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан суругунан биллэрдилэр.
Холобурга, миграционнай полицейскайдар сорох дьоҥҥо, Арассыыйа Федерациятын Холуобунай кодексатыгар олоҕуран, буруйу оҥоруу 16 бэлиэлэрин буллулар. Ол курдук, сорох буруйу оҥоруу «Омук гражданинын эбэтэр гражданствота суох сирэйи Арассыыйа Федерациятыгар олорор дьиэҕэ сымыйа (фиктивнай) көрүҥүнэн учуокка туруоруу» 322.3 ыстатыйаҕа уонна «Сымыйа докумуоннары, судаарыстыбаннай наҕараадалары, бэчээттэри оҥоруу эбэтэр тарҕатыы» 327 ыстатыйаҕа сөп түбэһэр. Итини сэргэ, 50-тан тахса административнай боротокуол оҥоһулунна.
Эпэрээссийэ өрөспүүбүлүкэ территориятыгар ахсынньы 14 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.