Дьокуускайга куорат Күнүгэр төрөөбүт оҕолору үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаардылар
Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы Перинатальнай киин аактабай саалатыгар куорат Күнүгэр төрөөбүт 15 кырачааны – 8 кыыһы уонна 7 уолу үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьиэлэригэр таһаарыы буолла.
Үөрүүлээх күнүнэн кырачааннар ийэлэрин Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга Министириэстибэтин иһинэн үлэлиир социальнай харалтаҕа уонна үлэҕэ Управление салайааччыта Семен Матвеев, Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ клиническэй балыыһатын кылаабынай бырааһа, куорат Думатын депутата Николай Васильев эҕэрдэлээтилэр.
«Мин бэйэм икки оҕолоохпун, икки төгүл кинилэри көрсө манна кэлбитим. Бүгүн эһиэхэ эмиэ үөрүүлээх сүпсүлгэн уонна түбүк. Оҕолоргут күн аайы үөрдэ туралларыгар, чэгиэн доруобуйалаах, өйдөөх буолалларыгар, удьуоргутун үтүө дьыаланан салҕаатыннар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин», – диэтэ Евгений Григорьев.
Социальнай харалтаҕа уонна үлэҕэ Управление начаалынньыга Семен Матвеев дьиэ кэргэттэргэ ханнык социальнай мэктиэлэр уонна босуобуйалар көрүллэллэрин, ийэ хапытаалын уонна региональнай төлөбүрдэр тустарынан кэпсээтэ. Кини икки ийэ сэттис уонна тохсус оҕолоругар күн сирин көрдөрбүттэрин бэлиэтээтэ.
«Куорат Күнүгэр саҥа, табыгастаах, аныгы тэриллээх Перинатальнай кииммитигэр 15 саҥа куорат олохтооҕо баар буолла. Кэлэктиип аатыттан инники өттүгэр өссө даҕаны манна көрсүөхпүтүн баҕарабын», – диэн ийэлэри кылаабынай быраас Николай Васильев эҕэрдэлээтэ.
Бары ийэлэргэ бу күн Уокуруктааҕы дьаһалта, Социальнай харалтаҕа уонна үлэҕэ Управление уонна Перинатальнай киин ааттарыттан бэлэхтэри туттардылар.