14.11.2023 | 15:00

Дьокуускайга М.Е. Николаев пааматынньыга туруоруллуоҕа

Ил Дархан Айсен Николаев Бастакы бэрэсидьиэн туһунан өйдөбүлү үйэтитэр ыйааҕа таҕыста. Ыйаахха судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас, тэрилтэлэр, биэдэмистибэлэр уонна олохтоохтор этиилэрэ киирдилэр диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дьокуускайга  М.Е. Николаев пааматынньыга туруоруллуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Михаил Ефимович личность быһыытынан таһыма баараҕай. Бастакы бэрэсидьиэн Саха сирин уонна Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннаһын уонна социальнай-экономическэй сайдыытын түстүүр конституцияларыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн. Ыйаах кини нэһилиэстибэтин кэлэр көлүөнэлэргэ анаан үйэтитэргэ төһүү күүһүнэн буолуоҕа», – диэтэ Айсен Николаев.

Ыйаахха олоҕуран, Бастакы бэрэсидьиэни чиэстээн, «Во славу и пользу Республики» бочуоттаах бэлиэ олохтонно.

Ыйаахха чэрчитинэн элбэх тэрээһин ыытыллар, ол иһигэр Дьокуускай Киин уокуругар  М.Е. Николаев пааматынньыга туруоруллуоҕа, оттон дойдутугар, Өктөмҥө – өйдөбүнньүк комплекса тутуллуоҕа. Итиэннэ, Михаил Николаевы чиэстээн, «Во славу и пользу Республики» бочуоттаах бэлиэ олохтонно.

Сылын аайы балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнүгэр, Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр үөрүүлээх тэрээһин ыытыллар буолуоҕа.

Хаҥалас улууһугар научнай чинчийиилэри, аныгы технологиялары бэрэбиэркэлээһини ыытарга «Ленский край» научнай-технологическэй кластер оҥоһуллара былааннанар.

Подмосковьеҕа баар «Бэс Чагда» санаторийга М.Е. Николаев аата иҥэриллиннэ, РФ бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир СӨ бэрэстэбиитэлистибэтигэр Бастакы бэрэсидьиэн аатынан саала аһыллыаҕа.

«Знанием победишь» М.Е. Николаев үөрэнээччилэргэ, устудьуоннарга, педагогтарга, култуура уонна искусство деятеллэригэр анаммыт стипендиятэ судаарыстыбаннай статустанна. Стипендияны сылын аайы, сэтинньи 13 күнүгэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыахтара.

«Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар саамай кыра саастаах кыттааччытыгар анаан Бастакы бэрэсидьиэн Кубога олохтонно.

М.Е. Николаев туһунан киинэ уһуллуоҕа, «Время Николаева», «Я вечно буду благодарен своему народу», «Избранные труды Первого Президента Республики Саха (Якутия) Михаила Ефимовича Николаева», «Продолжение эпоса» кинигэлэр тахсыахтара. Олохтоох дьаһалтаҕа киин куорат Автодорожнай уулуссатын М.Е. Николаев аатынан проспект оҥорорго сүбэлэннэ.

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....