Дьокуускайга Кыайыы күнүгэр туох ыытылларый?
Ыам ыйын 2 күнүгэр Олохтоох дьаһалтаҕа куорат баһылыгын солбуйааччы Руслан Тимофеев салалтатынан Кыайыы күнүн бырааһынньыгын тэрийэр мунньах буолан ааста.
Ол курдук, былаан быһыытынан, сүрүн тэрээһиннэр ыам ыйын 6 күнүттэн саҕаланыахтара. Оттон уокуруктарга, нэһилиэктэргэ, үөрэх тэрилтэлэригэр бүгүҥҥүттэн, ыам ыйын 3 күнүттэн, саҕаланнылар.
Ыам ыйын 6 күнүгэр «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа саҕаланыаҕа. Эмиэ бу күн Преображенскай Кафедральнай собортан Кыайыы болуоссатын таһынааҕы часовняҕа диэри үгэс буолбут Кириэстээх хаамыы ыытыллыаҕа.
Ыам ыйын 8 күнүгэр Кыайыы болуоссатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйа ыытыллыаҕа.
Ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы болуоссатыгар нэһилиэнньэни байыаннай парад, бырааһынньыктааҕы кэнсиэр күүтэллэр.
Санатар буоллахха, «Өлбөт үйэлээх полка» уонна Кыайыы салюта быйыл ыытыллыбаттар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.